учуонай, суруналыыс, публицист, кириитик, бэйээт
быһыытынан нэһилиэстибэм, онно сыһыаннаан, олоҕум кэпсээнэ маннык сааһыланан көстүө этэ
- Оҕо сааһым. Тулаайах аҥаардаах кыһалҕалаах оҕо сааһым үөрүүтэ, хомолтото, иҋэбэр, оҕо дьиэтигэр, оскуолаҕа иитиллиим, сайын холкуоска үлэлээбитим майгыбар, хайдах киһи, үлэһит буолан тахсыыбар сабыдыаллаабыта. Дойдум 7 кылаастаах ситэтэ суох орто оскуолатыгар үөрэнэн, саха тыла идэлээх киһи буолуубар туһалыах туох билиини ылбытым обургу кээмэйинэн былаанныыр “Иҋэм иитиитинэн” диэн бэчээккэ биэрбит 1-кы туоммар суруллар. Үөрэҕэ суох балыыһа ньээньэтэ (саньытаарка) иҋэм аныгы үөрэхтэн ыраах былыргы, норуот ньыматынан такайан, таптаан, таһыйан иитиитэ билиҥҥэ диэри мин майгыбын, үлэҕэ, олоххо сыһыаммын сүрүннүүр. Иҋэм киһи буолар төрүт майгыбын бигэтиппит.
- Устудьуон. Мин СГУ-га үөрэнэн, оскуолаҕа, хомсомуолга, ТЛИИ-гэ, Горисполкомҥа, ГЧИ-гэ, ГЧААХОПИ-га, хаһыаттарга, араадьыйаҕа, Бирисидьиэн, бырабыыталыстыба дьаһалталарын Ис дьыалаҕа ыстаарсай эрэпириэнин солотугар үлэлээн, эҥин эйгэ дьонун билсибитим итиэннэ устудьуоннуу сылдьан, сөптөөх билиини, омугун ботуруйуота буолар өйү-санааны иҥэриммэтэх ханнык да үрдүк үөрэхтээх киһи (ол иһигэр саха тыла идэлээх учуонай, учуутал, суруналыыс, суруйааччы) ылбыт билиитэ кэлин умнуллан, өлбөөрөн, өйө-санаата ылаҕыран, тыл хараанньыта буолбатын көрбүтүм. Онон саха тылын өрүтүннэриигэ эрэмньибин учуонайдарга, учууталларга, суруналыыстарга, суруйааччыларга уурар бэйэм аны саха тылын өрүтүннэрии үлэтэ устудьуону иитииттэн саҕаланыахтаахтааҕын үчүгэйдик өйдөөбүтүм. Саха тылын кэскилэ, хараанньыта буолуохтаах – устудьуон! Бары тыл хараанньыта буолбатахтарын иһин биир эмэ сөпкө иитиллибит, такаллыбыт оҕо хараанньыт буолан туран кэлиэн сөп. Киниэхэ олох, бэлиитикэ, тыл, литэрэтиирэ, устуоруйа үөрэҕин сытыы мөккүөрдээх боппуруостара буоллун – сирэй көрбөх буолбат, кырааскаламматах, оломооттоммотох чахчылаах дьиҥ кырдьыктаах билиини бэриллиэхтээх. Оҕо, өйдүө суоҕа диэн сэнээбэккэ киниэхэ эрэмньини, болҕомтону уурар ордук кэскиллээх. Устудьуоҥҥа аныыр үлэм эмиэ итии оҕо сааспар анаабытым саҕа кээмэйдээх. Көмпүүтэрдэммитэ. Көрүүтэ элбэх үлэлээх. Быйылгы дьылга таһаартардарбын диэн арахсыбакка дьаныһан сыралаһабын.
