Главная / Библионовости / “Үрүҥ Торуоска”  декадаҕа аналлаах улахан тэрээһин ыытылынна.

“Үрүҥ Торуоска”  декадаҕа аналлаах улахан тэрээһин ыытылынна.

Бүгүн, алтынньы 24 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Фёдорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа   “Үрүҥ Торуоска”  декадаҕа аналлаах улахан тэрээһин ыытылынна.

   Сарсыардаттан харахтарынан мөлтөхтүк көрөр уонна көрбөт дьоҥҥо анаан Норуот айымньытын киинин специалистара: кырыымпаҕа А. Алексеев, хомус тардыытыгар Н. Борисов, күпсүүргэ А. Миронов маастар кылаас ыыттылар.

Күн иккис аҥаарыгар социальнай кыҺалҕалары быһаарарга “Төгүрүк остуол” ыытыланна.

 Манна кыттыыны ыллылар: ҮөҺээ Бүлүү улууһун МТ социальнай боппуруоска баҺылыгы солб. Тойтонова Л.С., көрбөттөр обществоларын председателэ Заболоцкая А. Н., врач офтальмолог Иванова Г.Д., ФСС кылаабынай специалиһа Иванова А.Н., МФЦ начальнига Малычехорова Н.В.,

УСЗН салайааччыта Николаева Е.Н.

Төгүрүк остуол тула кэпсэтиигэ инвалидтарга соцконтракт, босхо эмп, санитарно-курортнай эмтэнии, пенсия анааһына о.д.а. боппуруостарга кэпсэтиилэр буоллулар.

Салҕыы библиотека “ОЛОХ КЭРЭ” бырайыагын тэрээһинин дьоруойдарынан

Үөһээ Бүлүүтээҕи көрбөттөр обществоларын спортка, культураҕа ситиһиилэрдээх үлэһит дьоно буоллулар.

Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан

А И.Васильев – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, мелодист;

 Лёня Ноговицын – ааҕыыга улуус, республика күрэхтэрин кыайыылааҕа;

 М.Е.Сидорова – Тамалакан нэһилиэгин олохтооҕо,  С.М.Сячикова – саҥаны- сонуну дьарыгырар, кэтэх хаһаайыстыбаны өрө тутааччы дьоммут кыттыыны ыллылар.

С. Саргыдаева, Н. Ильина толорууларыгар ыалдьыппыт Александр Васильев матыыбыгар “Күөрэгэй”, “Хотун Бүлүү” ырыалар ылланнылар.

Ю. Васильев-Дьураай, 4 нүөмэрдээх оскуола 3 кылааҺын үөрэнээччилэрин толорууларыгар эҕэрдэ ырыалар ылланнылар. “Санаа ситимэ” түмсүүтүн чилиэннэрэ ааҕыыларыгар суруйааччы И. Горнай хоһоонноро ааҕылыннылар. “Кэрэни кэрэхсээн”

Светлана Михайловна Сячикова хаартыскаҕа түҺэриилэринэн быыстапка дьон сэҥээриитин ылла.

Бу тэрээһиҥҥэ Кэнтиктэн, Тамалакаантан кыттыыны ыллылар.