Бүлүү Эбэ кэскилэ кэхтибэтин!

Үөһээ Бүлүүтээҕи О. Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын үлэһитэ Галина Афанасьевна Саввинова “Үөһээ Бүлүүм – үрдүк үөрүүм” бырайыагынан периодическай таһаарыылартан уонна кинигэлэртэн түмпүт Бүлүү эбэбит туһунан хоһоонноро. “Үөһээ Бүлүүм – үрдүк үөрүүм” бырайыак сыала-соруга:  Үөһээ Бүлүү улууһун хоһооннорунан хоһуйбут олохтоох уонна атын ааптардар айымньыларын үйэтитии. Галина Саввинова Бүлүү эбэ кэрэ көстүүтүн кэрэхсээн түһэрбит хаартыскалара киирдилэр.

СӨ норуотун бэйиэтэ Семен Титович Руфов

Бүлүү өрүһүгэр

 

Тымныыга кыайтаран оргууйдук

Тыаһа суох быаргынан сынаҕын,

Илистибит бухатыыр курдук

Иҥииргин тартаран ылаҕын.

Оччоҕо муус куйах үллүгүҥ

Ойуттар, хайыта ыстанар,

Кыһыйбыт-абарбыт сүүрүгүҥ

Кырыылаах таастарга аалынар…

Саас кэлэн, сабыыгын илгинээт,

Саҥа уу эбиллэн, тиллэҕин,

Күүтүүлээх көҥүлгүн билинээт,

Көбүөхтээн өрүтэ түллэҕин.

Кыдьымах быһыттан хаайтаран

Кытылгын көҥүтэ анньаҕын,

Аарыма Ленаҕа кыттыһан

Акыйаан аанынан ааһаҕын.

Халыйар былыкка мустаҕын,

Хаар-самыыр буолаҥҥын түһэҕин –

Хайаан да эргиллэ тураҕын,

Хаһан да уолбакка сүүрдэҕин!

К Вилюю

Когда приказ морозам дан

Смирить течение быстрых вод,

Ты, как могучий великан,

Лишенный силы в свой черед.

Тогда твоя броня из льда

Сжимается со всех сторон,

Шумит разгневанно вода,

В могучий взятая полон.

Но силы все собрав весной

В освободительный порыв,

Ты, скинув панцирь ледяной,

Вздохнешь, свободу ощутив.

Преграду встретив на пути,

Ее крушишь, от гнева пьян,

Чтоб воды радостно нести

С могучей Леной в океан.

А превратившись в облака,

Вода дождями упадет…

Не иссякаешь ты, река,

И вечен твой круговорот!

СӨ норуотун бэйиэтэ Василий Тарасович Сивцев

Бүлүү Хотун

Өрүкүйэр өрүс күөх долгунун

Үллэр баалыттан уһун суһуоҕун

Субуйбутунан күлүмнээн тахсан,

Чээл күөх кырыстан тирэнэн туран,

Бүлүү хотун,

Күөрэччи уун

Күн тааһын, дьол тааһын –

Күлүмнүүр алмааһы!

Аптаах тааска күн уота саалынна,

Аан дойду киэҥ иэнэ сандаарыйда,

Чыычаах тойуга күүскэ чугдаарда,

Бүлүү үрдүгэр оһуокай дуорайда:

Бүлүү хотун,

Күөрэччи уун

Күн тааһын, дьол тааһын –

Күлүмнүүр алмааһы!

Саха норуотун сайдар дьылҕатын

Үрдүк үктэлгэ көтөҕөр иһин,

Партиябыт кэскиллээх ыйыытын

Күргүөм үлэҕэ толоро иһин,

Бүлүү хотун,

Күөрэччи уун

Күн тааһын, дьол тааһын –

Күлүмнүүр алмааһы!

Степан Егорович Дадаскинов

Бүлүү Хотун

Былыр өбүгэ дьоннорбут

Биэрэккэр киирэллэрэ:

«Сыа Бүлүү Хотуммут

Сырдаа, ымай!..» дииллэрэ.

Үтүө ааккын ааттааннар,

Үөрэннэр, махтананнар

Үрдүк дабаан арҕаһыгар

Үүммүт бэс лабаатыгар.

Сиэл, таҥас баайаллара,

Салама-бэлэх уураллара,

Ону саас хомуйарыҥ,

Халлааҥҥынан харайарыҥ.