- Билим. Билимҥэ 1965-1972 (ТЛИИ) – Баһаарыны өйөөччүлэр, ньурбалар бөлөхтөрө диэн араарсыы, атааннаһыы, абааһы көрсүү, сытыы киирсии дьон сыһыаныгар атах буолар кэмэ буолан, үлэлииргэ ыарахана. Улахан билиилээх, элбэх санаалаах үрдүк идэлээх кырдьаҕастары эдэр, туга да суох эрээри атыҥыраан, атааннаан, сэһэргэспэтэхпин ааспытын кэннэ кэлин кэлэн кэмсинэбин. Билиим кэҥиэ, өйүм-санаам төһө эмэ байыа хааллаҕа. Суруйааччылар айымньыларын тыла мөлтөөн иһэриттэн дьаахана, айымньы тылын көннөрдөххө саха тыла көнүө этэ диэн кэлтэй санаалаах сылдьан, улахан ирдэбили туруоран, соһутан дакылааттаан, Суруйааччы сойууһун салалтатын эргимтэтин өһүргэтэн, Обкомҥа үҥсэннэр, ону үнүстүүтүм баартыйалаахтарын уопсай мунньаҕар көрөн, сэрэтии дуу, быыгабар дуу биэрбиттэрэ. Ону мыынан, бүрүөҕэ көрөн, “буруйбун” билиннэрэ, ээхпин этитэ сатаабыттара. Мин бэйэлэрэ тугунан киирэн, чопчу туохха-туохха буруйдуулларын истэн, онно хоруйдаһаары кэтэспитим да – мөрөйдөөн, үрдүттэн саба быраҕан мөхпүттэрэ. Үлэбиттэн үүрдэрбиттэрэ. Олус тыҥааһыннаах, ыга баттыыр ыарахан кэмим. Хата, хайдах сэттэ буолан олорор икки хоспутуттан үүрдэрэр санаа киирбэтэҕэ буолла? Таҥара баар буолан, өйдөрө бааллан, тутах тутуннахтара буолуо. Таҕараҕа махтал.
- Горисполком. Саха аҕыйах, сахалыы саҥа суох кэриэтэ эйгэтэ. Үлэҕэр нуучча дьахталларын кытта олороҕун: бүрүөҥ биир үлэһитэ инсиньиэр диэн сололоох нуучча дьахтара. Кэнсэлээрийэ ньачаанньыгын кытта кэбиниэппит биир. Хабыр майгытын иһин Горсполком апчаарката диэн ааттаммыт дьэбириэй дьахтара. Ааны саха сэгэттэҕинэ, хаһыытаан бытарытар. Ону кытта үөрэҕэ суох муҥутах муҥнаахтар мэлис гынаахтыыллар. Инньэ гынан кыһалҕалаах булбакка эрэйдэнэ сылдьан, биир дойдулаах аҕа табаарыһым, тиэмэҕэ бииргэ үлэлиир кэллиэгэм М.С. Воронкин көмөтүнэн санаан көрбөтөх тэрилтэбэр Горисполкомҥа икки сыл үлэ оскуолатын ааспытым. “Горисполком олорор дьиэтин учуоттуур уонна түҥэтэр бүрүө” диэн иккиэйэх үлэһиттээх салааҕа икки сыл (1972-1974) таҥара накааһын көрбүтүм. Хаһан да харахтаан көрбөтөх дьонум, кыһалҕалаах муҥнаахтар, (үксэ кулгаах кулукута уһулу ыстанарынан хаһыылаах, аҋахтааҕы атыппат кутаа уот тыллаах дьахталлар), сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри барар-кэлэр суолбун хаайан, остуолбун тула туран мөрөйдөөн, олорпокко да саба күөнтээн, тиэргэҥҥэ турар туолуокка да быыстаан таһаарбакка эрэй хааммын эрэйдээбиттэрэ. Ити киһи төрөөн, доруобуйабар оҕустардарбын да – ыарахан тургутууну тулуйбутум туһунан.
- Хаһыаттар. 1974-1976 (ЭК). Сүүнэ улахан тыҥааһын кэнниттэн чуумпу дьоҕус кэлэктиипкэ дууһалыын сынньаммыт кэмим. 1976-1989 (“Кыым”), 1989-1998 (ТЛИИ), 1998.04.-1998.09. СӨ Бирисидьиэнин уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалталарыгар Ис бэлиитикэҕэ сыл аҥаарын кыайбат кылгас кэмҥэ аҕа эрэпириэннээн, топпут саха тойоно кыра киһини хайдах курдук от-мас курдук тутарын син эмиэ тугу эрэ биллэҕим. 1998-2013 (ГЧИ, ГЧААХОПИ), 1992-2017 (Саха араадьыйатыгар тастан) үлэм.
