22.04.1922 с. Далырга Говоров бандьыыттара 7 киһини тутаннар өлөрбүттэрэ

1920 сыл алтынньы ыйыгар Бүлүү уокуругар эмиэ ЫРКС уезтааҕы бюрота тэриллибитэ. Кини састаабыгар Николай Рысаков, Серафим Потапов уонна Лев Львов (Антонов) киирбиттэрэ. Уезтааҕы бюро улуустарга уонна нэһилиэктэргэ комсомольскай ячейкалары тэрийиини саҕалаабытынан барбыта. Ол курдук, 1921 сыл олунньуга Куорамыкыга маҥнайгы аҕыс киһилээх комсомольскай ячейканы биһиги биир дойдулаахпыт, Нохтооло сиэнэ Павлов Кирилл Егорович тэрийбитэ. Онтон кулун тутар ыйга Далырга комсомольскай ячейканы тэрийэргэ сорудахтаах партия Бүлүү уокуругунааҕы комитетын инструктора Акимов Гаврил кэлбитэ. Кини ити ыйга комсомольскай ячейканы тэрийэри ситиспитэ. Ячейка секретарынан Донской Дмитрий Иванович-Чөрөктүүрэп, 1900 сыллаахха 1-й Үөдүгэй (билиҥҥи Далыр) нэһилиэгэр сэниэ бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт, быыбардаммыта. Киниттэн ураты ячейка састаабыгар Дорофеев Захар Иванович – Фрунзе ыччата, Иванов Никифор Иннокентьевич (Хандыы) – Тылгыны ыччата, Винокуров Николай Егорович – Мэйик ыччата, Долгунов Василий Яковлевич – Ыйылас ыччата киирбиттэрэ.

Партия Бүлүү уокуругунааҕы комитета комсомольскай ячейканы бөҕөргөтөр сыалга Далырга үлэҕэ улуус исполкомун председателинэн Оконосов Михаил Афанасьевиһы, улуус исполкомун чилиэнинэн Иванов Григорийы ыыппыта.  Онон ячейка алта чилиэннэммитэ. ЫРКС Далырдааҕы ячейката  Үөһээ Бүлүү оройуонугар маҥнайгы комсомольскай ячейканан буолбута.

Верхоянскайтан Мастаах улууһугар кэлбит 30-ча киһилээх Федор Говоров үрүҥ баандата Кырыкыйынан, II Боотулуунан Далырга кэлэн волревком председателин, Ньурба Сүлэтигэр төрөөбүт, Михаил Александрович Оконосову, Үөһээ Бүлүүтээҕи дружина чилиэнэ, Кэнтик нэһилиэгин киһитэ Макар Николаевич Борисовы, Сунтаар киһитэ Григорий Александрович Иванову, Хоро нэһилиэгин киһитэ, Үөһээ-Бүлүү дружинатыттан Далырга милиционерынан тиийбит, Яков Михайлович Ортойбохову (Матвеев), Тылгыныга төрөөбүт (Хандыы) Никита Иннокентьевич Иванову, Орто Бүлүү киһитэ Савва Алексеевы, Тылгыныга төрөөбүт Петр Петрович Петрову сордотолоон өлөрбүттэрэ уонна уоттаан кэбиспиттэрэ.

Донской-Чөрөктүүрэп Дмитрий Иванович

Ячейка секретара Донской Д.И. атын сиргэ сылдьар буолан тыыннаах ордубута, бандьыыттар сойуолааһыннарыттан куотан Ньурбаҕа барбыта. Онно Наумов Кыһыл этэрээтигэр тиийбитэ, Ньурба аатырбыт окуопатыгар 300-тэн тахса бандьыыты утары охсуһууга 45 кыһыл саллаат кыттыбыта. Онтон күһүнүгэр балаҕан ыйыгар Далырга Донской Д.И. салайааччылаах этэрээт кэлэн бандьыыттары бэриннэрбитэ.

Бандьыыттар өссө Оҥхой нэһилиэгин Советын председателин Савва Николаевич Иванову, Аһыкай нэһилиэгин Советын председателин Дмитрий Иванович Иванову эмиэ ынырыктык кэбилээн өлөрбүттэрэ.

Эмиэ ити курдук Прокопий Васильев (Бэдьэкэ) баандата Ыйылас нэһилиэгин ревкомун председателэ Яков Семенович Долгунову уонна кини уолун, комсомолец Василий Яковлевич Долгунову, өлөрбүтэ. Ити баанда 1923 сыллаахха урусхалламмыта. Ити курдук бастакы комсомолецтар Советскай былаас иһин, кэлэр кэскиллээх үйэ иһин охсуһууга бэйэлэрин сырдык олохторун толук уурбуттара.

Бу улахан түбэлтэ Үөһээ Бүлүү улууһугар Далыр нэһилиэгэр 1922 сыллаахха муус устар ый 22 күнүгэр буолан ааспыта 100 сыл буолла. Ити ынырык дьыала буолбутун туһунан сурах оччотооҕу Саха Сирин улуустарын барытын тилийэ көппүтэ.

1922 сыллаахха бандьыыттар өлөрөн баран уоттаабыт олохтоох ревком чилиэннэрин кырамталарын олохтоохтор братскай могила оҥорон, үрдүгэр улахан мас бэрэбинэлэри буруустуу суораннар памятник оҥорбуттара, памятник тас көстүүтэ Ленин мавзолейыгар маарынныыра, икки ааннаах штакетнигынан төгүрүйбүттэрэ, штакетник иһигэр памятнигы төгүрүччү мас муосталаах этэ, үрдүгэр былаах иилэр баҕаналааҕа.

Памятник эмэҕирбитигэр, 1957 сыллаахха олохтоох сельсовет уонна холкуос салайааччылара сүбэлэһэн, саҥа сиргэ оҥорбуттара. Онно өлбүт дьоннор кырамталарын (биир солуур умайбыт уҥуоҕу) саҥа памятник анныгар көһөрбүттэрэ. Памятнигы холкуос уус дьонноро туппуттара уонна тимир лииһинэн бүрүйбүттэрэ. Таһынааҕы уруһуйун Мэйик оскуолатын учуутала, эбээн омугун талааннаах поэта Апросимов Дмитрий Нестерович уруһуйдаабыта.

Анатолий Софронович Аксаков.

“Үөһээ Бүлүү” хаһыат, 2022 с., муус устар 15 күнэ, 6-с сирэй.