Дапсы ыллыктаах тыллара
Тыл билимин кандидата Өлөксүөйэп Мэхээлэ Бөтүрүөбүс – Дапсы 2017 – 2018 - 2020 – 2023 - 2024 сылларга улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ үлэлиир Е.И. Буртахованы кытта куйаар ситиминэн суруйсубут суруга, ыллыктаах этиилэрэ, баҕа санаалара.
Бибилитиэкэ буондатын хаҥатар урукку бибколлектор курдук дойду өрөспүүбүлүкэ үрдүкү уоргана бигэргэппит ааптар, кинигэ испииһэгин тутуһар эппиэттээх салаа баар дуо?
Ити идьиэлиэгийэ өттүнэн харыстаныы. Аныгы үйэлэргэ биһиэхэ сахаларга тыл – өс өттүнэн харыстаныы кыһалҕата тирээтэ. Бүттүүн тылы билбэт буолуу уонна сатаҕай дьаһаныы түмүгэр бэйэ намыһах таһымынан бөлбөхтөөн, бөрөөн оҥоһуллубут кинигэ олус элбээтэ. Оннуктар биһиги сибэтиэй Кииммит модьоҕотун уҥуордуо суох тустаахтар. Тыл үгэһин харабыла, хараана саха Кутун, Сүрүн курдук чэбдик, ыраас, сэргэх, чуор, кыраҕы буолуохтаах!
Төрөөбүтэ оччо сааһыгар дэммэт. Төрөөбүтэ диэн тыл бу түбэлтэҕэ – тылы, өйү алдьатар сыыс тыл! Туттубат сиргэ туттуллубут.
.. – Оҕо … ситиһэр сыалтан диэн нуучча тылын олордон ылбыттар. Сахалар ити тыла суох хас сүүс сыл бэркэ олорбуттара биллибэт. Оҕоҕо тылы биллэрээри, оҕо сөпкө саҥарарын туһугар нуучча тылыттан тугу да уорбакка, бэйэни түһэриммэккэ уу сахалыы саҥарыллар. Өйбүтүн үлэлэтэ үөрэниэххэ, сүрэҕэлдьээмиэххэ, атын омук бэлэнигэр сэлээннэнимиэххэ.
Ити мин суруйарбын өйдөөн ааҕар буолуҥ. Бэйэ уус, баай, кэрэ тыллаах эрээри хардыы аайы нуучча тылын олордон ыла сылдьан, сайдабыт диир хайдах табыллыай?
Нуучча тыла эмиэ дьүдэйэр. Онно биһиги эмиэ өҥөлөһөбүт. Нуучча тылын эмиэ харыстаһыах тустаахпыт. Икки, онтон да ордук тылы баһылаатахпытына эрэ култууралаах аатырар кэммит кэллэ.
Иҋэ тыл өйгө, уйулҕаҕа, сүрэххэ-быарга бастакынан сылдьар. Омуктар өйдөөхтөрө хайа да улуу тылтан ордук дииллэр.
.. Биһиги сэниир, атыттары ордугургуур майгылаахпыт. Ол сайдыы алын таһыма буолар. Ол да курдук төрөөбүт тылын баһылаабыт, эҥкилэ суох туттар (саҥарар, суруйар) киһи биир эмэ баар буолуон сөп (баар буоллаҕына…). Ол иһин саха тылын өрүтүннэрии бүттүүммүт кыһалҕата.
Дапсы: Дьэ кыргыттарым барахсаттары, тапталлаахтарбын түбүк бөҕөҕө түһэрдим. Эмиэ да бар дьоммут өрө кэҕийэрин, тылбыт өрүттэрин туһугар буоллаҕа. Барыгытыгар түөрт өттүбэр сүгүрүйэн туран махтанабын! Уруй-туску!
