Дапсы хоһоонноро

          Дапсы — хоһоонньут. Хоһуйбатаҕына сатаммат. Кини тугу сэргээбитин, тугу туора көрбүтүн, туохтан долгуйбутун дьүөрэ тылга түһэрэр. Оннук тартарыылаах. Оччоҕо эрэ санаата, сүрэҕэ оннун булар, уоскуйар быһыылаах.

            Дапсы “Эдэр коммунист” уонна “Кыым” хаһыаттарга бэрт тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ ити хаһыаттарга бииргэ үлэлээбит дьонун да, хаһыат да үбүлүөйдэригэр эҕэрдэлээбитэ элбэх эбит. Олортон биир холобур:

            “Кыымы” аахтыҥ дуо, тукаам?.. “Кыымҥа” бары суруллар. “Кыымы”, “Кыымы” ытыктааҥ, Олох дьиҥэ арыллар!.. Кыым кыратын сэнээмэҥ, Кыымтан кутаа багдаллар! “Кыымы” олох түүйүмэҥ — Саамай таптаан ааҕаллар! Норуот дьонун чулуута “Кыымы” алҕаан айбыта! Ол дьон улуу кутаата Умуллубат, уостубат! “Кыыммыт” — норуот хаһыата Норуот иннин туруорсар…

            Саллар сааһын тухары Сырдык кыымы ыспыта!Хараҥаны курдары Банаар буолан тыкпыта!

            (2012, “Банаар буолан тыкпыта” 74 с.).

            Ити “Кыым” куччаан, уостан, салалта өйөөбөт буолан, норуот хаһыата буолбут кэминээҕи туругун сыаналаан, өйөөн суруйбут хоһооно. Дапсы ити кэмҥэ билбит, хаһыатчыт олоҕор сыһыаннаах маннык хоһоонноох:

            Даамҥын биэрдиҥ даамаҕар — Даамаҥ бары дьыалаҕар Настаабынньык, сиэнсэр: “Ки-ми да, ту-гу да! Хан-на да!” Кириитикэлии сорунума!

            А-ны да, ха-һан да! Ха-йаан да! Алдьанары оҥостума!..”

            (“Суруналыыс хотуна”, 2012, 75 с.).

            Бу хоһоон аан дойду бары суруналыыстарыгар даҕаны сыһыаннаах, ону тэҥэ эр-ойох олоҕун биир бэлиэ уратыта, күннээҕи олоххо дьон сыһыана буолан, толкуйдатар. Сылаас иэйиинэн сайан киирэр. Эр киһи кэргэнэ, дьиэ кэргэн олоҕун, оҕотун-уруутун иннин санаан, эрин дьон тылыттан, оһолтон-моһолтон харыстаан буойара-сэрэтэрэ сэрэйиллэр. Бу боппуруос улахан тыҥааһына сүһүөхтээн, араартаан, чиҥэтэн этэр тылын истилиистикэтинэн сатабыллаахтык бэриллибит. Ааптартан, кини тус олоҕуттан тэйитиллэн, бэйиэсийэ уобараһыгар кубулуйар.

            Бу холобурдарынан мин тугу этээри гынабыный?

            Бастатан туран, Дапсы олоҕун бэлиэ түгэннэрин, туохтан күүскэ долгуйбутун хоһоонунан суруйуута — ис-хаан “ыарыыта” буолар эбит.

            Иккиһинэн, кини хоһоонньут бэйиэттэртэн бэлиэ уратыта: анаан “айымньы айа” сатаабат. Онон нотуураны оҥоһуу киэргэтии гына ойуулуу сатаабат. Олох баар көстүүтүттэн суолталааҕы булан, судургу күндээрдэрин ордорор. Өйүн олоруута, санаатын сүнньэ, сүрэҕин-быарын тардыһыыта оннук. “Кыым” хараҥаҕа сырдатар банаар тэҥэ сыаналанар. “Суруналыыс хотуна” диэн кылгас хоһоон “Даамаҕар даамҥын биэрэн да, олоххо туруулаһаргын, бука диэн, мөлтөтүмэ, ыллыккыттан туораама” диэн күүстээх түгэх өйдөбүллээх. Дьахтар төһө баҕарар санаатын, баҕатын этиэн сөп — эр киһи онно көрөн сыһыаннаһар.

