Саха саарына (Исидор Никифорович Барахов 127 сааһыгар)

Саха саарына
(Исидор Никифорович Барахов)

Васильев Юрий Иванович – филологическай наука кандидата, 1991 с. Саха государственнай университетын саха тылыгар доцена, 1992-1994 сс. Турцияҕа Анкара университетыгар саха тылын үөрэппитэ, саха тылын лексиколог учуонайа, Түүрдэр Аан дойдутааҕы академияларын академига, РФ журналистарын Союһун чилиэнэ 

Саха уһулуччулаах государственнай уонна политическай салайааччыта, талааннаах учуонайа уонна экономиһа Исидор Никифорович Барахов (Иванов) Бүлүү уокуругар, Үөһээ Бүлүү улууһугар Харбалаах нэһилиэгэр орто баай кэргэнигэр 1898 сыллаахха олунньу 12 күнүгэр төрөөбүтэ.

Исидор Иванов (Барахов) Үөһээ Бүлүү церковно-приходской оскуолатыгар үөрэнэн баран Бүлүү куоратын үрдүкү начальнай училищетын 1915 сыллаахха бүтэрбитэ. Онтон салгыы Дьокуускайдааҕы учительскай семинарияҕа үөрэнэн 1918 сыллаахха бүтэрбитэ. Семинарияҕа үөрэнэ сыддьан 1916 сыллаахха “Рассвет” диэн литературнай кружокка, онтон 1917 сылтан “Юный социал-демократ” политическай кружокка кыттан марксистскай-ленинскэй өйгө-санааҕа иитиллэр уонна 1917 сыл балаҕан ыйыгар Российскай социал-демократическай партия чилиэнэ буолар. 1917-1918 сс. Дьокуускай куорат народнай депутаттарын Советын исполкомун канцеляриятын управляющайынан үлэлиир. 1918 с. Дьокуускай куорат түрмэтигэр хаайыллар, Иркутскай губернияҕа көскө ыытыллар, онно учууталлыыр, 1919 с. Иркутскайдааҕы Колчак турмэтигэр түбэһэр, сотору босхолонор.

1920 с. Дьокуускайга Советский былааһы олохтуурга Сибревком уполномоченнайынан үлэлиир. 1920 сылтан партийнай үлэһит буолар, Бассабыыктар Россиятааҕы Коммунистическай партиятын Саха губерниятын бюротын секретарынан үлэлиир, 1921 с. Коммунистическай партия Бүлүү уеһынааҕы бюротун секретарынан, 1921-1922 сс. БРКП Саха сиринээҕи губбюротун тэрийэр-инструкторскай отделын сэбиэдиссэйинэн уонна губбюро секретарынан үлэлиир. 1922 с. Бүлүү уеһыгар бандьыыттары эһиигэ отряд комиссарынан ананан кэлэр. 1922-1924 сс. Саха АССР народнай комиссардарын советын председателинэн, ону тэҥэ Саха АССР КСК председателинэн эбээһинэһин толорооччунан үлэлиир, 1924-1926 сс. Москваҕа БСК(б)П КК иһинээҕи марксизм-ленинизм курсугар үөрэнэр, 1926-1928 сс. БСК(б)П Саха сиринээҕи обкомун секретарынан үлэлиир, 1928-1933 сс. БСК(б)П КК иһинээҕи кыһыл профессура институтун экономическай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. 1933-1938 сс. БСК(б)П КК тыа хаһаайыстыбатын отделын Илин Сибиирдээҕи, Дальнай Востоктааҕы секторын бастаан сэбиэдиссэйи солбуйааччынан, онтон сектор сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1938 с. олунньу 3 күнүгэр сымыйа дьыалаҕа хаайыллар уонна 1938 с. балаҕан ыйын 15 күнүгэр ытыллар. 1956 с. алтынньы 15 күнүгэр буруйа уһуллар (реабилитацияланар), 1956 с. алтынньы 8 к. Коммунистическай партия чилиэнигэр чөлүгэр түһэриллэр. И.Н. Барахов бастаан 1921 с. III Сибиирдээҕи коммунистическай партийнай конференция делегатынан, онтон Коммунистическай партия X, XII, XV съездтэрин делегатынан талыллан съездтэр үлэлэригэр кыттыбыта, 1922-1929 сс. Саха АССР КСК чилиэнинэн, 1923-1929 сс. ССРС КСК чилиэнинэн талыллан үлэлээбитэ.