Бүгүн ону киэргэнэҥҥин,

Илин, кэлин кэбиһэҥҥин

Кытылгар тахсан кэлиэҥ,

Кырылас тааскар үктэниэҥ?

Үрүҥ илгэ үксүүрэ,

Үүнүү-быйаҥ дэлэйэрэ,

Хайыҥнааҕыҥ бултанара,

Хайа курдук кыстанара.

Бүлүү Хотун мичээринэн,

Бүлүү Хотун бэлэҕинэн

Эһиэкэйбит тойугар

Эҥээриччи хоһуллар…

Ону сэргээн истэҥҥин,

Оһуохайга киирэргин

Кырасыабай кыргыттаргын –

Кылбаҥ маҥан долгуннаргын

Арыаллатан таҕыстыаҥ?

Арылы күөххэ хаамтыаҥ?

Мөлбөйө туолан, үрдээн

Мөһүүрэнэн күлүмүрдээн.

Өрө ууммут алмааскын

Өйдөөн көрөн бараммын

Сэрэйдим ээ, тиэтэйбиккин

Тэтимнээхтик тирэммиккин.

Ити аата герой дьоҥҥун –

Ииппит-аһаппыт оҕолоргун

Уруйдаары тахсыбыккын,

Уоттаах тааһы ууммуккун!

Эһи чэрдээх илиилээхтэр,

Эрбэхтэригэр этиҥнээхтэр

Быйаҥы барҕардаҕыт,

Бэлэҕиҥ диэҥҥит сыыһаҕыт…

Аныгылыы, саҥалыы

Аар-саарга аатырардыы

Эһи миигин киэргэтэҕит,

Эһи миигин симиигит.

Норуллар уһун суһуохпар,

Куба маҥан моонньубар

Алмаас симэх күлүмнүүр,

Көмүс ытарҕа үҥкүүлүүр.

Уубуттан уоту уматаҥҥыт

Тырым чаҕылы саҕаҥҥыт

Кытылларбар тиһэҕит –

Кыыһар сарыал иэдэстиигит.

Былаатым – күөх төлөн!

Көстөөх сиртэн көтөллөнөн

Көстөр эбээт! Көрүҥ эрэ,

Көй сулус миэхэ мичээрэр!

Истиҥ, истиҥ, Бүлүүлэр

Ийэ өрүспүт ити этэр!

Эһиги албан ааккытын,

Эһиги килбиэн кыайыыгытын

Сулустарга кэпсии турар,

Сырдык символы өрө уунар!..

Иван Еремеевич Иванов-Уйбаан Ороһуунускай

Үөрэр Хотун Бүлүүм

Дьоллоох эдэр сааска

Дьоһун кэмнээх чааска,

Кэрэ нарын дьөрбө

Кыыһан күҥҥэ уунна.

Саҥа күнү көрсө

Сарыал сииккэ суунна

Үөрэр Хотун Бүлүүм

Үүнэр Үөһээ Бүлүүм.

Уйан тылтан тапсан

Уоллаах кыыспыт тупсан,

Таптал сиккиэр тыала

Тыынар салгын буола.

Сирэм күөххэ сүүрдэ,

Сайдам санаа күүрдэ –

Үөрэр Хотун Бүлүүм,

Үүнэр Үөһээ Бүлүүм.

Алмаас чаҕыл тыкта,

Алаас ача аста,

Бүлүү ГЭС-пит күллэ,

Бүтэй Бүлүү түллэ.

Бүгүн «сыатын» тэллэ

Барҕа баайын биллэ –

Үөрэр Хотун Бүлүүм,

Үүнэр Үөһээ Бүлүүм.

Донской В.М

Мелодист Валерий Донской

Бүлүү эбэм дьэҥкэрдин

У. Ороһуунускай тылл.

В. Донской мел.

Тойуксут Булгудах төрүтэ,

Ырыаһыт Быркыҥаа ыччата,

Тыыннаахтыы Эбэни сиэппэппит

Ытыырга-соҥуурга тиийбэппит.

Хос ырыата:

Хотун Бүлүүм алмааскын

Кырыылааҥҥын чочуйан,

Хоргун аллар алааскын

Кырылаччы ходуйан

Бүлүү Эбэм дьэҥкэрдин

Бүгүн күөнэх күөрэйдин.

Хара дьай долгуна будуллар

Хараҥа күүстэрбит сүтүөҕэ,

Сып-сырдык сүүрүкпүт суккуллар

Сарсыҥҥы саргыбыт үүнүөҕэ.

