Аҕалыы уол ыар дьылҕалара
В.А. Федоров, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
Айгыр силик айылҕалаах, аан ийэ дойдум орто туруу бараан дойдутугар киһи буолан төрүүр төлкөлөммүтэ ахтар айыыһыттан,эдьэн иэйэхситтэн тутулуктанар сүдү итэҕэл баарын оччотооҕу быдаҥ дьыллар быыстарыттан, өбүгэбит өрдөөҕүттэн илдьэ сылдьар кистэлэҥэ, сиэрэ-туома кэрэһэлиир буоллаҕа. Улаҕата көстүбэт Улуу Сыһыы-диэн алла сытар ачалаах, үтэн – анньар үкэрдээх,күрдьүгэс күрүөтэ сибэккилээх, сүмэһиннээх оттордоох күөл салгыытыгар, Бэрэ диэн бэйэтигэр эрэ сөп диэбиттии анабыллаах айылҕалаах алааска биир балаҕан дьиэ ураатыттан уһун буруо субулла унааран олорор, күөх халлаан диэки тардыһа балаҕан дьиэ тас тэрээһиниттэн сыныйан көрдөххө элбэх сүөһү кыстыгар сөптөөх хотон дьиэҕэ сыстан турар, дьылын кыстыырыгар кээһиилээх оттор бэрт кичэллик үрдүтээҕи, аллараа сиксиктэрэ, хаардара ыраастанан, кыстык мастара чөкө баҕайытык дьааһыннанан, тиэргэн ыраас баҕайытык кыраһаланан, дьиэлээх хаһаайын хайдаҕын, тугун көрдөрөр. Төһө даҕаны ый кэлтэйдээн ортолоһон турдар, түүн ортото да буоллар сырдыгын сыдьаайыгар көрдөххө кыбыыларын кэтэҕинээҕи үүнэн турар аарыма тииттэрин төргүү мутугар сиэҥин ситэ сиэбэтэх курдук, хара суор, кумуччу туттан баран олорор. Бука, ити көтөр түүннэри ыал тэлгэһэтин манаабатах буолуохтаах?
Балаҕан иһигэр ыал ийэтэ Өлөөнө талыыта киирэн, оҕолоноору чугаһатан сытар. Балыксыт Бараах Уйбаан аал уотугар ас кээһэр «этэҥҥэ,этэҥҥэ»- эрэ диэн саҥата иһиллэр. Уола Никииппэр долгуйбутун аһараары хаамыталаан ылар. Аал уоттан уот кыыма ыстанаатын оҕо ытыыр саҥата бэбээрэ түстэ. Үөрүү-көтүү, айыыһыты көрсүү сүпсүлгэнэ буолла. Дьэ ити курдук кырачаан Сиидэр күн сирин кэрэтин кэрэхсээн кэлбит ыйдаҥалаах түүнэ этэ. Никииппэр Уйбаныап турбут-олорбут бэрт сэргэх сэбэрэлээх, сытыы-хотуу киһи. Хотунан, соҕуруунан бэдэрээккэ сылдьан үбү-харчыны эргитиини эридьиэстээһини билэн-көрөн, куораттан биир куул сэлиэһинэй бурдугу аҕалан, Улуу Сыһыы хатыҥ чараҥын солоон,ыраастаан, бурдук үүннэрэн онтон дохуоттанан,сыыйа кыаҕыран, байан барбыта. Ханыылыы хаарты маатыската тахсан, үп-харчы үрдүгэр олорбута. Төһө да үөгүлүүр үп, хаһыытыыр харчы, сүөһү, сылгы баайданнар, олоҕун суолун салгыыр нэстириэнньик буолан,аатын-суолун илдьэ сылдьар оҕото суоҕуттан Никииппэр сүөм түһэрэ, харыс санаата хамсыыра. Оҕо турбат ыала этилэр. Кэргэнэ Өлөөнө, өлүөр оҕону тутан хаалбатыттан олус да санаата оонньуура, «туох айыым харам иһин таҥара накааһыгар киирдим, аһын даа, харыһый! »- диэн таҥара холоругун таһыгар туран оргууй ботугуруура, бу да сырыыга ол соругун толордо. Бараах Уйбаан санаа-оноо баттатыылаах утуйда, арай түүн ортотугар түлэй уутугар түһээтэҕинэ ким эрэ сибигинэйэр саҥата иһиллэр, «уол оҕоҕутун харыстаан,куоттарыҥ, дьонугар-сэргэтигэр улахан туһалааҕы оҥороору сылдьар»- диэн тиэтэллээх соҕус илдьит иһиллэр. Нөҥүө сарсыардатыгар түүлүн-битин аал уотун иннигэр аргынньахтаан олорон анаарар. Уолугар Никииппэригэр этэр: «Орто дойду оло5ор улахан сорутаах кэлбит оҕоҕун, инчэҕэй илдьэ сылдьыаххын саныыр буоллаххына,улдьаҕай сааһа уҥуохтаныар диэри куоттарыахха»- диэн. Ол нөҥүө түүнүгэр саҥа төрөөбүт оҕолорун куобах тириитигэр суулаан, хотон түннүгүнэн таһааран,абааһыттан куоттаран, Өргүөккэ Чэччэйдэр диэн дьадаҥы,элбэх оҕолоох эдьийэ Маарыйалаахха ииттэрэ биэрэллэр. Бу барыта чып кистэлэҥ этэ да буоллар, Харбалаах олохтоохторо бары билбиттэрэ. Аара айаннарын муннаран харыйаны таҥнары аттарын сыарҕатыгар состорбуттара, «абааһы аргыстаспатын» – диэн. Ийэ барахсан ыраас ыратынан биһик ырыалаах,эмиийин үүтүнэн эмсэхтэтэн улаатыннарыахтаах оҕотун ыраах ыыттаран, иэйэр илбэтин сүтэрэн холумтанын иннигэр хоҥкуйан, икки санна ыгдаҥныы олорбута. Икки иэдэһиттэн ыраас таммахтар сүүрбүттэрэ. Сөҕүрүйэн эрэр уотун уот түрэҕинэн күөдьүтэн биэрбитэ,балаҕан иһэ сырдыы түспүтэ «кэбиис» – диэн саҥаны дьүөрэлиирдии уот сымаланы хабан тыас таһааран сирдьигинэтэн күүһүрэн кытыаста умайан барбыта. Өлөөнө аал уотуттан астынан, санаата күүһүрбүтэ «о5ом этэҥҥэ эрэ киһи-хара буоллун» -диэн иһигэр санаабыта эрээри, ким эрэ билбитэ буолуо диэбиттии, эргим – ургум тула көрүммүтэ.