И.Н. Барахов туһунан аан бастаан биһиги биир дойдулаахпыт журналист, историк-философ В.С. Петров “Славный путь большевика” диэн кинигэни суруйан 1961 с. таһааттарбыта, киниэхэ аналлаах элбэх ыстатыйалары, матырыйааллары бэчээттэппитэ.

И.Н. Барахов Саха Автономнай Советскай Социалистическай республика (АССР) тэриллиитигэр, сайдыытыгар улахан өҥөтүн ыйан туран, кини араас өрүттээх, айымньылаах, таһаарыылаах үлэтин эрэ өрүттэригэр тохтуур кыахтаахпыт.

Саха норуотугар автономнай республика наадатын, норуот инники сайдыытыгар суолтатын дакаастаан хас да ыстатыйаны суруйбута. Саха сирин салайааччылара автономнай республика наадалааҕын туһунан аан бастаан 1920 с. туруорбуттара. 1922 с. муус устар 27 к. Саха Автономнай Советскай Социалистическай республикатын тэрийэр туһунан Бүтүн Россиятааҕы КК президиумун Декрета ылыллыбыта.

И.Н. Барахов Саха сиригэр улахан куруубай алҕаһы, токурутууну таһаарбыттарын иһин партийнай, байыаннай салайааччылары Г. Лебедевы, А. Агеевы, А. Козловы 1922 с. кулун тутар 11 күнүгэр үлэлэриттэн уһулууга харса суоҕун, хорсунун көрдөрбүтэ, тахсыбыт алҕаһы көннөрөргө утумнаах үлэни ыыппыта. Кини Саха АССР Совнаркомун председателинэн, БСК(б) Обкомун секретарынан үлэлиир кэмигэр Саха сиригэр промышленноһы, тыа хаһаайыстыбатын, транспоры сайыннарыыга бары күүһүн-уоҕун, сатабылын уурбута. Бу боппуруостары олоххо киллэриигэ элбэх тэрийэр үлэни ыыппыта уонна биллэр түмүгү ситиспитэ.

Саха сирин таһаарыылаах күүстэрин сайыннарарга, хостонор баайдарын туһанарга научнай чинчийэр үлэни ыытарга болҕомтотун ууран академик В.А. Обручевы, олохтоох чинчийээччилэри (исследователлэри) А. Семеновы, П. Староватовы, В. Бертины кытта суруйсара. М.К. Аммосовтыын, П.А. Ойуунускайдыын, С.М. Аржаковтыын бииргэ үлэлээн Алдаҥҥа көмүс промышленноһын тэрийиигэ бөдөҥ кылаатын киллэрсибитэ. Саха республикатын правительствотын председателин солбуйааччы Е.А. Борисов юбилейнай мунньахха бигэргэппитинэн, Саха сиригэр 1926 сыл саҕаланыытыгар гражданскай сэриигэ эмсэҕэлээбит норуот хаһаайыстыбата түргэнник чөлүгэр түһэриллибитэ, Саха сирэ хас биирдии дууһаҕа тиксэр сүөһүтүн ахсаанынан саамай баай республиканан буолбута, Советскай Союзка бастакы, аан дойдуга Аргентина кэнниттэн иккис миэстэни ылбыта.

И.Н. Барахов ученай-экономист быһыытынан бэлэмнээҕин, дириҥ өйдөөҕүн Москваҕа Краснай профессура экономическай институтугар үөрэнэ сылдьан көрдөрбүтэ, манна хас да научнай: “Проблемы кризисов в домарксовой политэкономии”, “Диктатура пролетариата и развитие советского хозяйства” (до НЭП-а), “Советская власть и якуты”, “Классовые отношения у якутов” диэн улахан үлэлэри суруйталаабыта.

 

Хаҥастан С. В. Васильев, И. Н. Барахов, С. М. Аржаков, М. К. Аммосов. 1930 с.

Делегаты II съезда ЦИК. Москва, 1924 г., октбрь.