Хос ырыата:

Бар дьонум, күн курдук күүһүрэн

Быыһанар суоллары булуоҕуҥ,

Эрдээхтик, дьиҥнээхтик сэтэрэн

Эбэни көмүскүү туруоҕуҥ!

Хос ырыата:

Мин ырыа ыллаары

Киэҥ Бүлүү – мин эбэм

Күндээрэр биэрэгэр

Көрдөһө мин күнү көрүстүм.

Дууһабар таайтаран,

Долгуйа ылларан

Мин ырыа ыллаары турабын.

Тулабар чыычаахтар

Тырымныы дайаллар,

Тапталбыт туһунан туойаллар.

Оо, Бүлүү – мин эбэм,

Оргуйа устаҕын,

Олохпор үөрүүнэн туолаҕын.

Бу маннык көрсүһүүм

Буолбута ыраатта,

Билигин суохтааммын ыллыыбын,

Ханнаный, урукку

Хартыына, эн көстүүҥ,

Мөлбөйө, долгуйа устарыҥ.

Тулабар чыычаахтар

Тырымныы дайбаттар,

Тапталбыт туһунан туойбаттар.

Оо, Бүлүү – мин эбэм,

Оргуйбат буолаҥҥын

Олохпор үөрүүнү биэрбэккин.

Бүлүү эбэни харыстааҥ

Нарыннык наҕыллык нусхайан

Намыыннык күлүмнүү устарыҥ,

Атыҥҥын эн бүгүн долгуйан

Анаттыҥ хоһооммут тылларын.

Хотун Бүлүүбүт таптаатыҥ,

Хатыҥ биэрэкпит хамсаатын,

Кэрэчээнэбит ыллаатын,

Бүлүү – эбэни харыстаан.

Кытылгын кырыйар хоптоҕун

Килбэйэр көмүстээх балыккын,

Билигин олустук суохтуубут

Биэриэхтээх кистэлэҥ кылааккын.

Иһэрбит сибиэһэй уугуттан

Иэдээмми иннитин саныаҕыҥ,

Тэптэрии буолбатын туһугар

Тэтимнээх үлэни ыытыаҕыҥ.

Васильев Н.С

Мелодист Николай Васильев

Хотун Бүлүүм, эн буолууй

У. Ороһуунускай тылл.

Н. Васильев мел.

Тырымнастай хараххар

Тыыннаах уоттаах тапталым

Субуллубут суһуоххар

Суһумнуохтун аналым.

Хос ырыата:

Сандал сааһы санатан,

Сүрэх аайы ыллатан

Саха кыыһа сарыыссам,

Саамай кырасаабыссам.

Уларыта тутуунан

Умсугуйан кэскиллээн,

Түргэтэтии куурсунан

Тэтимнээхтик үлэлээн.

Хос ырыата.

Дьонуҥ кутун тутаҥҥын

Дьиктилээхтик дьоллоорууй,

Холобурга сылдьаҥҥын

Хотун Бүлүүм, эн буолууй.

Петр Поликарпович Одорусов

Бүлүү сирэ

П. Одорусов тылл.

Александр Дудуков мел.

Үрдүк үүнүү үүнэр сирэ,

Үрүҥ илгэ үллэр сирэ,

Бөдөҥ сүөһү үөскүүр сирэ,

Бөҕөс киһи төрүүр сирэ –

Хос ырыата:

Бүлүү эбэ, Бүлүү сүнньэ

Бүлүү, Бүлүү, Бүлүү сирэ.

Кылаан түүлээх кыстыыр сирэ,

Куспут-хааспыт саарыыр сирэ,

Баһан ылар балык сирэ,

Байанайдаах булчут сирэ –

Хос ырыата:

Айылҕабыт газтаах сирэ,

Алмаас, кылаат көстөр сирэ,

Ааҕан сиппэт баай-дуол сирэ,

Араас тутуу барар сирэ –

Хос ырыата:

ГЭС-пит уота тыкпыт сирэ,

Кэрэ олох кэлбит сирэ,

Элбэх омук түмсэр сирэ,

Эрчим үлэ күүрэр сирэ –

Хос ырыата:

Үөрэх, билии, сайдыы сирэ,

Үөрүү-көтүү үгүс сирэ,

Ыраас таптал, көр-нар сирэ,

Ыччат дьолун булар сирэ –

Хос ырыата:

Николай Павлович Корякин - Уран Ньукулай

Хотун Бүлүүбүт

Эбэбит, эриэккэс Бүлүүбүт,

Эйиэхэ ананар хоһооммут,

Этигэн хомустуу эйээрдин

Эҕэрдэ түмүллэн холбоннун.