- Хаһыат, араадьыйа. Хаһыакка, араадьыйаҕа үлэм саха тылын өрүтүннэриигэ дьону кытта үлэлээн, кыаҕым баарынан быһаччы кыттыым – олоҕум, үлэм бар дьоҥҥо туһалаабыт биир боччумнаах кэрдииһэ этэ. Бу олоҕум, үлэм кэрдииһин быһыытынан өйгө эрэ баар, хомуллан сурулла илик. Дьоҕус буолара дуу.
- Кириитик. Литэрэтиирэ, тийээтир үлэлэрин ырытыһан, булкуһан испитим, Саха тийээтиригэр Кириитикэ сиэксийэтэ диэн тэрийэн, миигин эмиэ киллэрбиттэрэ. Кэтэһэн көрбүтүм да, кыайан үлэлээбэтэҕэ. Ол эрээри ырытыһыыларга кыттарым, “Эдэр коммуниска” суруйар да этим. Саҥа суруйар уолаттары өйүүрүм, бастакы айымньыларын бэчээттээбит дьонум Хас да буолуохтара. Олортон норуодунай буолбуттара Егор Неймохов, Н. Харлампьева. Чуукаар Лит. үнүстүүккэ үөрэнэ сылдьара. Сэһэргэһэн, сэмэй, сахалыы уол курдук көрөн, сөбүлээбитим. “Харыйа” диэн Өксөкүлээҕи санатар таайтарыылаах хоһоонун бэчээттээһин оччолорго хорсун быһыы курдук этэ. Иван Мигалкин диэн эмиэ Лит. үнүстүүккэ үөрэнэр уол, Сэмэн Даниловтыын ыкса билсиһэр, элбэҕи бэчээттэтиэх курдук көп-сап кэпсээннээх киирэн тахсыбыта. Тугу да биэрбитин да, бэчээттэппиппин да өйдөөбөппүн. Сөбүлээбэтэҕим. Биллэ илик ааптардар бэчээттэммит бастакы айымньыларыгар сыанабыл суруйтуур этим. Холобур, Э. Соколов “Арахсыбат” аргыстарым диэн сэһэнин сонурҕатан, хайҕаан суруйбутум. Биллэр суруйааччылар И.Гоголев, Р. Баҕатаайыскай, Далан ыарахан, кимнээх эрэ үөрүүлээх күннэригэр өйүүр ыстатыйалары суруйтаабытым. Саҥа суруйан эрэр Н.Ф. Борисовы (кэлин Ньукулай Уус) букатыннаахтык кэлэтиэр диэри өр сыл өйөөбүтүм. Тийээтир туруорууларын туһунан суруйан, кими эмэ өһүргэппиппин өйдөөбөппүн. Иэйиибин, ис санаабын суруйарым. Саха артыыстарын таптыырым. Сорох испэктээхтэр оруолларыгар оонньуу аайы атын-атын артыыстар оонньууллара. Онон олору оннооҕор устудьуоннуу сылдьан, иккилии киэһэ субуруччу көрөрүм. Ол дьарыгым оччотооҕу ирдэбилинэн, бэйэм таһыммынан кириитикэҕэ чугастаһыым, кыттыым да буолар. Эппиэт сэкиритээр В.В. Кириллин: “Кыымҥа” Гоголевед эн бааргын, баран, көрөн, суруйан кэл” диэн “Иннэ үүтүнэн” диэн мөккүөрдээх айымньыта бастаан туруутугар ыыппыттааҕа. Култуураҕа сэбиэдиссэй суоҕар солбуйар Ф.П. Егорова, В.С. Федоров-Сэмээр Баһылай бааллара да, сороҕор итинник дьаһайаллара. Арыт худуоһунньуктар быыстапкаларыгар эмиэ ыытара. Ыанньытан, сыыйа-сыппайа үлэлиир киһи бу да түһүмэх син кэпсээннээх буолуон сөп этэ да, мин сааспын баттаһа сулбутуттахпына, сиһилии суруйар курдук наҕылыйбатахпына сатанара буолуо.