Кырачаан Сиидэри эдьийэ Маарыйалаах көрөн-харайан, иитэн барбыттара. Аҕата Микииппэр ас-таҥас аҕалан,бэйэтин чугаһатан ,хааччыйа олорбута. Уол оҕото борбуйун көтөҕөн, сүр тэтимнээхтик хаамарын-сүүрэрин көрөн Микииппэр астынара «Ити миэнэ,мин хааным» – диирэ. Өлөөнө Сиидэрин кэннэ кыыстаах уол оҕоломмута,ыалларынан муннаран ииттэрэн, киһи – хара оҥортообуттара.
Сиидэр эдьийин аахха бэркэ иитиллибитэ эрээри,туга эрэ тиийбэт,итэҕэс курдук санньыар санаалаах сылдьыбыта. Агда иһиттэн иитийэхтэнэн тахсар ийээ,аҕаа –диэн истиҥ тыллары олус баҕарара,бииргэ иитиллибит оҕолоругар көҕүйэ саныыра,онтон олус санааргыыра.
Сиидэр сэттэ сааһын туолаатын «киһи суотугар киирдэ» – диэн аҕата уолун дьиэтигэр аҕалар.Оччолорго Никииппэр Уйбаныап 300-кэ сүөһүлээх, хас да улахан дьиэлэрдээх, булуустаах, үлэһиттэрдээх ,кыаҕырбыт кэмэ этэ. Сүрдээх намыын саҥалаах, үлэһиттэригэр үтүө сыһыаннааҕынан биллэрэ, “баттала суох баай” – диэн кинини ааттыыллара. Бэйэтэ да этэрэ эбитэ үһү “Дьону көлөһүннээн байбатаҕым,өйбүнэн,сатабылбынан кыаҕырбытым” -диэн. Өлөөнө, Сиидэригэр олус истиҥ тапталынан сыһыаннаһара, «Оҕоккоом» – дии сылдьара. Аҕата уолун дьыалатын – куолутун эридьиэстиир, бэрийэр, суруксут гынар баҕалааҕа. Оҕом диэн ымманьыйа да сылдьыбатар, Сиидэрин сыаналыыра, биир булгуруйбат сүрүннээҕин биһирии көрөрө. Бастаан быраабаҕа түөрт группалаах оскуолаҕа икки сыл туйгуннук үөрэнэн бүтэрэр. Салгыы, Бүлүү куоратыгар ситиһиилээхтик үөрэнэр,өйө –санаата кэҥээбитэ. Сайыҥҥы өттүгэр Харбалааҕар кэлэн сайылыыра, үксүн эһэтигэр Бараах Уйбааҥҥа олорбута. Хамначчыт оҕолору кытта бодоруһара, оонньуура, аҕата Никииппэр маны сөбүлээбэт этэ да буоллар, уолун иннин ылыа суоҕун билинэрэ. Уола аҕатыгар этэрэ “А5аа, дьадаҥы да оҕолор дьоннор ээ ” –диирэ.
Уолун Сиидэри Бүлүүгэ Оросторгууйап атыыһыкка үрдүттэн олордон үөрэттэрэр. Билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах уол утаппыттыы умсугуйан туран үөрэммитэ, элбэхтик кинигэ ааҕара. Оросторгууйап атыыһыт Сиидэри үөрэхтээх, чиҥ киһи буолсу диэн билгэлии көрөрө. Никииппэргэ да эппитэ, «Уолуҥ үөрэҕи ылынымтыа киһи буолсу, салгыы Дьокуускайга үөрэттэр, сайдыылаах сиргэ» – диэн. Сиидэр Дьокуускайдааҕы учууталлар семинарияларыгар үөрэнэ барар. Дьэ, бу кэмтэн кини олоҕо тосту уларыйбыта, Емельян Ярославскай тэрийбит кистэлэҥ эдэр социал демократ куруһуокка сылдьыыбыта, революционер – большевик буолбута. Бэйэтин санаатын курдук сырдыкка,көҥүлгэ тардыһар Платон Слепцовтуун, Максим Аммосовтыын ыкса сибээстэспитэ,доҕордоспута. Сайыҥҥы каникулугар кэлэ сылдьан, саҥа былаас олохтонуохтааҕын, дьадаҥы –баай диэн арахсыы суох буолуохтааҕын быһааран кэпсиирэ. Үйэлэрин тухары үтүргэҥҥэ сылдьыбыт үлэһит – хамначчыт дьон Сиидэр этэрин сэргии истэллэрэ да,эрэллэрэ кыра этэ, «Ама хайдах оннук буолуой?»- диэн, самнарыллыбыт санаалара баһыйара.
1922 сыл гражданскай сэрии дойду үрдүнэн өрө туруута саҕаламмыта. Норуоту саҥа былаас үлэһиттэрэ ситэ өйдөөбөт өттүлэрэ. Өрөпкүөмнэр, чыкаалар наһаа түүрэйдээбиттэрэ, ыкпыттара, ытыалаабыттара, ыйаталаабыттара. Үөрэхтээх, кыанар өттүлэрэ көмүскэниигэ барарга күһэллибиттэрэ. Үрүҥ, кыһыл диэҥҥэ арахсан олох,тыын харбас иһин мөккүөрдээх күннэр-дьыллар үүммүттэрэ, уол аҕатынаан, убай, быраат утарыта турсуулара,саа сомуогун туруоруу, чыыбыһын да тардартан хааннара хамсаабат ытылҕаннаах кэмнэрэ буолбуттара. Ити кэмҥэ И.Н.Барахов Саха сирин норуодунай хамыһаарынан талыллан үлэлиир. Саха үөрэхтээхтэрэ үгүстэрэ чугас билэр доҕотторо этилэр. Томскайдааҕы университетын кыһыл дипломунан үөрэнэн бүтэрбит Хаҥаластан төрүттээх Г.В. Ксенофонтов Исидэр Бараахабы үрдүктүк сыаналыыра. «Хомуньуус баартыйата омугу биир халыыпка тута, итэ5эллэрэ сүттэ» – диэн. Исиидэр маны барытын билэрэ, өтөрүнэн төннөрүллүбэтин өйдүүрэ. «Хабырыыс, баартыйа ыйыытын токурутуу элбэх, до5отторбунаан Максимныын, Платоннуун үлэлэһиэхпит – диэн эрэлбин биллэрэбин,норуотум иһин халбаҥнаабат биир санаалаахпын». Г.В.Ксенофонтов саха норуотун бастакы үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ, саха интеллигенциятын биир тумус киһитэ, учуонайа. Максим Аммосовы, Платон Ойуунускайы, Исиидэр Бараховы саха инники олоҕун саҕаҕын арыйбыт дьоннор диирэ.
