“Биһирэм тыл” биэрии — 1001 тахсыытыгар

Төрөөбүт тылбыт үйэлээх үгэһин тутуһууга олоҕун анаабыт Михаил Петрович Алексеев-Дапсы бу күннэргэ араадьыйаҕа “Биһирэм тылын” 1001 биэриитин истиэхпит. Бу — кини ымыы санаа оҥостубут сыралаах үлэтэ. Оттон хайа да үлэ булгуччу утарсыылаах буолар. Дьыл-күн аастаҕын аайы араас санаа, сыанабыл үөскүүр.

Бастаан бу биэрии хаһан саҕаламмытын, ол устуоруйатын кылгастык кэпсииригэр Дапсыттан бэйэтиттэн ыйыппыппар маннык хоруйдаата

Бастакы биэриим 1992 с. алтынньыга, “Тыл туһунан” сокуон ылыллыбыта икки хоммутун кэннэ, эпииргэ тахсыбыта. Бу 1001 ахсаан хантан кэлбитэй? Араадьыйа уһулуччулаах суруналыыһа Н. И. Максимов “биэриигин нүөмэрдээ, истээччилэриҥ чопчу биэриини ыйалларыгар, санааларын этэллэригэр наада” диэбитэ. Кырдьык, туох барыта пааспардаах эбээт.

1997 с. сэтинньи 14 к., 60-мун туолар үбүлүөйбэр, Е. И. Коркина: “Михаил Петрович биэриитин 1000-ҕа тириэртин, ону биһиги сорудахтыаҕыҥ. Араадьыйа хотуна, ону сөбүлэһэҕин дуо?” — диэбитэ. Ону биирдэһэ: “Үөрүүнэн! Төһөнү биэрэринэн биэрэ турдун!” — диэбитэ. Онон бу саха тылын таптааччы, биэрии суолтатын өйдөөччү, ол иһигэр учуонай аймах — 100 киһи сорудаҕа буолар. Ону мин толордум.

Мантан сиэттэрэн, “Биһирэм тыл” диэн биэрии норуокка анала тугуй, ол аналын толорор дуу, суох дуу? Дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар туох эмэ уларыйыыны таһаарда дуу, суох дуу?” диэн түөһэн көрүөхтээхпит.

Г. Г. Филиппов, бэрэпиэссэр:

— “Биһирэм тыл” биэриини тоҕо Дапсы ииилиир-саҕалыыр буолла? Кини тыл билимигэр сахаттан биир бастакы учуонай, төрөөбүт тылын туһугар “омугумсук” диэн дьаралыктаныар диэри дьүккүөрдээхтик үлэлээбит Никита Спиридонович Григорьевка үөрэммитэ.

Учуутала киэҥ билиилээх, туохха барытыгар бэйэтэ туспа көрүүлээх, дьиҥнээх сахалыы тыыннаах киһи этэ. Маннык муударай учууталлар дьоҥҥо-сэргэҕэ сабыдыаллара күүстээҕэ. Холобур, 1961 с. Сахалыы таба суруйуу быраабылатын бырайыагын 14 п. дьүүллэһэн, мунньахтарга, хаһыакка санаа үллэстиитигэр “нууччаттан киирбит тыллары сахалыы суруйуохха” диир киһи лаппа баһыйан тахсыбыта. Маныаха Г. Р. Кардашевскай, Н. С. Григорьев, Н. Д. Дьячковскай, о.д.а. улахан оруоллаахтара. Ол эрээри 1962 с. Москубаттан орооһуу түмүгэр САССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ “нууччалыы көрүҥүнэн суруллуохтаах” диэн модьуйан уураах таһаарбыта.

М. П. Алексеев ити кэм ыар тыыныгар уһаарыллан, ытыктыыр учууталын суолун тутуһан төрөөбүт тылын туһугар туруулаһар суолга бигэтик үктэммитэ. 1971 с. суруйааччылар мунньахтарыгар ыҥыран уус-уран айымньы тылын туһунан дакылаат оҥорторбуттара. Манна Дапсы айымньы тыла-өһө, бэл, биллэр-көстөр суруйааччылар киэннэрэ мөлтөөн иһэрин аһаҕастык этэн, улахан охсууну ылбыта — үлэтиттэн уһуллубута.

Дапсы саха тылын үйэлээх үгэһэ алдьанар икки төрүөтүн бэлиэтиир: 1) нуучча тылын сабыдыала; 2) дьон-сэргэ төрөөбүт тылын аахайбат буолуута.

Михаил Петрович төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа норуот өйүн-санаатын уһугуннарар гына дьаныһан туран утумнаахтык, дьүккүөрдээхтик үлэлиир киһибит буолар. Ол иһин норуот биһириир.