- Уочарка, уочаркатыҥы суруйуу, ыстатыйалар, пубулуссуустука. “Үчүгэй дьон туһунан” бөлөххө аҕыйах уочарка, уочаркатыҥы суруйуу, ыстатыйалар, пубулуссуустукам – суруйуубар бэлиэ кэрчиги ылар оннулаах, биһирэммит минньигэс өттө буолаллар. Мин олоххо өйбүнэн-санаабынан кыттыһыым, хомуньууһуму тутууга киһи, кырастаньыын уонна хомуньуус быһыытынан иэспин толоруум – “олоххо актыыбынай позициям” буолара. Икки хаһыакка 15 сылтан ордуктаах үлэм, ону таһынан кэлин суруйбутум сотуллан хаалара кэрэгэй буолуоҕа. Таһымын, хаачыстыбатын өй-санаа, тыл-өс өттүнэн, оччотооҕу кэм таһымынан көрөн, ааҕааччы сыаналаатын. Мин, учуонай да, суруналыыс да аатын ылбакка сылдьан, биһирэммит обургу да суруйууларбар Михаил Алексеев диэн аатым толору суруллубакка сылдьан, М. Алексеев диэнинэн – тылы сатаан туттар суруйуубунан биһирэтэн, биллибитим. Тылы имитэн туттуу, өйдөнүмтүөтүк, сыыс тыла суох, нуучча тылын туттуохха эрэ туттан, сатабыллаахтык сааһылаан саҥарыы, суруйуу – мин учуонай быһыытынан эмиэ сыралаах үлэм дьиҥ дьыалатыгар көстүүтэ буолар. Сатаан саҥарбат, суруйбат эрээри үөрэтээччи буолбатахпын, Саха Ыарыһах Тылын Эмчитэ диэн мээнэҕэ ааттаабатахтарын көрдөрөр. Дэлэҕэ дьоһуннаах ыал иҋэлэрэ эрдэригэр оонньуу-күлэ: “Эн сыыһа саҥардыҥ, мин Дапсыга үҥсүөм…” – диэхтэрэ дуо? Тылга кыһаллар ыаллар: “Хайа, тэлэбисиэргитин көрө олороҕут дуо, Дапсы кэллэ!..” диэн бэйэ-бэйэлэригэр түлүппүөннэһэр сурахтаахтара. Ити норуотум сэҥээриитэ миэхэ улахан өйөбүл, үөрүүлээх сонун буолара. Мин кыра суолталаах да курдук суруйууларбын суруналыыстыка эбит диэн сэнээн кэбиһэр тыл идэлээх киһиэхэ мин туспар сөбө суох. Тоҕо эрэ суолталаан эбэтэр эрэдээксийэ суһал сорудаҕын толорон суруйдаҕым.
- Хоһоонум икки кинигэтэ. Бэчээккэ ырыппаттар, харахха табыллыбат курдук да буоллар, бэйэм санаабар, хайдах да мээнэ, олоро сатаан кумааҕыны марайдааһын буолбатахтар. Аны 100-чэ сирэй буолуох бэчээттэнэ илик хоһооннор бааллар. Дууһам, кутум иэйиитэ, өйүм-санаам күүрүүтэ, хоһоон буолбат уустугу да ылан, тылы имитэн-иэҕэн таһаарыым – тылы туттуу ураты көстүүтэ буолар. Тыл туһунан мөккүһүү, сахатытыыны хоһоонунан көмүскэһии – тылы туттуу биир уустук, ыарахан эрээри тиийимтиэ көрүҥэ буолар дии саныыбын. Дьоҥҥо махталым, үтүөнү баҕарыым өрө көтөҕүллүүлээх хоһоон көрүҥүнэн, тылынан-өһүнэн сааһыланар. Мин хоһоон суруйуохтаахпын диэн соруга суох буолабын. Киһи үөрүүлээх түгэнигэр уута-хаара суох ыраас дьэҥкэ тылынан сахалыы саҥарыах тустаахпын дии саныыбын. Ойуулуу, киэргэтэ сатаан, тылы, этиини өйдүүргэ олуонатык эрийэ-буруйа туттары мин сирэр, тылы алдьатар куһаҕан туттуу диир суолум. Хоһоон эриэбис (ребус) буолуо суох тустаах. Тыл сокуонун кэспэт судургу этиини сөбүлүүбүн. Остуолга эҕэрдэлэһии, тырыбынаттан хоһоон көрүҥүнэн үтүөнү баҕарыы – тылы туттуу, хоһоон биир ураты көрүҥэ буолар. Дьон олоҕо онто суох буолбат, хобдохсуйуох этэ.