Исиидэр үлэтигэр олордоҕуна Иркутскайтан биллэрии кэлэр «Сибиир дедушката саха сиригэр өрө турууну тохтото барда» – диэн. «Оо»- диэт олоппоһуттан ойон турбута. Анархист Нестор Каландрашвили дьулаан сураҕа иһиллэрэ, кэллэ даҕаны норуотун аҥаар кырыытыттан кыргар, өлөрүүнү- өһөрүүнү, элбэх хаан тохтуутун көрбүт сэрииһиттэн саллыбыта. Хайдах буолуохха? Тугу гыныахха?бэйэтигэр бигэ ыйытык бэриммитэ. Аттыгар чугас дьонноро суохтара, Былатыаны омугумсуйууга буруйдаан, кута – сүрэ, санаата тууйуллан сылдьара. Максима москваҕа баар буолан, олохтоох балаһыанньаны билбэтэ.
Кулун тутар саҥатыгар саха сиригэр өрө турууну самнара Нестер Каландрашвили кэлэр. Сүрдээх суостаах, суодаллаах кавказ хотойо, сахалары оннуттан симэлитэрдии кэлбитэ биллибитэ. Тыын тыыҥҥа харбас күннэрэ үүммүттэрэ. Сэрии диэн, өлөрүүлээх – өһөрүүлээх буоллаҕа. Сахалар Нестор Каландрашвилины этэрээтин кытта Төхтүр дьаамыгар утарыта көрсүүгэ өлөртүүллэр. Сахаларга кыыллыйыы, абаккарыы оргуйа түһэр. Уоттаах сэрии хамандыыра латыш Иван Строд улахан андаҕары эппитэ. “Саха интеллигенциятын имири эһиэхпит, кинилэргэ анааммыт дириҥ иини хаһыахпыт” – диэн. Сэриигэ үөрүйэх дьоннор сирдьиттэрин сүтэрбит аһыыларын хайдах баҕарар ситиһэр толору кыахтаахтара.
«Киһи буолабыт, кии буолабыт?» Исиидэр утуйар уутун умнубута. Сэрии хамандыырдарыгар Савлукка, Стродка эйэлэһиини этэн туһа суох, кыыллара тура сылдьар дьоҥҥо. Сүрүн эрэлэ нуучча уола Каландришвили политруга Сергей Широких Полянскайга санаата тохтообута. Кинини көрсөн кэпсэтэргэ сорук туруоруммута, Хайдаҕын да иһин ыарахан сорук этэ. Хамандыырын сүтэрэн, аһыыга ылларан сылдьар киһи, бэстилиэтинэн да түөскэ тирээтэҕинэ көҥүлэ этэ. Кэпсэтии сүрүн тирэҕэ нуучча, саха норуоттара үйэлэри уҥуордаан холбоһууларыттан, быстах санааттан кыра – хара омугу туора сотон кэбиспэккэ, эйэлээх кэпсэтиигэ ыҥырыы буолбута. Сонно тута аармыйа сүрүн хамандыырын Савлугу ыҥыртаран ылбыттара. Эйэлэһиигэ көҥүлүн ылбыт, эрдээх санаата күүһүрбүт Исиидэр Барахов өркөн өйүнэн лаппа баһыйан сүрүн хамандыыр Савлугу сүрүн тоһутан, кыаҕын ылан бэйэтин диэки эргилиннэрбитэ. Ити түүн сэрии былааһа самнарыллан, хаайыллан, былаастан туоратыллан, эйэлэһии быһаарыныытын ылыммыттара. Сахатын норуотун туһугар, били этэргэ дылы төлөннөөх түөһүнэн хаххалаан, хаан тохторботоҕо,бар дьонун быыһаабыта. И.Н.Барахов гражданскай сэриини сахатын сиригэр тохтотон, дойдутун өрөспүүбүлүкэ оҥорорго туруулаһан, үлэлэһэн барбыта. Бар дьонун быыһыыр биир сүрүн тускула этэ.
И.Н.Барахов саҥа былааска үрдүкү дуоһунастарга үлэлии сылдьан, дойдутугар Улуу сыһыытыгар тахса сылдьан аҕатыгар этэрэ «аҕаа, баайгын саҥа Советскай былааска ууран кулу, көҥүл өттүгүнэн буоллаҕына көҥүлүҥ күөмчүлэниэ суоҕа» – диэн. Миккииппэр Уйбаныап уолун этиитин отой сөбүлээбэт этэ, кини харым күүһүнэн, хара көлөһүммүнэн тэриммит баайбын тоҕо туран биэриэхпиний диэн . Уола тиһэх төгүлүн сэрэппитэ, “көҥүлгүнэн биэрбэтэххинэ суут – сокуон өттүнэн ылыахтара”. Дьэ, ол да курдук саҥа былаас Микииппэр Уйбаныап баайын барытын уоппустаан ылбыта, бэйэтин көҥүлүн быһан, утарыласта диэн, кыра кэмҥэ хаайа сылдьыбыттара. Микииппэр Уйбаныап ол сайын санаата батарбакка Дьокуускайга уолун Сиидэри көрсөрдүү сорук оҥостон үлэлиир сиригэр тиийэ сылдьыбыта. Мунньахтыыр саалаларыгар бэрт элбэх дьон быыһыгар уола тыл этэ турара. Онно Сиидэрин саҥатын олус оруһуйа истибитэ «Дьэ буолар да эбит, туох ааттаах сүгүрүйбүт былааһын булла»- диэн. «Этинэн да туһа суох буолсу» – диэн ыарыы, баттык санаалаах, биир тылы уолугар эппэккэ тахсан барбыта. Исиидэр Барахов а5атын төһө да аһына көрдөр, хайыыр да кыаҕа суоҕа, ырбыт, дьүдьэйбит дьүһүнүн көрөн “дьик” гынан ылбыта. А5атын киһи быһыытынан ытыктыыра,иитиллибит ытык иэһин өйдүүрэ, саныыра. «А5аа, миэхэ хом санаама, былаас ,баартыйа ыйыыта» – диэн санаа илдьитин тириэрдэрдии иһигэр иһийэн