            Үсүһүнэн, хоһоонноро — хоһоон халыыбынан суруллубут нэбиэллэлэр дэниэхтэрин сөп курдук.

            Дапсы хоһооннорун кинигэтин, улахан олук сааһын олорон, уһуннук сытыаран, астытан баран, күн сирин көрдөрдө. Ол эмиэ улахан суолталаах, оруоллаах. Бу киһибит хоһоон суруйуутун, кинигэ бэчээттэтиитин сыал-сорук оҥостон, сырсыбатаҕын көрөбүт. Мунньуллубутун эрэ аанньа бэчээттэппит курдук. Дапсы хоһооннорун бар дьонугар кэс тылын курдук ылыныах, сыаналыах тустаахпыт.

            Тыл бүттүүн үөрэҕин Сэбилэнэн тураммын, Сахам тылын үөрэҕин Саҥардыһа сылдьабын. Төрүт тылым барахсан Кэхтэн өлбөт сүбэтин Тобулсуһуох тустаахпын, Айылгытын, сүмэтин, Төрүт үтүө бэйэтин Харааннаһар иэстээхпин. (2011, 264-266 с.)

            Бу хоһооннору суруйар ДЬОРУОЙ (уобарас) ол туруктан, ол өй таһымыттан этэр-тыынар. Онон кини бигэ итэҕэллээх, этэр тылын суолтатын, дэгэтин дириҥник өйдүүр, тугу хаһан хайдах этэр сатабылын баһылаабыт, лаппа үөрүйэхтэммит киһи буолар. Кинини бүтүн норуот эрэнэ, киниттэн элбэҕи эрэйэ, итэҕэйэ күүтэрин билэр. Онон ол күүтээччилэр эрэллэрин түһэн биэрбэтэрбин диэн, бэйэтин умнан туран, кыһаллар. Дапсы хоһооннорун сүрэ-кута уонна этэр күүһэ итиннэ сытар.

            Дапсы соҕотох буолбатах: бастакыларбытыттан саҕалаан, иннигэр-кэннигэр тыл үөрэҕин саҥардыһар, тыл өлбөт сүбэтин тобулсуһар, тыл төрүт үтүөтүн харааннаһар, түҥнэстибэт түөрэҕин түһэрсиһэр, кэхтибэт кэскилин төлкөлөһөр биир санаалаах бигэ дьоннордоох, доҕоттордоох. Онон бөҕөх. Ол дьонноро элбэхтэрин икки кинигэ былаһын тухары — “Олох амтаныгар” баар анабыл хоһоонноругар уонна “Бу ытык өбүгэ олоҕор” диэн кинигэтигэр үгүстүк көрсөбүт. Онно Саха сирин үрдүнэн — хотунан-соҕуруунан “Биһирэм тыл” диэн биэриитин биһирээччилэр, күүскэ өйөөччү ытык кырдьаҕастар эмиэ тэҥинэн сылдьаллар. Ол дьону хас биирдиилэрин туох туһугар биһириирин ааҕымыым: сахатытыыны өйүүр уонна Дапсы туруулаһар суолларын өйдүүр, биһириир, саха туһугар бэриниилээх, сахалыы сиэрдээх-майгылаах дьон буолаллар.

            Оттон билиҥҥи тыҥаан турар тыл кыһалҕатын өйдөөбөт, көнө үөрэҕи ылыммат, саха тылын тиэрдэ сыаналаабат, тыл кэскилибин санаабат, түһэн биэрэр дьону сөбүлээбэт.Алҕастарын өйдөтөөрү, тиэрэ өйдөөн, түктэритик тылласпыттарын тылыттан тылыгар этэн туран, тыл үөрэҕин сүрүн, тутаах ирдэбиллэригэр сыһыары тутан, көрдөрөр. Оччоҕо алҕастара-сыыһалара ырылыччы тахсан кэлэр. Итинэн, бэйэтин көрүүтүн чуолкайдык этэр. Маннык дапсыырга норуот бэйиэтэ, Дапсы ытыктыыр, убайыттан атыннык ааттаабат киһитэ С. Руфов, норуот суруйааччылара Н. Лугинов, Н. Харлампьева, о.д.а. түбэспиттэр.