Хос ырыата:

Оо, Бүлүү эбэбит барахсан,

Олус да баай, талым эбиккин,

Бар дьоҥҥор барытын уунаҥҥын

Барҕалыы, харайа устаҕын.

Үтүмэн үйэттэн тарҕанан,

Үүт тураан бэйэҕин таптааннар

Үс саха бэртэрэ хорҕойон

Үйэлээх үгэһи туппуттар.

Хос ырыата.

Үс Бүлүүм дьоннорун биһиктээн,

Үгүс да моһолтон быыһааҥҥын,

Күн күбэй ийэни бүөбэйдээн

Күлүмнүү мичийэ сытаҕын.

Хос ырыата.

Аламаас күлүмнүүр чаҕылын

Айыы-хаан аймаҕар туттардыҥ,

Күөх уотун сырала сылытан

Күн ууһун күндүлүү дьоллоотун.

Хос ырыата.

Удьуор тыын утумун тутуһан

Урааҥхай сахабыт ууһуоҕа,

Уруйдаах олоххо тардыһан

Уруу-хаан ыччатын тэнитиэ.

Хос ырыата.

Бүлүү эбэм

Быдан былыр кэмнэртэн

«Бүтэй» Бүлүү дэтэҥҥин,

Бүппэт баайгын харыстаан

Бүккэр-таххар кистэнэн

Хос ырыата:

Арчылааҥҥын долгуйа

Аргыый уста сыппытыҥ.

Хоһууттары хомуйан

Хороҕордуур муостааххын

Хотоҕостуу сиэтэҥҥин,

«Хоргун Бүлүү» дэтэҥҥин.

Хос ырыата.

Сыһыыҥ аайы сылгылаах,

Сыалаах үүттээх ынахтаах,

«Сыалыыр Бүлүү» дэтэҥҥин

Сайыннартыҥ сахаҕын.

Хос ырыата.

Айыыҥ дьонун туһугар

Аламаскын буллартыҥ,

Күнүҥ дьонун туһугар

Күөхтүүр уоккун уматтыҥ.

Хос ырыата.

Ыһыах ыһан дьоллонор

Алгыс этэн тыыннанар,

Оһуокайдаан оһорор

Эһиэкэйдээн эмтэнэр.

Хос ырыата:

Бүтэй Бүлүүм дьонноро,

Бүттүүн дьоллоох буолуоҕуҥ!

хара лааҥкы

Василий Пудович Харлампьев - Хара Лааҥкы

Бүлүү эбэм биэрэгэр

Төрөөбүт өрүһүм биэрэгэ

Өҥнүүн бүгүн тубуста,

Түһүлгэ сибэкки кэриэтэ

Ыччат дьоно муһунна.

Кумах итии иэдэһигэр

Кыргыттары ыыга кууста,

Күн суунар үөһүгэр

Уолаттары уоскутта.

Өрүһүспүт сайыҥҥы куйаас

Өрүү турдун эрчимирэн,

Өрүкүйбүт эдэркээн саас

Өрө күүртүн ситэрэн.

Евдокия Тарасовна Гаврильева

Бүлүү сирэ

Дьоһуннаахтык, тиэтэйбэккэ

Доллоһуйа устан ааһар

Дьоллоох дойдум, Сахам сирин,

Дьоһун-мааны өрүһэ.

Урут ааспыт үйэҕэ,

Уһуктубат уһун уутун

Утуйбуттуу дөйө таалан,

Бүлүү нуктуу устара.

Бүлүү сүнньүн барытын

Бүппэт түүҥҥэ кубулутан,

Бүрүүкээбит батталтан

«Бүтэй Бүлүү» дииллэрэ.

Ыраахтааҕы былааһа

Ыраах Бүлүү биэрэгин,

Өркөн өйү өлбөөдүтэр,

«Өлүү сирэ» ааттыыра.

Бүлүү тымныы хаайыытыгар

Бүк баттаары, сыһытаары

Нуучча улуу хотойун,

Чернышевскайы ыыппыта.