- Ахтыы. Үрдүк матыарыйаны эҥсэр, идьиэйэлии сатыыр ахтыы суох. Бэйэм олорбут олоҕум, билсибит дьоммун кытта сыһыаным кэриҥинэн суп-судургу ахтыы буолар. Көмпүүтэр 90 сирэйигэр бэчээттэммит, бэйэтэ дьоҕус кинигэ буолар кыахтаах улахан ахтыым учууталым СГУ дассыана Н.С. Григорьев туһунан. Мантан мин СГУ-га хайдах үөрэммиппин, олохпор, үлэбэр туһалаах туох билиини ылбыппын, онтон туораабатахпын билиэххэ сөп. Ийэм, эһэм тустарынан ахтыыларым эмиэ обургулар. Иҋэм, эһэм тустарынан атын дьоҕус суруйууларым хомуурунньуктарга киирбиттэрэ. Онно-манна бэчээккэ тахсыбыт да, тахсыбатах да кыра-кыра ахтыылар эмиэ олоҕум кэпсээнигэр сыһыаннаахтар.
- Барыларыттан улахан кээмэйдээх, дьоҥҥо киэҥник биллибит үлэм – тылы өрүтүннэриигэ туһаайыылаах “Биһирэм тыл” диэн Саха араадьыйатыгар туох да бэлэн суруга-бичигэ, тиэкиһэ суох, биир лиис аҕыс гыммыт биирин аҥаар өттүгэр ырытар тылларбын, этиилэрбин үксүн хаһыаттан устан суруна сылдьарбын ытыһан тиийэн, олоро түстүм да үйэ чиэппэрэ кэпсээбит саҥам. Сурукка таһаардахха, бука, хас да кинигэ буолуох этэ. Ол улахан уустуктаах. Саҥарбыт саҥа икки сурук тыла икки улахан уратылаахтар. Киһи эрэ тиэмэтин мин курдук арыйыан, мин туттуох тылбынан-өспүнэн бичийэн, сурукка таһаарыан табыллыбат. Икки тыл уратытын арааран билэр курдук тылга муннугар сыттаах, тыл амтанын билэр, бу икки тыл (саҥарар саҥа уонна сурук тылын) уратытын баһылаабыт буолуохтааххын. Саҥараргар сорох тылы, инники этиини кытта куоласкынан ситимниигин, судургутутан, тылы көтүтэн (кылгатан) кэбиһэҕин. Онтуҥ сурук тылыгар көһөрүгэр ситэтэ суох, өйдөммөт, сиинтэксискэ сөп түбэспэт курдук буолуон сөп. Онон туора киһи сурукка түһэрэн буортулуон эрэ сөп. Сөбүлээн бөҕө истибитиҥ сурукка түстэҕинэ, амтана-астыга суох буолан тахсарын акадьыамыгар тиийэ улахан үөрэхтээхтэр бэлиэтээбиттэрэ баар. Күөмэйгин оҥостуммутуҥ, көхсүгүн этиппитиҥ, истээччигэ тыын биэрэн, эҕирийэн ылбытыҥ сурукка көстүбэт. Оннуктары уонна бары атын мунаах түбэлтэлэри саҥарбыт киһи мин бэйэм эрэ билэн, сурукка сөпкө таһаарар кыахтаахпын. Аҕыйах биэрииттэн биир дьоҕус кинигэни таһаарбытым.
- “Биһирэм тылбын” хассыатаҕа уһулларбыппын талааннаах араадьыйа инсиньиэрэ, Үөһээ Бүлүү Физмат оскуолатын М.А. Алексеевка бүтэрбит Дмитрий Тарасович Иванов көмпүүтэргэ киллэрбитэ. Аудио- уонна биидьийэ матырыйаалларын дьон истэн туһанарын курдук ыйынньыктаан: хаһан ханна уһуллубутун, ким устубутун, хас мүнүүтэлээҕин, туох ис хоһооннооҕун ыйан бэлэнниир эмиэ туһугар быыччык үлэ сатыыр киһини күүтэр.