ылбыта. Бу, уоллуу аҕа олохторун тиһэх көрсүһүүтэ этэ. Саҥа былаас салалтата, ордук өрөпкүөмнэр тыа сирин олохтоохторун олус ыган түүрэйдииллэрэ. Никииппэр Уйбаныабы кулаак оҥорон, сирин – уотун, баайын – дуолун уоппустаан ылан бараннар бэйэтин сор хаанын сордообуттара, ийэ хаанын испиттэрэ, ол курдук сир сирэйдээбиттэрэ, олус да атаҕастаабыттара. Бүлүү куорат түрмэтигэр олордубуттара, саалаах киһи харабыллыыра. Никииппэр бу нэгэй быһыыттан наһаа кэлэйбитэ, хоргуппута. Аҕыйах сыллааҕыта атын олоххо киһи сиэринэн олорбутун эргитэ санаан ылла, үрдүк таҥара баҕар истэн көмөлөһүө диэбиттии “ээ дьэ, дьонум – сэргэм ортотугар киһи аатын ылан, кими да баттаабакка, атаҕастаабакка үлэлээн – хамсаан олорбутум. Бэйэм икки харым күүһүнэн булуммут баайбын – дуолбун барытын былдьаан ыллылар, хайдах үрдүк суут мин кырдьыкпын таһаарыай?”- диэн саҥа таһааран улаханнык саҥарда, долгуйан ытаата. Бүлүү түрмэтигэр сытан оҕо сааһыттан билиҥҥи кэмигэр дылы барытын эргитэ санаата. Аҕата Бараах Уйбаана этэрин санаата, “Киһи күннээх, балык ыамнаах” – диэн. Күнэ киэһэрбитин өйдөөбүтэ «туох хара батталлаах былааһай, баайбын барытын суйдаатылар, бэйэбин субай хааммын супту уулаан эрэллэр, Исиидэрим эрэ маны билбэтин, истибэтин , мин курдук ыарахан дьылҕаламматын»- диэн баран өрө уһуутаата. «Түүл ду, илэ ду?» Нөҥүө сарсыардатыгар Никииппэр Уйбаныабы босхолоотулар, дьоно – сэргэтэ сурук түһэрэн көрдөһөн “дьону баттаабатах , ата5астаабатах, норуотугар көмөлөөх киһи этэ ”- диэн. Ханна да барарын билбэккэ куорат устун хааман салбаҥнаан истэ. Биир дьиэ аанын боруогар тыын киллэринэн олордо. Эстибитэ – быстыбыта бэрт буолан, тыынарыгар да ыарахана. Бол5ойон, бодулаан көрбүтэ салалта дьиэтэ эбит. Дьиэҕэ киирэр санаа ылынан иһэн, сүһүөҕэ уйуммата, накыс гынна, охтон түстэ, күөх халлааны көрдө «оо» диэн иһин түгэҕиттэн сэниэтэ суох саҥа сыыгынаан иһилиннэ, эмискэ налыс гынна. Аастыйбыт баттаҕын тыал эрэ хамсатара…
Исиидэр Барахов, аҕата маннык дьылҕаламмытын билбэккэ хаалбыта, ол кэмнэргэ Москваҕа баар кэмэ этэ. 1928 сылтан, национализмҥа чугаһатан дойдутуттан тэйиппиттэрэ, биллибэтинэн кэтэбилгэ сылдьыбыта. Ити, саха сиригэр иккис өрө туруу 1927 сыл “Ксенофонтовщина”дьайыыта киниэхэ сабыдыаллаабыта. Норуотун көмүскэһэн олорбута. Аҕата орто дойду олоҕуттан туораабыта бэһис сылыгар норуот өстөөҕө диэн буруйдаан хаайаллар, бэйэлээх бэйэтин былааһыттан атаҕастанар, накаастабыл саамай кытаанахтарын көрсөр. Бу олорон аҕатын саныыр, “а5ам барахсан элбэх этиитин истибитим, ол эрэн, бу былаас баартыйа улахан алҕаһа ,мин аатым ааттаныа, кырдьыгым тахсыаҕа ”- диэн.
1939 сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр Саха норуотун чулуу уола И.Н.Барахов отут икки сааһыгар олус хомолтолоохтук сырдык тыына быстар, Москваҕа Лефортовскай түрмэҕэ. Төрөөбүт төрүт сирдэрин буоругар харыллыбакка аҕалыы уол саҥа былаас хаҕыс илиититтэн биирдэрэ бэйэтин уруйдаабыт былааһыттан ыараханнык буруйданан, олохторо түмүктэммитэ. Аҕалыы уол ыарахан дьылҕалара…
2023 сыл, Мэйик нэһилиэгэ,
Тыҥ хатыыта умайбыт сулус
Римма Корякина-Хотууна
Бүлүү Эбэ хотун халыҥ хаарынан үллүнэн сытар. Хаһан да буолбатах түптэлэс тымныы сатыылаан, тыҥаабыт салгыны быһыта кымньыылыыр. Ол онтон тэбиэһирэн, силлиэ тыал тоҕой аайы улуйан, ытыллан сирилэтэр. Өрүс өрөһө мууһа дөйө тоҥон, хайыта барар бүтэй тыаһа дириҥ уу түгэҕинэн дөрүн-дөрүн ньиргийэн иһиллэр. Бастакы Охонооһойоп таҥаратын саҕана хабыс-хараҥа түүннэр бүрүүкээбитинэн бараллар. Үрдүк куйаар хараҥа уораҕайыгар сүүһүнэн барча сулустар бачыгыраһан ыһыллыбыттар. Быһыттаҕас былыттары быыһынан кэлтэгэй ый уһун муоһа ытарҕалыы ыйанан, өлбөөдүйэн көстөр. Алаас хоту өттүгэр буор сыбахтаах эргэ балаҕан кыстык хаар ыарыгар баттанан, барыйан турар. Көмүлүөк оһоҕун үөлэһиттэн кытыастар кыымнар үтүрүһэн тахсаннар, өндөл халлааҥҥа кыырайа көтөөт, умуллан иһэллэр.