Уон биир сыл олорбута

Ол улууканнаах киһи,

Банаар буолан сырдаппыта

Бүтэй Бүлүүнү.

Оо, уһун да буолуохтара

Ол ыар, хараҥа сыллар

Сырдык төлөнү саба үктүүр

Санньыар, курус күннэр.

Өрөгөйдөөх кыайыыны

Өктөөп күнэ аҕалан,

Бүлүү бүгүн дьол-соргу

Уйгу-быйаҥ түһүлгэтэ.

Үйэлэргэ хатаан сыппыт

Үрүлүйэр баайын-дуолун

Туран биэрдэ туох баарын

Дойду, норуот туһатыгар.

Тумулуттан өрө тыган

Таҕыста газ – күөх төлөн,

Дохсун баайын модун күүһэ

Буолла бүгүн Бүлүү ГЭһэ.

Албан аата, суон сураҕа

Акыйааны туораата,

Алмааһа, түүлээҕэ

Аан дойдуга тарҕанна.

Ыллаан-туойан, куоталаһа

Ырааҕынан тэлэһийэр

Ыччаттарын аатынан

Арассыыйа киэн туттар.

Валютаны хаҥатар

Дойду туллар тутааҕа,

Алмаас киинэ. Газ сирэ

Буолла Бүлүү биэрэгэ.

Бүлүү эбэҕэ

Киирэн эрэр күн уотун

Кэмчиэрийбит сарыала,

Бүлүү эбэм кэтит иэнин

Имэрийдэ, уураата.

Эбэм уутун көмүс дуй

Сиэдэрэйдик киэргэттэ,

Күлүмүрдэс, дьиримнэс

Сурааһыны түһэрдэ.

Сылыыс-сылаас нуурал түүн

Сир ийэни бигээтэ,

Нухарыйбыт эҥэр тыаны

Суорҕанынан үллүйдэ.

Дьикти, кэрэ маннык түүн

Кутаа тула олорор,

Өссө балык хаптарар

Үчүгэй да буоллаҕа.

Вера Спиридоновна Нанова-Солдатова

Бүлүү эбэм

Ырыа буолан намылыйан

Бүлүү эбэм арылыйар,

Ыраас, сырдык уунан туолан

Бу иннибэр нэлэһийэр.

Итии сылаас салгынынан

Иилии кууһан имэрийэр,

Ибир-сибир сиккиэринэн

Икки сүрэх эйэргэһэр.

Ыйдаҥалаах сырдыгынан

Долгун миигин сиэтэн иһэр,

Нуурал киэһэ Бүлүү эбэм

Хомус тардан дьүрүһүтэр.

Ырыа буолан намылыйан

Хотун Бүлүүм долгуйар,

Номох буолан, тойук буолан

Оргууй устан доллоһуйар.

Иннокентий Васильевич Степанов-Лэгэнтэй

Бүлүү эбэм туһугар

Имэҥнээхтик илгийэр,

Иҥсэлээхтик иҥиэттэр,

Илбистээхтик илгистэр,

Түллэр дохсун долгуна,

Үллэр күүгэн ахсыма

Уоҕа хараан уоскуйар,

Улуу нуурал наскыйар.

Бүлүү дьэҥкир уутугар

Алмаас дьааттаах ороһуола

Айылҕатын алдьатар,

Алдьархайы аҕалар.

Балык үөрэ баранар,

Быстар, эстэр, дьадайар,

Кыыла-сүөлэ аҕыйыыр,

Кыһалҕата да үксүүр.

Киил маһын сытыппыт

Кирдээх уутун, фенолун

Бүлүү ГЭҺэ саһыарар,

Кистээн ыытар, атаарар.

Кыһаллыбат тойон үөрэ,

Хаппытаалы сомсор, баһар,

Халыыр-талыыр, байар үөрэ,

Хармааннарын хаҥатар.

Өйүм-санаам туруулаһар,

Өрүкүйбүт кэмигэр

Бүлүү эбэм эҥсиллэр

Бүппэт дохсун балкыырдар,

Түллэр-үллэр долгунугар

Тоҕо эрэ дьүөрэлэһэр

Тойон сүрэҕим тэбиитэ,

Толугуруу мөхсүүтэ.

Барбах дьоннор мустаммыт,

Бааралаһан тахсаммыт,

Бары бүттүүн турунан

Бүлүү эбэм туһугар

Туруу тылы этиэҕиҥ:

Тохтоттуннар фенолу,

Туораттыннар тойону,

Тулуур бүттэ, – дэһиэҕиҥ.