Мэхээлэ Бөтүрүөбүс – Дапсы баҕа санаата
Библиотека фондатыгар киириэн наада. Улахан Киһилээх диэн төрөөбүт алааһым. Байбал Байбалабыс “Төрөөбүт алааһын уутун ахтыбыта буолуо”,- диэн муус уутун көйөн кэһиитин ыыппыта, онно үөрбүппүөн. Байбал Байбалабыс аҕата Хабырылайап Сахаар (Торҕо Сахаара) Улахан Киһилээххэ турбут олорбут дьиэбин Сургуулукка көһөрөн аҕалан сөргүтэн тиэргэнигэр туттубута. Ити дьиэни ийэм аҕата Өндөрөй туппут. Барыта илииннэн – тыаттан сүгэннэн мас кэрдэн, онтун саннынан таһан, сүгэннэн суоран. Киһилээххэ баран олорбут, дьиэм турбут сиригэр туох эмит бэлиэ сурук туруон сөп этэ. Икки өтөх турбут хос эһэм дьиэтэ, ити. Сургуулуктан көс курдук эбитэ ду. Хата, дьиэм көһөрүллэн кэлэн, баһаартан иҥин быыһанна диэн үөрэбин. Итини санааҕа илдьэ сылдьан мантан инньэ оҥоруоххутун сөп. Сургуулукка көһөн кэлбит дьиэни реставрациялыыллара буоллар.
Куйаар ситимигэр ыытаргытыгар уонна пуондаҕа, эл.буостаҕа киллэрэргитигэр сахалыы ойуу – бичик киэргэтиилээх, быһаарыы суруктаах ыыталааҥ. Дьоннор туга ханныга биллибэт сулугур ыыталлар.
Бүлүү киһитин Иванов Дмитрий Тарааһабыс кытта билсэн, тутуһуҥ. Мин төрөөбүт алааспын хаартыскаҕа түһэттэрэн.
Саамай тирэхтэрим, тапталларым, табыллыбыт курдук мааны кыргыттарым эһиги буолаҕыт.
27.10.2021 с.
Билиитиэкэ тапталым
Кыргыттарга эҕэрдэ! Үрдүк өрөгөйдөөхтүк үөрэ-көтө бырааһынньыктааҥ. Хата хаһыакка биэриҥ, атын да бибилитиэкэ кыргыттара ааҕан, үөрэ сырыттыннар ээ. Бары быыллаах , тымныы кыараҕас дьиэҕэ үлэлээн муҥнаммыт дьоҥҥут.
Дьэ үөрүҥ-көтүҥ, эйэлээх дьиэ кэргэн буолбут үөлээннээх дьүөгэлэр!
Билиитиэкэ тапталым
Киһи аймах билиитин
Кичэриһэн мунньаҕыт,
Кэхтиэ суохтаах кэрэтин
Кичэллээхтик тутаҕыт.
Билиитиэкэ!
Билиитиэкэ!
Сурунааллар, кинигэлэр,
Сонун хаата хаһыаттар
Олохпутун сырдаталлар.
Култуураҕа сыстаҕастар
Куруук бааллар кырдьаҕастар.
Кэскиллээхтэр, эдэрдэр,
Кэмэ суохтар элбэхтэр.
Ыксал-ыгым үлэлээхтэр.
Эҥин уустук идэлээхтэр,
Бэриэт сайдар иҥсэлээхтэр
Биэрэс тэбэр чинчилээхтэр.
Эгэлгэлээх санааларын
Эһи сатаан табаҕыт,
Ыксал-тиэтэл баҕаларын
Чопчу сонно толороҕут.
Билии бары эйгэтигэр
Ыйан-кэрдэн сүбэлиигит,
Ырытыһыы кэмнэригэр
Ымпыктааҥҥыт сыаналыыгыт.
Үгүс өйүүр алгыстаах,
Махтал, үөрүү кынаттаах,
Олороҕут дьоһуннук,
Туһалыыгыт уһуннук.
Ааҕааччыны ытыктыыр
Эйэҕэскит эрчимниир,
Дьиэҕэ туппат тумуу, ыарыы,
Кэмин иннэ бохтуу, кырдьыы!
Көхтөөх дьүөгэ кыргыттар,
Көрсүө. дьүөрэ майгылаахтар.