Олунньу ый чыҥкынас тымныыта тууйан, алааһы күдэн туманынан бүрүйэн турар. Сарсыардааҥы хатан дьыбарга кытара көстөр күн улам-улам сырдаан, сайҕаран киирэн барда. Микииппэр Ньалбаахаан оһоҕун өһөн эрэр чоҕун үрэн сирилэтэр. Кураанах мас быраҕан, уотун субу-субу күөдьүтэн, үөттүрэҕинэн булкуйан биэрэр. Чаанньык оргуйбутугар, кытыы тардан, чэй кээһэр. Сарыы этэрбэһин оһуттан хамсатын хостоон таһааран, табаҕын тымтык уотунан уматынна, аҕыйахта оборон, табахтаабыта буолла. Уонна саҥа кыынньыбыт үүттээх чэйи иһэн сыпсырыйда. Оһоҕун сылааһын суоһугар сыламнаан, халыҥ халтаһата сабыллан, төбөтө босхо баран, тоҥхооруҥнаабытынан барда. Дьиэ иһин ыһыырынньык уота барбах эрэ сырдатан кылатар. Кэтэҕириин ороҥҥо ийэтэ Балаайа эмээхсин түүнү быһа сөтөлө бэргээн, түөһүн муҥунан тыын былдьаһа, өрүтэ тыыммахтаан, уһуутаан утуппата. Кини Бараах Уйбаанныын ыал буолуоҕуттан үстэ кыыстана сылдьыбыта да, мэлийбитэ, ытыс соттон хаалбыта. Ол саҕана ас-таҥас да кырыымчыга, дьаҥ-дьаһах да элбэҕэ, бука кыайдаҕа. Хата, оҕонньоро Бараах Уйбаан балыксыт буолан, син онуоха-маныаха диэри тиийиэх быатыгар, ыал буолан олордохторо. Күҥҥэ көрбүт соҕотох уоллара Микииппэр Ньалбаахаан эрэ ордон, харахтарын уутун соттубуттара. Кийииттэрэ Өлөөнө барахсан быйыл эмиэ оҕо күүтэр, ыарахан сылдьар. Кини Өргүөккэ баар Арбаҕастаах аҕатын ууһуттан хааннаах, Туомускайдар кыыстара. Өлөөнө бөлүүн түүнү быһа талыыланан ыарытыйбытыгар, дьиэлээхтэр бары да, сүпсүлгэҥҥэ түһэн утуйбатахтара. Оҕо көтөҕөөччү дьахтары эрдэттэн болдьоһон ыҥырбыттара. Түүн үөһүн ааһыыта эмискэ, саҥа төрөөбүт оҕо ытаан бэбээрбитигэр, Микииппэр Ньалбаахаан ону эрэ күүтэн, долгуйа олорбут киһи быһыытынан, чэпчэкитик тура эккирээбитэ. Быыһы сэгэтэн көрбүтүгэр: “Уол”, – диэн үөрбүт саҥа иһиллибитэ. Өлөөнө барахсан уолланан, этэҥҥэ быыһаннаҕа. Микииппэр Ньалбаахаан урукку өттүгэр уол оҕо сүтүктээх буолан, саҥата суох истэн эрэ кэбиспитэ. Иһигэр “кутуйах хаамарын” сэрэйбит курдук ийэтэ:
-Бу үөрүүнү көр! Оннооҕор былыр эн эбэҥ Каака Кыыс уон биир оҕону оҕолонон, син киһи-хара гыммыта, сүһүөхтэригэр туруорбута. Микииппэр, эн да уолуҥ, таҥара көмөтүнэн, этэҥҥэ буолуоҕа диэн таҥараттан көрдөһүөх-, дии-дии кириэс охсунан сапсыммахтаабыта.
-Эһэҕит Кындыл Уйбаан алта уончатыгар да хап курдук оҕонньор этэ. Кэлиэх иннинэ кэлэн, барыах иннинэ баран, сүрдээх тэтиэнэх киһи этэ. Кини курдук үлэһит, кыайыгас-хотугас буоллаххытына, өлөн-охтон биэриэххит суоҕа. Кини даҕаны ыал соҕотох уола этэ. Ийэтэ Үчүгэй эмээхсин-Дьэбдьиэйэ, аҕата Тимэппиэй барахсаттар үтүө да дьон этилэрэ-, диэн салгыы санаатын ситэрэн, өссө да элбэҕи ахтыах киһини, эмискэ саҥа киһи ытаан, аралдьытан кэбистэ:
-Уол кэллэ, иэхэйбиин,- дии-дии Балаайа сирэйэ-хараҕа сырдаан, оһоҕун уотун күөдьүппүтүнэн барбыта. Тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу арыылаах алаадьыны уокка биэрбитэ. Көмүлүөк оһох уота үөрбүт курдук таһыгырыы умайан, өрө күүдэпчилэнэ түспүтэ. Кытыастар кыымнарын үөлэһинэн өрүтэ ыспахтаабыта. Ол үөмэхтэспит кыымнартан чорбойон, биир чаҕыл кыым тугу эрэ биттэммиттии, үөһэ сырдык сулус буолан, тыҥ хатыыта чаҕылыйа умайбыта…
Эрдэ үлэспиттэрин курдук, оҕону төрөөтүн кытта хотон кэтэҕириин түннүгүнэн таһааран, ким да билбэтинэн, Өргүөккэ Чэччэйдээххэ илдьэн биэрбиттэрэ. Баһылай Наҕабыыһыннаах Өлөөнө чугас аймахтара этэ. Инньэ гынан үгүс элбэх айдаана суох, оҕону абааһыттан куоттаран аҕалбыттарын ылбыттара.
Аҕыйах хонугунан саҥа төрөөбүт оҕону сүрэхтэтээри аҕабыыты ыҥырбыттара. Аҕабыыт Микииппэр Ньалбаахаанннаахха уол оҕо турбатын туһунан истэн баран, ким да истибэтэх сэдэх аатынан сүрэхтээбитэ. Ол саҕана Исиидэр диэн ааттаах киһи чугаһынан суоҕа. Уолларын абааһыттан да күрэтэн буоллаҕа, итинник аатынан сүрэхтэнэрин ылыммыттара. Үс сыл устата Исиидэр таайыгар Баһылай Наҕабыыһыннаах аахха иитиллэн олорбутун кэннэ, дьоно оҕолорун төттөрү ылбыттара. Ол кэмҥэ кинилэр өссө биир уолламмыттара. Дьуона диэн аатынан ааттаабыттара. Уонна оҕолоругар ханыы гынаары элбэх оҕолоох чугас аймахтарыттан өссө биир уол оҕону Анньыыһыны ииттэ ылбыттара. Кини сааһынан Исиидэртэн арыыйда аҕа этэ.