Михаил Тихонович Мойтохонов

Бүлүү биэрэгэр

Уоҕуран уордайбыт

эбэни мас тыынан,

Уҥуордаан туоруубун

нэһиилэ кыл тыынынан

Сэниэтэ  эһиннэ

миигинниин хатыһан,

Тохтоото күүс ыла,

долгунун хат ыһан.

Сылайбыт долгуннар

долгуҥҥа мэҥэстэн

Оо, Бүлүү, соҕотох

турабын биэрэккэр,

Бу нарын иэйиини

иҥэрэн биэр эккэр.

Дьылҕабын билбэккит

арай бу хоптолор.

Дьаатынан чааскыбын

быччары хоптолор.

Иһит эн, оччоҕо

даҕаны соруйан

Иһэммин хантатыам.

ордуом дуо соруйан?

Көрбүтүм, иннибэр

киэҥ аартык үс суола.

Кыттыһар төрдүһүн

биллибэт кыыл суола.

Тохтуубун түөрт суолтан

хайатын талаары,

Ол онно көрсөр дьон

харчытын талаары.

Күөрэгэй баҕардар

үрдүктүк тохто туой.

Ким хаһан уордайбыт

санаабын тохтотуой?

Ол уһун унньуххай

айаммар алҕаска.

Эйигин сырсыаҕа

уолан дьон сүүһүнэн.

Таптыаҕыҥ бу миигин

эрэнэн баҕардар.

Туохханый эн күүһүҥэ

эр дьону баҕардар?!

Ол иэһин синэ биир

түбэһиим кырыыска.

Кэлбит суолбунан

төннүөм суоҕа синэ биир.

Кэрэ түгэнтэн

ордуоҕа сүүстэн син биир…

Өр да өр суох буоларбын

күүтэр эрэнэн.

Ыырдары туорааммын

тиийиэҕим эрэн!

07.10.1973 с.

Вадим Константинов

Бүлүү эбэм

Бу улуу эбэбин одуулаан,

Долгуннаах ньуургунан устаммын,

Үгүһү эргитэ санааммын

Олоҕу көрөргө дылыбын.

Кэрэтин эбитин дойдубут

Үгүһүн дьиктитэ, кэрэтэ,

Икки атах билбэтэх кистэлэҥ

Баар буолуо бу тайҕа быыһыгар.

Ама, бу биһиги дойдубут

Өлүөнэ өрүспүт кытыла,

Үрдүгүн өлүмнэс хайалар,

Ол ыраах дьэргэйэр тыалара.

Дьиктиргии, дьиибэргии мин көрдүм

Улуукан эбэбин эйигин,

Долгунуҥ мөһүүрэ чаҕыла

Харахпар хатанан хайҕатта.

IMG-20251105-WA0084

Валентина Шологонова - Бүлүү кыыһа

Бүлүү эбэбэр

Кыыс хотун эбэккэм,

Мин Бүлүүм барахсан

Кырылыыр кыһыл көмүс

Кумаҕынан кытылланан

Бүгүллэҥнии мөхсөрүҥ

Күлүмүрдүүр мөһүүрэнэн

Көөчүктэнэ оонньуура,

Оо, кэрэкэтин эбитин…

Эн күөх кэрэ күөҥҥэр

Оҕо саас көрүлүүр,

Күөх муора далайгар

Балык үөрэ оонньуур,

Килэҥ мууһу бүрүннэххинэ

Сырыы-айан элбиир,

Күн сылааһа күүһүрдэҕинэ

Мууһуҥ аргыый айанныыр.

Эбэбит, көрөрбүт, күндүбүт,

Махтанабыт, сүгүрүйэбит

Олохтоох дьонуҥ эйиэхэ.

Мэлдьитин уһун дуу, дуоһуйа,

Күөх кэрэ Бүлүүбүт барахсан

Кэрэни, сырдыгы, иэйиини

Угуттаа хас биирдии киһиэхэ,

Төрөөбүт дойдубар, мин Наммар.

Оо, Бүлүүм, оо, мин Бүлүүм,

Кырыымпа доҕуһуоллаах

Ыллыыр көмүс кумахтаах

Кэрэ, дьикти бэйэҕин

Хоһооннорбор холуйан

Холкутуйа түһэбин,

Махтал ыраас тылларын

Анаабыппын уунабын!