Иллэҥ кэмҥэ,үлэҕэ
Мэлдьи истиҥ эйэлээхтэр.
Билиитиэкэ кыргыттара
Талбыт курдук маанылара,
Уурбут-туппут ураннара
Харах туолар, халтарыйар.
Нарын, сэмэй холкулара
Холкутатар, уоскутар,
Намыын, чэгиэн наскыллара
Чэбдигирдэр, дьэгдьитэр.
Күлүҥ-үөрүҥ күлүмнэһиҥ,
Кэрэҕитин ситэрсиһиҥ,
Киһи аатын үрдэтиһиҥ,
Кини сирин киэргэтиһиҥ!
Билиитиэкэ!
Билиитиэкэ!
Тыынар салгын киһиэхэ!
Өркөн өйбүт кыһата,
Сүрбүт-куппут уйата!
Библиитиэкэ!
Билиитиэкэ!
Оҕо саастан тапталым”
Билиитиэкэ!
Билиитиэкэ!
Үйэ сааспар махталым!
Билиитиэкэ!
Билиитиэкэ!
Киһи буолан кэрэхсэнэр
Килбиэн суолбун тэлбитэ,
Күүһү, кыаҕы биэрбитэ.
Билиитиэкэ!
Билиитиэкэ!
Оҕо сааспар тапталым!
Билиитиэкэ!
Билиитиэкэ!
Үйэ сааспар махталым!
М.П. Алексеев – Дапсы
2022 сыл ыам ыйын 27 күнэ. Дапсы аатынан Ийэ тыл киинин бэлиэтин арыйыы (ватсап суруктара)
Дапсы суруга – Дьэ Владимир Семенович Поскачин аҕа баһылыктаах үөһээ бүлүүлэр, билиитиэкэм кыргыттара барахсаттар, кытаанахтык ылсыспыккытын өрөспүүбүлүкэҕэ көрдөрдүгүт. Эр бэртэрэ буоларгытын итэҕэттигит.
Тыыннаах дьон ааттара тэрилтэлэргэ, уулуссаларга, аламааска, айылҕа тааһыгар, кытта иҥэриллэр үйэтигэр тиийэммин мин ааппынан эмиэ ханна да суох, саха омук эрэ буолбакка аан дойду тылын тыына хараараары тыынын былдьаһар омук барыта өрүттэр суолун хаардыыр– суол көрдөрөр ала бэлиэ тэрилтэ төрөөбүт улууһум киинигэр үөскүүр төрүтэ уурулунна!..
Дапсы суруга – Улахан сүпсүлгэнинэн кэлбит, ханна да суох сүдү кэскиллээх тэрээһиҥҥитин киэн туттабын, айхаллыыбын!
Тапталлаах биилиитиэкэбит быйылгы үрдүк ситиһиитэ хаһан да уостубатын! Идэлэрин муҥутуурдук баһылаабыт улахан бэриниилээх, эһиги курдук сүрэхтээх, тобуллаҕас айар өйдөөх сыыйыыттан сыыйыылар солбуйсан, билиитиэкэ кыаҕын барҕарда турдуннар! Ааҕааччы сиэрэ-майгыта тупсан, ис-тас култуурата үрдээн истин! Онно улахан өттө эһиги айымньылаах, сыралаах үлэҕит, абылаҥнаах сыһыаҥҥыт үтүөтэ сүүнэ суолталаннын!.. Дом! Дапсы оҕонньор дойдубар Олоҥхо ыһыаҕар бараары кынаппын куурдуна олорон, “Айхал-мичил!.. Уруй-туску!..”
Дапсы суруга – Бүгүҥҥү күн улуу күн устуоруйаҕа хаалыа. Мин туспар эрэ буолбатах, норуотум уонна бары сүтэр кутталга киирбит тыллаах кыра норуоттар тыллара өрүттэригэр үөһээ бүлүүлэр дойдуга бастакынан далаһа быраҕан эрэллэр! Ол хаһан эрэ махтал истиҥ тылынан киэҥник ахтыллыа.