Исиидэр аҕыс сааһын туолуутугар Куорамыкыга Монастырев учууталга аан бастаан үөрэммитэ. Василий Григорьевич сүрдээх кытаанах уонна олус ирдэбиллээх учуутал этэ. Кини Иркутскайдааҕы учуутал сэминээрийэтин бүтэрбит, саха бастакы үөрэхтээх учууталларыттан биирдэстэрэ этэ. Куруук кортиктаах мундиры кэтэрэ, үчүгэй үлэтин иһин наҕараадаламмыт түөрт мэтээлин иилинэ сылдьара. Үөрэҕэр ситиспэт оҕолору эбэтэр мэниктээн баппатахтары муннукка туруорара, тобуктатара, кулгаахтыыра, сороҕор эбиэтэ суох да хаалларара. Инньэ гынан, оҕолор барахсаттар төһө кыалларынан учууталларын хараҕын далыгар киирэ сатаабат этилэрэ. Ол да буоллар, кини иитэлээн таһаарбыт оҕолоро үксүлэрэ үөрэхтэрин салҕаабыттара, сорохторо нэһилиэккэ суруксутунан, дьыаланы устааччыларынан үлэлээбиттэрэ. Бу үөрэнэр сылларыгар Исиидэрдээх Анньыыһа дьонноро оҕолорун Дьөгүөр Батаакап диэн атыыһыт дьиэтигэр олордубуттара. Батаакаптар Муся уонна Серафим диэн оҕолордоохторо. Оҕолору кытта уолаттар бэрт дөбөҥнүк бодоруһан, тапсан сылдьыбыттара. Исиидэр оччоттон аҕыйах саҥалаах, элбэх доҕоро суох, боччумнаах уол этэ. Элбэхтик ааҕарын, суруйарын, олоҥхо, остуоруйа истэрин сөбүлүүрэ, үчүгэйдик уруһуйдуура. Оҕолору мунньан араас кэпсээннэри сэһэргиирэ, оннооҕор оттуу бардаҕына кытта кинигэ кыбыныылаах буолара.
Уон икки сааһыгар Исиидэр Иванов Бүлүү куорат начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Ол саҕана улахан сиргэ оҕону ыалга олохтуур уустуктардаах соҕус этэ. Микииппэр Ньалбаахаан бэйэтин хара күүһүнэн үлэлээн, син сэниэтик олороро. Кыралаан хаартылаан эбинэрэ, сир оҥорон бурдук ыһара, сүөһү иитэн айахтарын көрүнэллэрэ, этин-аһын атыылаан, мэнэйдэһэллэрэ. Инньэ гынан, уолун билэр атыыһытыгар Николай Расторгуев дьиэтигэр олохтообута. Учуулуссаҕа үөрэнэр кэмигэр кинини математика уонна физика уруоктарыгар учууталынан Өксөкүлээх Өлөксөй үөрэппитэ, кылгас кэмҥэ нуучча тылыгар Сэмэн Ноҕуруодап үөрэтэ сылдьыбыта. Исиидэр элбэх билиини ылан, үөрэҕин бүтэрэн баран атыыһыт Расторгуевка үлэлээбитэ. Бу сылдьан үөрэххэ талаһыыта күүһүрэн, тохсунньуга Дьокуускайдааҕы учууталлары бэлэмниир сэминээрийэ дириэктэригэр үөрэххэ киирэр туһунан көрдөһүү суруйбута. Быстах Үөһээ Бүлүү быраабатыгар дьыаланы устааччынан үлэлээбитэ. Онтон суруксуттаабыта. Күһүнүгэр Дьокуускайдааҕы сэминээрийэҕэ уон сэттиэ буолан үөрэххэ киирбиттэрэ. Сэминээрийэҕэ үөрэнэ сылдьан литературнай куруһуокка сылдьыбыта, саха бастыҥ өйдөөх-санаалаах ыччааттарын кытта ыкса билсиһэн барбыта. Куруһуок кистэлэҥинэн үлэлиирэ. Ырыа-үҥкүү биэчэрин тэрийбитэ буолан мусталлара. Өрөбүл аайы литературнай сарсыарда диэн тэриллэр буолбута. Кистэлэҥ кинигэлэри ааҕаллара, илиинэн суруллар сурунааллары таһаараллара. Исиидэр нуучча классиктарын айымньыларын барыларын кэриэтэ аахпыта. Омук тылын үлүһүйэн туран үөрэппитэ, ордук немецкэй тылы үөрэтэн, холкутук кэпсэтэр кыахтаммыта. Уустук кэм буолан үөрэхтэрэ быста-быста салҕаммыта. Үс сыллаах үөрэхтэрин 1918 сыл муус устарга түмүктээбиттэрэ.