Валентина Яковлева - Чэлгийээнэ

Бүлүү – күндү өрүһүм

Өйдүүбүн мин Бүлүүм өрүһэ,

Намыһах эмпэрэ сыырдара суулларын,

Кырдьаҕас үөт, талах мастара

Аллара ойдон туора турарын.

Өйдүүбүн саас халаан саҕана

Ууллубут хаар уута үөһэттэн түһэрин,

Ууга хаайтаран турдар даҕаны

Иинэҕэс талах лабаатын уунарын.

Өйдүүбүн кыһыҥҥы тымныы ыйдарга

Өрүһүм айанньыт суола буоларын,

Саас кэллэ даҕаны кэмигэр

Толору уунан томтойо туоларын.

Өйдүүбүн ыраас, сылаас уутугар

Сөтүөлээн, чалбааттаан ыларбын,

Сандаархай, чаҕылхай күн уотугар

Өрүһүм кылбайан, күлүмнээн ыларын.

Өйдүүрүм, саныырым тухары

Умнубат эйигин мин дууһам,

Көнөтүк мөлбөйө уста тур,

Мин Бүлүүм – мин күндү өрүһүм.

Галина Басылайканова

Оо, Бүлүү эбэкэм…

Кырылас кумахтаах кытылгар

Төбөбүн нуоҕатан тураммын

Мин кыаҕа суохпуттан ытыыбын,

Дириҥник уһуутаан ылабын.

Киртийбит, хараарбыт эн ньуургар

Туолбут ый күлүгүн көрүммэт,

Иһийбит, чуумпурбут биэрэккэр

Чыычаах ырыата иһиллибэт.

Оо, Бүлүү эбэкэм, күүстээххин,

Сүдү тулуйар аналлааххын,

Сүһүрдэн, бааһырдан кыайбаттар,

Дьааттааннар даҕаны хоппоттор.

Таптыыр өрүһүм, килбиэҥҥин

Сотору кэмнэргэ көрүөхпүт,

Эн ыраас, дьэҥкир долгуҥҥар

Уйдаран сарыалы көрсүөхпүт.

Тулуй дуу, харааста ытаама,

Киһи аймахтан кэлэйимэ,

Күн анныгар барыта ааһыаҕа,

Эн кэрэ мөссүөнүҥ төннүөҕэ!

IMG-20251105-WA0138
Трушкова Калисфена

Галина Трушкова-Калисфена

Бүлүү биэрэгэр

Уу-чуумпу түүн боччумуран

Олороммун одуулуубун,

Бүлүү Эбэм аа-дьуо устан

Долгуйарын ойуулуубун.

Улуу өрүс урсунунан

Балык оонньоон ууну оймуур,

Кыыһар өҥнөөх кустугунан

Сарыал түһэн күлүм оонньуур.

Эбэбит кумаҕын сайгыыр

Имэрийэ долгуннанар.

Кытылга бигэнэр мас тыы,

Көҥүл устуон толкуйданар.

Араас буолар моһуоктары

Умнан, манна сынньанабын.

Олохпор баар моһоллору

Кыайбыт курдук сананабын.

Биһигим – мин Бүлүүм

Бүгүн эмиэ мин киирдим

Биһигим кытылыгар.

Боччумуран иһийдим

Бу эмпэрэ сыырыгар.

Бүлүүм устар. Кэрэтин!

Бигэммэхтии долгуйар.

Бүрүүкээбит иэдээнин

Билбэттии доллоһуйар.

Бууннуур арай сүрэҕим…

Бу тугун буруйугар

Бүлүүбүт сүһүрэрий?

Бурулуйа муунтуйар?..

Буучугурас тустууктан

Быыппастар былчыҥынан,

Боотур Мордьоноохоптон

Барҕарар ыччатынан

Быстыбакка салҕанар

Быһыйынан аатырар

Бастыҥ саҥа сахаҕа,

Бычырдаан сыдьааныгар.

Бар дьонугар эрэнэн,

Бүтэй Бүлүүм утарар!

Бэриммэттии иҥиэттэн,

Биһигим улуутуйар!

Екатерина Кашлакова

Бүлүүм

Бүлүү эбэм эн курдук

Үөрэ-көтө долгунур

Үөһэ мэҥэ халлаантан

Көмүс күммүт кыырпаҕа

Ыраас-ыраас эн уугар

Алмаас курдук чаҕыллар

Бүлүүм, Бүлүүм барахсан

Үөрэ-көтө килиэдий

Кэтэһэрбит эн эрэ

Киһи-аймах кэскилэ

Кэхтибэтин кэрэ ньууруҥ,

Килиэдийдин киэҥ иэниҥ.