И. Е. Алексеев-Хомус Уйбаан, бэрэпиэссэр:

— Дапсыга ийэ тыл тыына дириҥник иҥмит буолан, хайа да киһи саҥатыгар баар “сыыһы-куоппаһы” сонно арааран наардыы охсор. Итинник дьоҕур киһи аайы бэриллибэт. Билигин, “сайдыылаах үйэҕэ олоробут” диир кэммитигэр, төрөөбүт тылбыт айгыраатар айгыраан иһэрин тыл үөрэхтээхтэрэ билэбит. Тылы таба суруйууга өссө төһө эмэ үлэ барар буоллаҕына, сөпкө саҥарыыга күттүөннээх туох да суох. Бэл, анал үөрэхтээх дьоммут тылы хайдах суруллубутун курдук ааҕаллар, кэпсэтэллэрэ эмиэ оннук.

Михаил Петрович — саха тылын үөрэҕэр саҥарыы култуурата диэн салааны олохсуппут учуонай. Онно тылдьыт, анаан чинчийии бэчээттэннэ. Билигин тыл туттуллар эйгэтин туһунан бөдөҥ кинигэтин бэчээккэ бэлэмнээтэ. Эбии тыл үгэһин чинчийбит дьоһун тылдьытын чочуйа сылдьар.

Дапсы идэтийбит чинчиһит быһыытынан түүр тыллаахтарга киэҥник биллэр, ылыннарыылаах быһаарыытын элбэх учуонай биһириир.

А. С. Саввинов, бөлүһүөпүйэ дуоктара:

— М. П. Алексеев-Дапсы — тыл эмчитэ. Сорох киһи үрдүттэн “тылбыт син биир уларыйар-тэлэрийэр, онон орооһо сатыыр наадата суох” диир. Дьиҥэр, саха тылын уратыта саҥа дорҕоонугар сытар. Тастан дьайыы түмүгэр дорҕоон бытааннык да буоллар, син биир уларыйар. Саха киһитэ омугу үтүктүө суохтаах, төрүт омугун өрө тутуох тустаах, ол аата — сахатыйыахтаах.

Дапсы — дьиҥнээх сахалыы толкуйдаах учуонай. Оттон сахалыы, толкуй, тыын олоҥхобутугар баар. Бу — биһиги сүдү кылааппыт. Саха толкуйа, санаата инники күөҥҥэ тахсыахтаах.

Сир түннүгэ Дапсы “Биһирэм тыла” саха өйүн-санаатын уһугуннарар, иитэр-үөрэтэр соруктаах.

В. Д. Михайлов, бөлүһүөпүйэ дуоктара:

— М. П. Алексеев-Дапсы саха тылын харыстыыр туһугар сыратын харыстаабакка үлэлиир. Саха омук быһыытынан биир ураты көстүүтэ — дорҕоонугар. Ол аата дорҕоон чөл буоларын тутуһуу — омук уратыта. Дорҕоон диэн саҥарар саҥабыт, өссө эбэн эттэххэ, хаһан да хатыламмат дьикти муусукабыт кэриэтэ. Бу уларыйда, алдьанна да омук аатыттан тахсар, сүтэр куттал баар. Сир үрдүгэр араас омук тус-туспа саҥалаах, биир оннук кэрэ дорҕоонноох.

Билигин нууччалыы тартаран саҥарыы дэлэйдэ. “Биһирэм тыл” онтон сэрэтэр, саха тылын үйэлээх үгэһин харыстыыр аналлаах.

В. И. Саввина, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, бэтэрээн:

— Сахалыы биэриини өрүү истэбин. Биирдэ хайдах саҥарарбыт туһунан киһи иһиттэр-истиэх курдук, хайа эрэ киһи кэпсээтэ. Кэлин билбитим, М. П. Алексеев-Дапсы эбит. Бэйэм тылы син билбэхтэһэр курдук саныырым да “сөппүн” ыллым. Ол эрээри үчүгэй баҕайы куолаһынан быһаарарын хайаан да  иһиттэхпинэ эрэ астынар буоллум.

В. Е. Оконешникова, норуот маастара, Орто Халыма:

— Мин, кырдьаҕас киһи, Дапсы кэпсиирин сэргээн истэбин. Дьокуускай дьоно чокоойу атын тыллаахтар. Халымалар кини курдук саҥарбаппыт эрээри, истэргэ үчүгэйэ сүрдээх: куолаһа да, тыла-өһө да. Киһи барыта итинник саҥарара буоллар. Оскуолаҕа итинник саҥарарга тоҕо үөрэппэттэрин сөҕөбүн.

Геннадий Гурьев,

РФ үтүөлээх учуутала.

“Кыым” хаһыат, 2013 с., ыам ыйын 30 күнэ, 19- с сирэй.