Куорат дьалхааннаах олоҕо оргуйан олорбута. Күн аайы миитиннэргэ сылдьара, ааһан эрэр кэм, сэрии туһунан лекциялары көтүппэккэ истэрэ. Политсыылынайдары кытта өрөбөлүүссүйэ кыайарын туһугар бииргэ үлэлэспитэ. Ол кэмҥэ Арассыыйаҕа Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолан, саҥа былаас дойдуга кимиилээхтик киирэн испитэ. Саха сирэ саҥа былааһы утаран, билиниэн баҕарбатаҕа. Онон уларытыы күүрээнигэр Бараховтаах бастаанньаҕа бэлэмнэнэн, эсердэри утары улахан охсуһууну тэрийбитинэн барбыттара. Кистэлэҥ хаһыаттары таһаараллара, сэп-сэбиргэл хомуйан барбыттара. Куоракка былааһы эсердэр, үрүҥнэр уонна тойоттор тутан олорбуттара. Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтуурга Иркутскайтан Рыдзинскай хамандыырдаах этэрээт кэлбитэ. Бэс ыйыгар киэһэ Дьокуускай куораты төгүрүйбүтэ, үтүө көҥүллэринэн бэриммэтэх үрүҥнэр этэрээттэрин утары кимэн киирбитэ уонна аҕыйах чаастаах сэрии кэнниттэн өстөөҕү үлтүрүппүтэ. Сэбиэскэй былаас кыайыылаах Кыһыл былааҕа тэлимнээбитэ, былаас олохтоммутун кэннэ элбэх дьаһаллары ылаттаабыттара, күүрээннээх үлэ саҕаламмыта. Ол да буоллар Сибиир улахан куораттара өстөөх илиитигэр киирбиттэрэ. 1918 сыл атырдьах ыйыгар Гордеев хамандыырдаах үрүҥ гвардейскай этэрээтэ Дьокуускайга Сэбиэскэй былааһы суулларбыта. Харса-хабыра суох хаайталааһыннар, суута-сокуона суох өлөртөөһүн саҕаламмыыта. Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтуур иһин охсуспут дьоннору тутуталаан ылан хаайыыга быраҕыталаабыттара. Ол иһигэр Исиидэр эмиэ баара. Саха чулуу уолаттарын төрөөбүт дойдуларын тас өттүгэр көскө ыыппыттара. Хаайыылаахтар хаары-сииги аннынан сатыы Иркутскайга айаннаабыттара. Үгүс дьоннор аара аччыктаан, тоҥон охтубуттара. Хаайыы хараҥа кэмнэрэ сабардаабыттара, быстарыы-аччыктааһын ыар эрэйин көрсүбүттэрэ. Исиидэр сыылкаҕа сылдьан, дэриэбинэҕэ тахсан учууталлаабыта, онно да кистэлэҥ үлэтин тохтоппотоҕо. Колчак былааһын утары подпольнай үлэни ыыппыта. Колчак аармыйата сатарыйан, үлтүрүтүллүбүтэ. Хаайыыттан кинилэри Иркутскайга өрө турбут рабочайдар, бартыһааннар ахсынньы ыйга босхолообуттара. Өстөөх үлтүрүллээтин кытта кинини партия Иркутскайдааҕы горкомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан талбыттара. Саха сиригэр былааһы бөҕөргөтөргө Максим Аммосов боломуочунайдаах политическай бөлөх үлэһиттэрэ Дьокуускайдыыр буолбуттара. Саа-саадах тутан охсуһуу, хараҥа хаайыы, аччыктааһын эрэйин кэнниттэн Саха сиригэр “Революционный” диэн борохуотунан айаннаан кэлбиттэрэ. Борохуокка айаннаан иһэн Исиидэр “Сахатытыы-биһиги биир чугас бойобуой сорукпут” диэн ыстатыйатын суруйбута. Исиидэр Барахов саха тылын, суругун сокуонун чуолкайдааһына, нуучча тылын сахатытыы наадалааҕын, тыллар тэҥ бырааптаах буолууларын туһунан ити ыстатыйаҕа сиһилии суруйар. Кини тыл устуоруйатын уһулуччу үчүгэйдик билэрэ. Сахалыы бэчээт сайдарыгар сүҥкэн үтүөлээх этэ. Оҕолору сахалыы үөрэтии саҕаламмыта, төрөөбүт тылга ураты суолта биэрбиттэрэ.
Үөһэттэн саҥа сырдык күүстэр кутуллубуттарын курдук айылҕа тупсан турар кэмэ этэ. Тула барыта көнньүөрэн, сылаас, сымнаҕас салгынынан илгийэрэ. От-мас сарсыардааҥы сииги утаппыттыы иҥэринэн иһэрэ. Быстах ардахтар кылгастык курулатаат, сири-уоту ньүөлсүппэккэ ааһа тураллара. Исиидэр төрөөбүт дойдутугар күүс-сэниэ ыла айаннаабыта.
Сайыҥҥы сылаас күннэргэ дьон бары от үлэтигэр умса түспүттэрэ. Исиидэр дойдутугар сайылыы кэлбитэ. Төрөөбүт дойдута, ахтылҕаннаах алаастара умайар уот куйааска өссө кууран-хатан, сэндэҥэ мастардаах ойуурдара ыраахха дылы сэндээрэн көстөргө дылылара. Саҥардыы бытыгыраан быкпыт күөх оту аһыҥа хайы-үйэ тимир тииһинэн тиниктээн, “оттоон” бүтэрбит этэ. Күүттэриилээх уһун ардахтар түһэн биэрбэккэ, алаас иһэ онон-манан тараҕайданан, кытаран көстөрө. Хаһан эрэ өрт уота сиэбит куруҥ тыаларга арай кучу от хойуутук үүммүтэ. Исиидэр хаһан да маннык кураан дьыл кэлбитин өйдөөбөт. “Быйыл хайаан да өрүсүһэн окко эрдэ киириэххэ баар эбит”,- диэн санааҕа кэлбитэ. Былырыын от үүммэккэ, салаа да оту ылбатахтара, дьон үксэ ытыс соттон мэлийбиттэрэ. Инньэ гынан сүөһүлэрин эһэр дьон эспиттэрэ, сүөһү өлүүтэ сыл аайы элбии турар буолбута. Аҥардас сүөһү этинэн, үүтүнэн олорор саха дьонугар ыарахан дьыллар кэлбиттэрэ. Бурдук үүнүүтэ эмиэ биир оннук буолбута. Сир оҥоһуута кыайтарбат. Кураан дьылларга бааһыналарга сыыс от эрэ дэлэччи үүммүтэ.
Исиидэр чугас эргиннээҕи ходуһалары көрө таарыйа кыараҕас от үрэхтэри сатыы кэрийтэлээбитэ. Тыа саҕатынан тутуллубут ачаах бүтэйи кыйа айан суола тыргыллара. Ол суол илин өттүгэр үөт талах кылдьыылаах күөл нэлэһийэ түспүтэ. Күөл уута ньамаҕыра уолан, бу сылларга кус да түспэт бадараана буолбут. Исиидэр халыҥ сис тыаны уҥуордаан, күн тыа кэтэҕэр түһэн, саһарҕата эрэ көстөр кэмигэр сайылыгар кэлбитэ. Сайылык дьоно күннээҕи түбүктэрин үмүрүтэн, ынахтарын ыан бүппүттэр этэ. Титииги тула кии түптэ күөх буруота өрө унааран, сайылык үрдүнэн тэнийэн, хойуу сытынан тунуйбута.
Сайыҥҥы былдьаһыктаах ыгым кэмнэр түмүктэммиттэрэ. Күргүөмнээх үлэлэрин күүрээнигэр күн-дьыл түргэнник устан ааспытын билбэккэ да хаалбыттара. Хайы-үйэ от хомуура бүтэн, Исиидэрдээх быйылгы курааҥҥа сөп буолар отторун ылбыттара. Сыл туоруур отторун булан, арыыйда кэҥээбиттэрэ. Хонук хоннох аайы халлаан улам тымныйан киирэн барбыта. Ордук түүнүн тымныйара. Инчэҕэй хаар булкаастаах ардах сиппэрэҥэ хас да күнү супту түһэн сытыппыта. Тыа баһа тыалтан суугунуур, “кырдьыбыт” тииттэр субу сууллан түһүөх айылаах “айака-дьойоко” буолан кыычыгыраан ылаллара.