            Дапсы, бар дьон кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон, ааттаах мөккүөнньүт (полемист), талааннаах күүрээнньик (публицист). Аны тылга сытыы мөккүөнүн хомоҕой хоһоонунан этэргэ тиийэ кыһарыйтаран, саҥа кэрдиискэ тахсыбыт. Бэйиэсийэ уустук тиэмэтин кэҥэтэн, саҥа аартыгы тэлэйбит. Бөдөҥ суруйааччыларбыт бар дьону булкуйуох сыыһа өйдөбүллэрин, тиэрэ, сүөргү тылларын литэрэтиирэ чаҕылхай холобура туттан, уус тылга уһааран, уус-уран уобарас оҥорбут. Ол табыллыбыт.

            Онон Дапсы сахатыйыыны туруулаһар өйү-санааны өйүүр дьон үлэтин-хамнаһын биһириир, чиэски өйдөөх-санаалаах диэбит дьонун саха тылыгар омсолоох сыһыаннарын көрдөрөр. Манна суруйуу тыына, истиилэ, Дапсылыы: туруору, быһаччы. Тыла-өһө Дапсылыы: баай, уран.

Г. Г. Филиппов, бэрэпиэссэр.

“Кыым” хаһыат, 2014 с., тохсунньу 23 к., 33-с сирэй.   

Бар дьоммор

Умнумаарыҥ, мин баарбын!

Олох сайдар тыыныгар

Куппун-сүрбүн иҥэрдим,

Дьонум-сэргэм тылыгар

Төрүт өйүн тириэрдим.

Мыынаайаҕыт үлэбин,

Аҕыйаҕы суруйдум,

Тиийиммэккэ тутайдым,

Сорҕотугар иһийдим,

Дьон үлэтин бэрийдим.

Сиилээйэҕит алҕаһаан!

Күөҕү тосту үктүөбэт

Көрсүөбүнэн сааһырдым,

Сэмэй, көнө мин этим,

Инни быһа түспэтим.

Саҥа кэмҥэ махтанным!

Бобуу-хаайыы тылбыытын

Төлө тардан элээртэ,

Онон муммут тылбытын

Баҕаланан эмтээтим!

 Умнумаарыҥ, мин баарбын!

Олох сайдар тыыныгар

Куппун-сүрбүн иҥэрдим,

Дьонум-сэргэм тылыгар

Өйүн ууһун төннөрдүм!

Өргөс-кылаан Үөһээ Бүлүү

Үөһээ Бүлүү дьоннорун

Үс сахабыт чорботорун

Өрүү чуордук истэбит,

Сиидэлээммит өйдүүбүт.

Өйөөн этэр тыллартан

Үөрэ-чэпчии түһэбит.

Үөһээ Бүлүү дьоннорун

Үтүө саха чорботорун

Киэн да туттуох тустаахпыт,

Түһэн биэриэ суохтаахпыт!

«Үөһээ Бүлүү биир киһи –

Үтүө, дьоһун. Өй хаата.

Үөһээ Бүлүү киһитэ

Икки буолан көрүстүн –

Этэр кэҕэ куолуһут.

Үһүөлэһэ түстүннэр –

Үтүрүһэн бараллар,

«Сүрдээх дьоннор» дииллэрин

Күлэ-оонньуу истэбит.

Биһи биирдэм киһибит –

Хаама сылдьар бөлүһүөк.

Оттон икки киһибит –

Бүтүн улуус мунньаҕа,

Үстүү төбө холбоһон –

Икки улуус мунньаҕа!

Урааҥхайым оҕолоро

Уран-силик сахалар,

Удьуор үөһээ бүлүүлэр

Өлөн биэрбэт үөстээхпит,

Өһүөмньүлээх өстөөххө

Өрө турар эрдээхпит,

Ньыла түһэн сэнэппэппит,

Түһэн бэрсэн сиэммэппит,

Өһөн-мөлтөөн үөрпэппит!

