Үөһээ Бүлүү оройуонун киинигэр 1936 сыллаахха тохсунньу 15 күнүттэн бастакы бибилэтиэкэ тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Библиотекаҕа араас көлүөнэ ыччат, бибилэтиэкэр араас сылларга үлэлээн уопут ылан үлэһит быһыытынан миэстэлэрин булалларыгар улахан тирэх буолбут сир. Өр сылларга Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотекаҕа директорынан үлэлээбит ССРС култууратын туйгуна, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ О.Д. Федорова директорынан үлэлээбит сылларыгар элбэх эдэр библиотекардар идэлэрин баһылыылларыгар үөрэтэн-такайан, сүбэ-ама биэрэн кини оскуолатын ааспыттар элбэхтэр.
Кинилэр улуустааҕы библиотекаҕа үлэлээн, уопутуран, идэ кистэлэнэригэр уһуйуллан өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ол курдук Үөһээ Бүлүү библиотекатыгар үлэлээн, онтон куорсун анньынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтигэр араас сылларга үлэлээбиттэрэ уонна билиҥҥи бириэмэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар:
Чоччасова Варвара Никифоровна 1978-1980 сс. МБА уонна комплектование отделын сэбиэдиссэйэ, 1980-1981 сс. библиограф, 1981-1982 сс. медодико-библиографическай отдел сэбиэдиссэйэ.
Рожина (Буслаева) Мария Михайловна 1978 c. атырдьах ыйыттан бу сыл балаҕан ыйыгар дылы -комплектование отделын старшай библиотекара, 1978 с. балаҕан ыйыттан 1982 с. ыам ыйыгар дылы методическэй отдел сэбиэдиссэйэ.
Ханды Надежда Александровна 1985-1986 сс. медодико-библиографическай отдел сэбиэдиссэйэ.
Ньурбаттан төрүттээх Федорова Лариса Алексеевна 1978-1990 сс. комплектование отделын редактора.
Степанова Любовь Яковлевна 1978 -1981 сс. ааҕааччылары кытта үлэлиир отдел библиотекара, 1984-1985 сс. передвижка отделын библиотекара, 1992-1995 сс. оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ.
Пелагейкина Галина Степановна 1981с. методист, 1981-1987 сс. библиотекарь, 1987 сс. научнай-техническай информация отделын сэбиэдиссэйэ, 1991-1999 сс. оҕо библиотекатыгар үлэлээбитэ.
Алебастрова Елена Станиславовна 1989-1990 сс. оҕо библиотекатын, 1990-1993 сс. ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел библиотекара.
Алексеева Сардана Васильевна 1992-1993сс. информация уонна библиография отделын сэбиэдиссэйэ.
Ити курдук араас кэмҥэ эдэркээн кыргыттар Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотекаҕа үлэлээн ааспыттара, кинигэ киэҥ билиитин кистэлэҥнэрин арыйбыттара.
1976-1993 сс. Боотулуу нэһилиэгиттэн төрүттээх Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училище библиотечнай салаатын 1953 с. бүтэрбит Деллохова Анна Михайловна өрөспүүбүлүкэтээҕи А. С. Пушкин аатынан библиотекаҕа сүүрбэччэ сыл кинигэнэн хааччыйар уонна кинигэни харайар отделларга үлэлээбитэ.

Чоччасова В. Н.

Федорова Л. А.

Ханды Н. А.
Билиҥҥи бириэмэҕэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Лариса Романовна Никифорова научнай методическай киин кылаабынай библиотекарынан, Сардана Николаевна Евдокимова СӨ библиотечнай дьыалатын салайар киин кылаабынай библиотекарынан, Сардана Васильевна Алексеева ааҕааччыны кытта үлэлиир салааҕа кылаабынай библиотекарынан, Елена Станиславовна Алебастрова СӨ НБ Саха сирин норуоттарын тылларын уонна култуураларын сыыппара эйгэтигэр үйэтитэр киинин сыыппараҕа көспүт докумуоннары сааһылыыр салаатын кылаабынай библиограба.

Алексеева С. В., Бускарова-Иванова Л. Я.

Уҥаттан бастакы Евдокимова С. Н., Петрова Н. К., Саввинова Г. А. 2015 с., Үөһээ Бүлүү.