Исиидэрдээх куоракка хаһыа да буолан айанныыр күннэригэр былытыран, сиппэрэҥ ардах түһэн ибиирбитэ. Уруккуттан айанныы үөрэммит суолларынан халыҥ систэри быһан, дабааннары үөһэ-таҥнары сыыйан, тус илин түһэ турбуттара. Аара халыҥ сискэ тохтоон хонон-өрөөн, сынньанан ылбыттара. Мантан антах алаастарынан быһа суоллары булан айанныахтаахтар. Бу дойду тула ыраахха диэри тэнийэн барар халыҥ сис тыалаах буолан бултаах-алтаах сир. Бэһис күннэригэр киэһэлик тиийиэхтээх сирдэригэр айаннаан кэлбиттэрэ.
Куоракка сэбиэскэй былаас олохтонон гражданскай сэрии маҥнайгы сылларыгар нэһилиэнньэни аһынан-таҥаһынан хааччыйыы үлэтэ барбыта. Аһылык, аҕыйах табаар саппааһа бүтэн хаалбыта. Үрүҥ гвардеецтар ол кэмҥэ муҥкук саха дьонун куттаан туран сүөһүлэрин-астарын былдьаан, бас-баттах барбыттара, суута-сокуона суох дьону кэрдии, ытыалааһын саҕаламмыта. Бараахап ити кэмҥэ Бүлүү уеһын партийнай сэкирэтээринэн анаммыта. Саха сирин салайан олорбут Губбюро сэкирэтээрэ Г.И.Лебедев Сиббюроҕа:”Норуоту барытын кыргар эрэ балаһыанньа үөскээтэ”-, диэн тэлэгэрээмэ ыытар. Саха норуота Сэбиэскэй былааһы утары турда, онон кыргарга диэн Губбюро сэкирэтээрэ Г.И.Лебедев, ГПУ бэрэссэдээтэлэ А.В.Агеев, губревтрибунал бэрэссэдээтэлэ А.Г.Козлов көҥүл көрдүүллэр. Ити кэмҥэ Каландарашвили этэрээтэ 54 киһи тоһуурга түбэһэн кыргыллыбытыгар, Строд “дедушканы” көмүү кэмигэр хааннаах андаҕар биэрэр. Сахалары эһэргэ, иэстэһэргэ диэн. Историческай суолталаах түгэн буолбута. Саха норуотун дьылҕата ыйааһыҥҥа ууруллубут ыар кэмнэрэ үүммүттэрэ. Исиидэр балаһыанньаны барытын көрө-билэ сылдьар буолан олус аймаммыта. Ол кэмҥэ Иркутскай хаайыытыгар бииргэ хаайылла сылдьыбыт политсыылынай Строду, Каландаришвили этэрээтин политкөмөлөһөөччүтүн С.Ю. Широких-Полянскайы кытары көрсөн кэпсэппитэ. Сэбилэниилээх күүстэр командующайдарын П.И Савлугу тылларыгар киллэрэллэр, саха норуотун хааннаах кыргыы буолуохтааҕын тохтоппута. Кинилэрдиин биир санааҕа кэлэн Лебедевтээҕи былаастан устарга быһаарыныы ылыналлар. Исиидэр киһи быһыытынан тыйыһын, халбаҥнаабат кытаанах санаалааҕын, сахатын дьонун туһугар өлөрүн да кэрэйбэтин көрдөрбүтэ. Кини баар буолан балаһыанньаны ыраастык арыйан ити переворот, былаас уларыйыыта оҥоһулларын ситиспитэ. Ити кулун 1922 сыл кулун тутар уонун түүнэ этэ…
Онтон 1922 сыл кулун тутар 15 күнүгэр Екатеринбууртан төрүттээх Черепанова Александра Андреевна диэн кыыһы кэргэн ылар. Кинилэр саас Москуба куоракка билсибиттэрэ. Ити күн Исиидэр төрөөбүт араспаанньатын уларытан, Бараах Уйбаан диэн эһэтин кэриэстээн, кини хос аатынан Барахов диэн араспаанньаны ылыммыта. Исиидэр Барахов 1929 сыллаахха Ярослав диэн уолламмыта.
Исиидэри үөрэппит саха омук чулуу дьоно Өксөкүлээх Өлөксөй уонна сахалыы маассабай суругу-бичиги төрүттээбит Сэмэн Ноҕуруодап саха суруга-бичигэ хайдах буолуохтааҕын туһунан утарыта санаалаахтара. Өксөкүлээх Өлөксөй саха суругар-бичигэр кирииллиссэ сөп түбэһэр диирэ. Оттон Сэмэн Ноҥуруодап латыыныссаҕа олоҕурара. Сэмэн Бараахап учууталларын иккиэннэрин ытыктыыра, ол гынан баран Сэмэн Ноҕуруодап тутуһар суолун өйөөбүтэ. Ноҕуруодап алпаабыта олоххо, сурукка-бичиккэ киирэн барбыта, сахалыы тыл судаарыстыбаннай тыл буолбута. Дьаһаллар, уураахтар сахалыы суруллар, тылбаастанар буолбуттара. Ол саҕана Исиидэр Никифорович Барахов өрөспүүбүлүкэ тутаах салайааччытынан үлэлиирэ-Саха АССР Норуот хамыһаардарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ этэ. Баку куоракка буолан ааспыт Түүр тылын үөрэхтээхтэрин бастакы сийиэһигэр саха сирин дэлэгээссийэтин салайан илдьэ барбыта. Алампа, Күндэ, Барахов буолан кыттыыны ылбыттара. Исиидэр онно бэһис киһинэн ыҥырыллан, тыл эппитэ.
Кини иннигэр түһүүлээх-тахсыылаах, киирсиилээх олох суола күүтэрэ. Төрөөбүт дойдутун, норуотун көҥүл олоҕун туһугар охсуһарга бэлэмэ. Тоҕус үрэх уута тоҕуоруйан киирэн түмүллэ устубутунуу, Бүлүү өрүс дохсун сүүрүгэ кытылга охсуллан, бааллыран барбыта…
Чурапчы нэһилиэгэ 2023 с.