Күүгэн курдук уостубат

Күүстээх, күрэх санаалаах,

Токуруйбат туруору,

Сынтарыйбат, сыппаабат,

Өҕүллүбэт, тостубат

Өрүү сытыы өргөстөөх

Үөһээ Бүлүү дьонобут!

Кэннин диэки кэхтибэт,

Кимэн иһэн, тэнийэр

Тиргиллэҕэс киэптээхпит.

Киһи-саха аатырар

Килбиэннээҕин өйдүүбүт,

Кини аатын түспэппит,

Өрүү өрө тутабыт –

Ньургун саха буолабыт!

Үөһээ Бүлүү дьонноро

Ньургун саха буолабыт!

2009 с., сэтинньи 1к.

Дойдубун киэн туттар дьоллоохпун

Оо, таптал, ахтылҕан туймаардар,

Уйулҕам уйгуурар, айманар.

Дойдубун, бар дьоммун таптыырбын

Долгуйа, киэн тутта ыллыыбын.

            Уу, от-мас, өҥ, сыт, тыас иҥмитин

            «Оо, таптал!», «Ахтылҕан!..» диирбитин

            Өннөһөн, өмүччү дьэ биллим,

Үлүскэн үөрүүгэ бигэнним…

Добун кэм ыччата норуотун,

Дойдутун таптыыра олуһун!

Барыга «Биһи!» диэн саныыра,

Бастыҥын бар дьоҥҥо аныыра.

            Үйэ, дьол сырдыгар тардыһан,

            Үөрэххэ, үлэҕэ талаһан ­

            Дойдуну күүһүрдэр иннигэр

Тоҥтон да толлубат этилэр.

            Киэн туттар Боотулуум уйгулаах,

            Киһитэ сайаҕас майгылаах,

            Күндүтэ-мааныта истиҥнээх,

            Күн ыраас таптала үйэлээх.

            Ким да буол, эн тиийиий дойдубар,

            Киэҥ-холку маанылаах бар дьоммор.

            Эҋигин кэтэспит кэриэтэ

            Эйэргии көрсүөҕэ хас дьиэтэ.

Үтүө сир хараанныы тоһуйуо,

Өҥ-быйаҥ сытынан тунуйуо,

Үрүҥ күн кууспалыа, угуруо,

Үс кутуҥ уоскуйуо, дуоһуйуо.

            Мин дойдум торҕо күөх ситиитэ

            Муҥутуур абылыыр кэрэтэ,

            Силигэ ­- сибэкки тэлгэнэр,

            Сир иҋэ чэлгийэр, симэнэр!

Чыычааҕын ырыата сэллээбэт,

Чоргуйар кэҕэтэ кэрээбэт.

Собото, мундута үлүгэр

Сэмсээннэр үҥкүүлээн тэйэллэр.

            Күөллэрбит күндэлэс ууларын

            Күөх кэтит кыламан тулалыыр,

            Кус, балык бастыҥнаах баайдарын

            Харыстаан, айылҕа хараанныыр.

Бэлиэлээх, киис, саһыл биллэллэр ­

«Байанай көнньүөрэр!..» ­ дэһэллэр.

Төрөөбүт мин түөлбэм чахчыта ­-

Тыл куттаах, итэҕэл дойдута.

            Кымыһа, быырпаҕа сырылыыр,

            Кындыа кыыс кытыана арчылыыр,

            Оонньообут, оттообут сирдэрбэр

            Улдьаарбат оҕо саас дьиэлэнэр…

Бар дьоммун, ыччаппыт бөҕөнү

Барыга дьоҕурун сөҕөбүн.

Дьокуускай сиригэр туох суоҕун

Дойдубар булгуччу булуоҕум.

            Мин дойдум салгына да эмтиир,

            Мыыдарас үгэһэ да сиэрдиир.

            Уйгуну барҕарда туруоҕа

            Олоххо тардыһыы чөл уоҕа.

Сүрэҕи ыллатар ахтылҕан.

Сүргэни көтөҕөр умсулҕан.

Дьон тэҥэ дьоһун хаан дьонноохпун,

Дойдубун киэн туттар дьоллоохпун!..