Буолар сирэ: Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ, Өктөөп уулуссата, 17 дьиэ.
Ыытыллар кэмэ: олунньу 29 күнэ, 11:00
Тэрийээччилэр: О.Д.Федорова аатынан улуус бибилэтиэкэлэрин кииннэммит ситимэ, улуус Ийэ тыл Сүбэтэ
Сыала-соруга:
-Ийэ тыл баайын, кыаҕын, устар ууну сомоҕолуур күүһүн сатаан сөпкө туттуу, суолтатын үрдэтии, туттуллар эйгэтин кэҥэтии;
-Тыл этии үөрэҕэр тирэҕирэн, дьон-сэргэ ылынарын курдук бэйэ санаатын толору этэргэ үөрэнии;
-Төрөөбүт ийэ тыл кэрэтин ыччакка иҥэрэн, тыл бараммат баайбыт буоларын итэҕэтии, тылы харыстыыр, араҥаччылыыр, сайыннарар үлэ барыахтааҕын өйдөтүү.
Кыттааччылар: Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ньурба, Сунтаар улуустарын ыҥырыыны ылынан кэлбит хамаандалара. Хамаандаҕа биэс киһи киирэр: үс эр киһи онтон биирэ ыччат, икки кэрэ аҥар онтон биирэ ыччат (ыччат сааһа 34 быһыллар) буолуохтаах.
Ирдэбилэ:
-Сахалыы таҥас;
-Күрэс үс түһүмэхтээх.
-Үһүс түһүмэххэ икки бастыҥ хамаанда кыайыылаҕы быһаарсаллар.
Түһүмэхтэр:
1)Бастакы түһүмэх
Эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлбит тиэмэҕэ 5 мүнүүтэҕэ тыл этии. Тыл этээччи ханнык баҕарар тиэмэни ылыан сөп.
Бастаан сэрэбиэйдээн ханнык улуус хасыһынан тахсарын чопчуланар. Хамаанда иһиттэн ким бастакынан,.. ким бүтэһигинэн тыл этэрин хамаанда бэйэтэ быһаарар.
2)Иккис түһүмэх
Дьүүллүүр сүбэ эрдэттэн булбут тиэмэлэриттэн талан ылан 5 мүнүүтэ бэлэмнэнээт тыл этии. Иккис түһүмэххэ бастакыга курдук эмиэ сэрэбиэй ыытыллар
Улуустан кэлэр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиир киһи 5 тиэмэни толкуйдаан илдьэ кэлиэхтээх. Барытын холбоотоххо 20 тиэмэ баар буолар.
3)Үһүс түһүмэх
Бу түһүмэххэ бастакы икки түһүмэх кэнниттэн элбэх бааллаах икки хамаанда тахсар.
Манна хамаанда барыта тахсан талан ылбыт өс хоһоонунан 10 мүнүүтэлээх тыл этэр. Саҕалыан иннинэ 5 мүнүүтэ бэлэмнэнэр. Тыл этэллэригэр ким кэнниттэн ким этэрин бэйэлэрэ быһаараллар, ол быһаарбыттарынан субуруччу кэпсииллэр (хас биирдии киһиэхэ 2 мүнүүтэ бэриллэр). Тыл этии биир айымньы курдук буолуохтаах, кэпсээччилэр икки ардыларыгар тохтоон хаалыы, ситим быстыыта суох буолуохтаах, тиэмэ ис хоһооно арыллыахтаах, өс хоһоон суолтатын истээччилэр өйдүөхтээхтэр.
Тиэмэлэр:
“Үчүгэй майгыҥ – көтөр кынатыҥ”, “Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат”, “Киһи тыла – уоттааҕар абытай”, “Аҕыйах тыл – минньигэс, элбэх тыл – сымсах”, “Киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай”, “Албын тыла сыатааҕар минньигэс”, “Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҕыҥ”, “Оннооҕор үүнэр от-мас үрдүктээх-намыһахтаах”, “Ууһу кытта олорор уус буолар”, “Күн сири сырдатар, үөрэх – киһини”, “Ыалдьартан илии, татыыртан харах арахпат”, “Халлаантан ас түһүө диэн айаххын атыма”, “Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ тухары умнуллубат”, “Олох олоруу ыраас хонууну туорааһын буолбатах”, “Тиэтэйбит сыарҕа сыыр анныгар хаалар, тиэтэйбэтэх сыарҕа сыыр үрдүгэр тахсар”, “Үчүгэй доҕор эмискэ көстүбэт”.
Сыаналааһын ирдэбилэ:
1)Тутула: Тыл этиини саҕалааһын, этиилэри сөпкө ситимнээ тиэмэни арыйыы, түмүктээһин, бириэмэни тутуһуу.
2)Тыла-өһө: уу сахалыы тыл, уус-уран ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманы туттуу, тыл этии иэйиитэ, истээччигэ дьайыыта.
3)Тыл этии уратыта: этэр тыл ис хоһоонугар сөп түбэһэр туттуу-хаптыы, тыл тэтимин араастаан уларытыы, куолас эгэлгэтин туһаныы.
Кыайыылаахтары быһаарыы:
Кыайыылаах үһүс түһүмэх түмүгүнэн быһаарыллар. Үһүс миэстэни хаалбыт хамаандалартан элбэх бааллааҕа ылар.
Наҕараадалааһын:
Кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар Туоһу сурук бэриллэр.
Кыайыылаахтары Добун сурук уонна бириис күүтэр.
Төгүрүк остуол: “Ийэ тыл кэскилэ” 15:00 – 17:00
Сайаапканы олунньу 27 күнүгэр диэри бу аадырыска ыытаҕыт: gae1209@bk.ru
Тэрийэр бөлөх