Клавдия Мексярова-Оросунская

Бүтэй Бүлүү барахсан

Бүтэй Бүлүү барахсан

Барҕа баайа балысхан!

Алмааһынан, гааһынан,

Айылҕата кэрэтинэн

Аатырыаҕын аатырар!

Бүлүү дьоно айылҕаттан

Бэрсиллибит талааннаах!

Олоҥхоҕо, тойукка,

Ойор-тэбэр оһуохайга

Оһуобайдар, олустар!

Хотун Бүлүү дьонноро

Хабыр киирсии, хапсаҕай,

Хатыһыылаах тустуутун

Хото, киэҥник тусталлар.

Хохуоралаах тумустаах

Хомустуура барахсан

Хоҥкунасчай тойугун,

Хоҥуруулаах ырыатын

Хомуһуннаан тардаллар!

Сайдыылаах, билиилээх

Саха бастыҥ дьонноро!

Силигилээн ситэннэр

Саха дьолун туруулаһар

Сүдү дьоннор үөскүүллэр!

Алмаастан, гааһыттан

Абыралга тиксибэккэ

Алдьархайга үктэммит

Аанай-туонай абаккатын!

Н. И. Харитонов-Чуор

Мелодист Иван Иванов

Хотун Бүлүү

Бүөмнээн көрсөр бүччүм үөрүүм,

Бүгэн иэйэр Хотун Бүлүүм,

Тоҕо бүгүн долгуйаҕын,

Туохтан маннык мунчаараҕын?

Хос ырыата:

Долгуннаргын долгуһута,

Тойуктаргын доллоһута,

Күҥҥэ үөрэн чэмэлийэ

Устар этиҥ мичилийэ.

Алдьархайга ону баара

Айгыратта быстах муора,

Күлүмүрдүүр алмаас куорат

Кутулунна дьаҥнаах буора.

Хос ырыата:

Долгуннаргын долгуһута,

Тойуктаргын доллоһута,

Күҥҥэ үөрэн чэмэлийэ

Устар этиҥ мичилийэ.

Светлана Иванова

Хотун Бүлүү

Уһугунна Хотун Бүлүү

Уһун кыһын кэнниттэн

Уһуутаата, уһунна

Улуутуйар Бүлүү эбэм.

Бүлүү эбэм уһугунна,

Бүлүү эбэм мууһа устар

Саха куттаах эр бэртэрэ

Саныы-өйдүү сылдьар гына

Айбыттара, туппуттара

Хотун Бүлүү монуменын.

Бүлүү эбэм оргууй устар,

Бүлүү эбэм аатырар.

Аан дойдуга суох эбээт,

Ааттаан-суоллаан Эбэҕэ

Сүгүрүйэн, ытыктаан

Айыллыбыт монумент.

Бүлүү эбэм оргууй устар,

Бүлүү эбэм сураҕырар.

Үтүөкэннээх дьоннордоох

Үүнэр-сайдар Үөһээ Бүлүүм,

Үйэлэргэ сүгүрүйэр

Хотун Бүлүү символлаах.

Бүлүү эбэм оргууй устар,

Бүлүү эбэм үйэтийэр.

Ыраах ханна да буолларбыт

Ырыа айан ыллыыбыт,

Хоһооннорго хоһуйабыт

Хотун Бүлүү эбэбитин.

Бүлүү эбэм оргууй устар,

Бүлүү эбэм ылланар.

Хотун Бүлүү оргууй устар,

Хотун Бүлүү киэн туттуубут.

Виталий Петрович Спиридонов-Бэллэкэ

***

Үөһээ Бүлүүм үрүҥ түүнүн

Ама туохха тэҥниэмий?

Бүлүү эбэм чуумпу ньуурун

Ама туохха холуомуй?

 

Оргууй устар наҕыллык

Үрүҥ түүҥҥэ уйдаран,

Нухарыйар Бүлүү эбэм

Үрүҥ түүҥҥэ бигэнэн

 

Үөһээ Бүлүүм килбиктик

Сэбэрэтин көрүнэр,

Үрүмэччи үрүҥ түүнэ

Кууһан ылла дойдубун.