- Хартатыака оҥоһуута. Бу элбэх сыл элбэҕи ааҕан, истэн, сыыһа саҥаны, суруйууну лиис 8/1-гэр илиинэн устан илдьэ сылдьар сыаналаах баайым бар дьон туһатыгар тахсыах тустаах. Итиччэ үлэ мин кэннибиттэн сыыһата, сөбө ханныгын, бу тыл, этии тоҕо суруллубутун кыайан быһаарбакка, иилэн ылбакка таах тоҕон кэбиһиэхтэрэ диэн саныы-саныы ыалдьабын. Барытын сөпкө быһаарар киһи көстүөн оччо саарбахтыыбын. Сыыһаллара элбэҕэ бэрт, биэриим аҕыйах, бириэмэтэ кылгас, суруйар кыаллыбат, бэчээттэбэт да буоланнар, үксүлэрэ биэриибэр ситэн, батаран кэпсээбэтэх тылларым, этиилэрим буолаллар. Онон алыс аһыылаахтар. Балары көмпүүтэргэ киллэрэн, сураҕа суох сүтэллэриттэн быыһаатахха табыллар. Мин, туга сыыһатын ааҕа олорон, тута быһаарбыт, билэр буолан, ыксалынан суруйбуппун, тиийиммэт буолан уонна кэпсиир эрэ утарытынан соруктаах, кэлиҥҥигэ хаалларар кэскиллээх санаата суох буолан, быһаарбакка бэрт тиэтэлинэн бэйэм эрэ өйдүүрүм курдук устан эрэ ыларым. Ити көмпүүтэргэ киирдэҕинэ, тиэмэтинэн наардаан ылан, сааһылаан туһанааччы, үөрэтээччи элбиэҕэ. Тыл үйэлээх үгэһигэр, тылы таба суруйууга, сахатытыыга үлэ, босуобуйа бөҕө суруллуо этэ диэн баҕара саныыбын. Онон бу тылы үөрэтиигэ, биллэриигэ, таптатыыга олус суолталаах, наадалаах баай туһаҕа тахсыахтаах. Мин үйэм уһуура буоллар, биллэн турар, билэр, сүрэхтээх, үлэһит дьоҥҥо көмөлөһүөм этэ. ГЧИ Улахан быһаарыылаах тылдьытын хартатыакатын бары оннук дьахтар аймах үлэлээн кыайбыта. Миэнэ диэн онон оҕустахха, кып-кыракый, ап-аҕыйах буоллаҕа. Уустуга, ыарахана тылын, этиитин сөбүн-сыыһатын быһаарыыта. Ити хартатыакам дьааһыгар суруйааччылар, суруналыыстар айымньыларыгар нуучча тыллардаах этиилэрин кэтэхтэн үөрэнэр устудьуоннарга уһулларбытым баар. Саха тылын оннугар нуучча тылын туттубуттар дуу, дорҕооно сахатыйар кыахтааҕы нууччалыы суруйбуттар дуу, ону быһаартарыы эмиэ – тыл кыһалҕатын быһаарыы үлэтэ буолар. Олору тиийинэн арыйан да көрөр кыаҕым суоҕа. Улахан маастардар айымньыларыттан тупсаҕай туттууну, сыыһа туттууну устубутум, оҕолорго уһулларбытым баар. Бөдөҥ суруйааччылар айымньыларыгар итэҕэл тыла-өһө, саха үгэһэ төһө көстөрүн эмиэ көрдөппүтүм. Тылы билбэт буоланнар, аанньа булбатах буолуохтарын сөп. Оччотооҕуга саха олоҕун, үгэһин, майгытын дириҥник хорутан көрдөрбүт суруйааччыларга эрэ биир эмэ баар буолуон сөп. Бу литэрэтиирэ олоҕу, саха норуотун уратытын көрдөрөр таһымын ыйдаҥардар биир холо (киритиэрий) буолар.
- Туруулаһыы. Дьирээлэһии. Мин олоҕум, үлэм барыта – саха кэскилин туруулаһыы, кыаҕы былдьатан, илиини ыһыктыбат, таска киэр үтүрүллүбэт туһугар дьирээлэһии.