Главная / Библионовости / Үөһээ Бүлүү улууһугар Дапсы дьыктаанын түмүгэ

Үөһээ Бүлүү улууһугар Дапсы дьыктаанын түмүгэ

Үөһээ Бүлүү улууһугар бу сыл сэтинньи 7 күнүгэр «Биһирэм тыл күнүн» иитинэн үһүс төгүлүн «Дапсы дьыктаана» ыытылынна.
Сыала-соруга – М.П.Алексеев-Дапсы үөрэҕин киэҥник тарҕатыы, саха тылын билиини чиҥэтии, сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы, төрөөбүт тылынан таба суруйар таһымы үрдэтии.
П.А. Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» айымньытынан таба суруйууга уонна сурук бэлиэтин туоруорууга тургутууну 405 киһи ааста, ол иһигэр оскуола саастаах оҕолор.
«Дапсы дьыктаана» улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи сүбэ мунньаҕыттан саҕаланна. Ол курдук, улуус бары нэһилиэктэригэр 29 былаһаакканан дьыктааны суруйдулар. 81 киһи «туйгун» сыанаҕа, 175 киһи «үчүгэй», 149 киһи «орто» сыанаҕа. Быйыл дьон кыттыыта былырыыҥҥы көрдөрүүттэн элбээбит уонна хаачыстыбата тупсубут.
Бэйэбит саҥарарбытынан (түөлбэ тыла) суруйан «ньүөлүйэр-нүөлүйэр», «төттөрү-төптөрү» тылларга сыыһалар бааллар, П.Ойуунускай санаа күүрүүтүн сурук бэлиэтинэн көрдөрбүтүн ыарырҕаттылар.
Элбэх киһи Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, Боотулуу, Кырыкый, Сургуулук, Туобуйа нэһилиэктэригэр суруйдулар. Дьыктаан тиэкистэрин саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталлара суруйуу быраабылатын уонна кэриҥнэрин тутуһан аахтылар, сыаналаатылар. «Туйгун суруксут», «Үчүгэй суруксут» диэн Добун суруктарынан уонна «Туоһу суруктарынан» бэлиэтэннилэр.

Эбэн эттэххэ, Үөһээ Бүлүү улууһугар бу дьыл сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүт иҋэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы төрөөбүт күнэ – «БИҺИРЭМ ТЫЛ күнүнэн» бэлиэтэнэр.