Исидор Никифорович Барахов төрөөбүт сахатын тылын ис сүрэҕиттэн таптыыра. Саха тылын, литературатын, фольклорун үөрэтиигэ бэйэтин кылаатын киллэрбитэ. Наука үлэһиттэригэр биллэр уонна үрдүктүк сыаналанар саха маҥнайгы алфавитын олохтуурга, кинини тупсарарга, сайыннарарга И.Н. Барахов өҥөтө-үтүөтэ эмиэ сүҥкэн. Саха сиригэр саха уонна нуучча тыллара государственнай тыллар статустарын ылыахтаахтар диэн хас да ыстатыйалары суруйбута. “Равноправие языков”, “К вопросу об якутизации”, “Якутизация – наша ближайшая задача” диэн ыстатыйаларыгар саха тылын сайыннарыыны, саха оҕолорун төрөөбүт тылларынан үөрэтии суолтатын дакаастаан суруйбута. Нуучча уонна саха тыллара тэҥ бырааптаах буолуохтаахтар диэн тоһоҕолоон туруорара. С.А. Новгородов алфавитын олоххо киллэриигэ, бу алфавитынан “Сурук-бичик” диэн букварь, “Ааҕар кинигэ” диэн хрестоматия тахсарыгар, типография шрибэ оҥоһуллан кутулларыгар И.Н. Барахов быһаччы көмөнү оҥорбута. Ол туһунан Российскай наука академиятын Саха сиринээҕи научнай центрын архивыгар көстүбүт И.Н. Барахов суруктара уонна телеграммалара бааллара туоһулуур. Саха маҥнайгы лингвист үөрэхтээҕин С.А. Новгородовы кытта хаста да көрсүбүтэ уонна элбэхтик суруйсубута.

Исидор Никифорович Барахов Саха сиригэр саха тылынан хаһыат тахсарыгар тус бэйэтинэн кыттыспыт. 1921 с. саха тылынан аан бастаан “Манчаары” диэн хаһыат И.Н. Барахов редакциятынан тахсыбыт. Ол хаһыат 1923 с. “Кыым” диэн аатгаммыт уонна сурунаал буолан тахсыбыт. Ону сөбүлээбэккэ күннэтэ тахсар хаһыат буоллун диэн эппит. 1923 сылтан күн аайы тахсар хаһыатынан буолбут, коллегия чилиэнинэн И.Н. Барахов, И.Н. Винокуров үлэлээбиттэр.

1926 с. Баку куоракка буолбут маҥнайгы Бүтүн союзтааҕы тюркологическай съездкэ кини А.И. Софронов, А.А. Иванов-Күндэ састааптаах саха делегациятын салайан активнай кыттыыны ылбыта. Саха алфавитын туһунан тезис оҥорон съездкэ киллэрбитэ. Съезд үлэтин кэмигэр саха алфавитын туһунан ыстатыйа суруйбута. Съездтэн кэлэн баран И.Н. Барахов съезд үлэтин түмүгүн туһунан улахан ыстатыйаны суруйан бэчээттэппитэ. 

И.Н. Барахов 100 сааһын туолуутунан сибээстээн мин 1998 сыллаахха Баку куоракка бара сылдьыбытым, маҥнайгы тюркологическай съезд матырыйаалларын үөрэтэн кэлбитим, хас да научнай ыстатыйалары суруйбутум.

И.Н. Барахов кэргэнэ Александра Андреевна Черепанова-Барахова (1902-1997 сс.) 1925 с. ССКП чилиэнэ этэ, партийнай, научнай үлэһит, кэргэнин үрдүк аатын киттиппэтэҕэ, кини дьыалатын таҥнаран биэрбэтэҕэ. Оҕотун Ярослав Исидоровиһы (1929-1987 сс.) үчүгэйдик иитэн-такайан, инженер-энергетик үөрэхтээх киһи буоларын ситиспитэ. Сиэннэрэ Андрей Ярославович, Людмила Ярославовна үрдүк үөрэхтээх инженердэр, Москваҕа олороллор, үлэлииллэр. И.Н. Барахов аата хаһан да өлбөөдүйбэт. Кини аатын Үөһээ Бүлүү кырдьаҕас оскуолата чиэстээхтик сүгэр, улуус оҕолорун үөрэтэр, иитэр. Республика биир киэн туттар оскуолата. Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин биир улахан уулуссата И.Н. Барахов аатынан ааттанар.

 

 

 Олороллор И. Н. Барахов кэргэнэ Александра Андреевна Черепанова-Барахова, уола Ярослав, тураллар сиэннэрэ Андрей, Людмила 

Өлөн күөлүгэр Марфа Георгиевна Потапова, Александра Андреевна Черепанова-Барахова аймахтарын кытта. Үөһээ Бүлүү.