“Күн тааһа”
Давыдов Илья Евсеевич,
ССРС култууратын туйгуна
Сюита бастакы вариана
Саха сирин ыччаттарын иккис фестивалларыгар бэлэмнэнии 1959 сыллаахха саас муус устар ыйтан оройуоннааҕы культура дьиэтигэр кииннээн саҕаламмыта. Художественнай салайааччынан оройуоннааҕы эмп холбоһугун кылаабынай враһа, самодеятельнай композитор, энтузиаст, үтүөкэннээх киһи Владимир Петрович Останин анаммыта. Оччотооҕуга, оройуоҥҥа уус-уран самодеятельность сайдыытыгар, фестивалларга бэлэмнэниигэ уһулуччу суолтаны, күннэтэ көмөнү партия Үөһээ-Бүлүүтээҕи райкомун секретара, ССРС Верховнай Советын депутата Николай Егорович Васильев оҥороро, бары өттүнэн өйөбүлү оҥороро. Онон аан маҥнайгыттан иккис фестивалга бэлэмнэнии тэрээһиннээхтик саҕаламмыта, ол курдук төһө да бириэмэтэ суоҕун аахсыбакка, оройуон кылаабынай враһын, хирург В. П. Останины уус-уран самодеятельноһы бэлэмнээһиҥҥэ салайааччынан райком бюротунан анаабыттара. Дьэ, онон тэрийэр комитет, культура дьиэтин үлэһиттэринээн директор Давыдов И. Е., худрук Аммосов А. Д. ырыаһыт, үҥкүүһүт ыччаттары оройуонтан сүүмэрдээн бэлэмнэниини саҕалаабыппыт. Владимир Петрович И. Дунаевскай музыкатынан 8-тыы куоластаах “Летите голуби”, “Марш энтузиастов” хордары үөрэппитинэн барбыта, сахалыы ырыалартан X. Максимов “Ботуобуйа” о.д.а. ырыалары. Билигин да Дунаевскай ырыаларын радионан биэрдэхтэринэ ол ааспыт күннэри санаан ааһабын, Владимир Петрович барахсан көрө-истэ, үөрэтэ турара харахпар көстөн кэлэр. Бэлэмнэнии хаамыытыттан көрөн сотору-сотору мунньахтаан сүбэлэһэрбит, оннук сүбэлэһиилэргэ олохтоох темаҕа туох эрэ айымньыны айан туруоруох баара диэн кэпсэтии буолара.
Онтон сибээстээн санэпидстанция үлэһитэ, фельдшер, эдэр суруйааччы Степан Егорович Дадаскинов Саха сиригэр, Бүлүүгэ, алмаас көстүүтүн туһунан темаҕа либретто суруйар. Ол либреттоҕа мелодиялары Үөһээ-Бүлүүтээҕи көһө сылдьар театр артиһа Христофор Максимов оҥорор. Ол мелодиялары түмэн, сибээстээн, киирии-тахсыы музыкалаан, оркестровкалаан Владимир Петрович биир суол түбүккэ түһэр. Театр администрацията либретто сүнньүнэн үҥкүүлэри туруорарга, үҥкүүһүт идэлээх драма артиһын Михаил Неустроевы, режиссерынан артист Спартак Федотовы көмөҕө аныыллар. Дьэ онтон күргүөмнээх үлэ саҕаланар, утуйар-олорор уурайар. Саҥа айымньыттан туох эмэ тахсыах курдук буолар, онон костюмнары, декорациялары оҥоруу соруга тириир. Эмиэ театрбыт көмөҕө художнигын Владимир Давыдович Иванову аныыр. Ол түмүгэр былыргылыы таҥас-сап эскизтара оҥоһуллан тигиллэллэр. Алмаастаах Мирнэй айылҕата көстөр декорацията оҥоһуллар.

Степан Егорович Дадаскинов

Владимир Петрович Останин

Христофор Трофимович Максимов

Спартак Петрович Федотов

Владимир Давыдович Иванов
Айымньыны “Күн тааһа” диэн ааттыыбыт. Аны бу айымньы ис хоһоонунан, искусство айымньыларыттан ордук сюитаҕа майгынныыр буолан тахсар, онон “Күн тааһа” диэн театрализованнай хореографическай сюита диэн ааттанар буолта. Сюитаҕа кырдьаҕас булчуту — Симон Федотов, кини эмээхсинин — Муза Саньяхова, 1-кы булчуту — Фома Баскаров, 2-с булчуту — Семен Угулятов, 3-с булчуту — Николай Иванов, 4-с булчуту — Иван Мельбетов, бастакы кыыһы — Марина Кятиряева, иккис кыыһы — Дария Накытова, үһүс кыыһы — Светлана Мякишева, төрдүс кыыһы — Анна Ефремова, Ойууну — Афанасий Аммосов, геологтары — Аскалон Егоров, Ольга Прокопьева, Алмаас кыыһы — Дария Филиппова толорбуттара. Оттон сцена кэтэҕэр былыргы булчут ырыатын сахалыы тойуксут Афанасий Данилов толорбута, бокуонньук дьэрэлитэн ыраас кэрэ да куоластааҕа. Маны таһынан II-c актаҕа араас национальностар үҥкүүлэрин үөһэ ахтыллыбыт оҕолортон ураты Виктор Дадасов, Гаврил Николаев, Валентина Рожина, Михаил Неустроев о.д.а. толортообуттара. Оттон маассабай сценаҕа, куорат тутуутугар үлэлиир араас национальностар представителлэрин фестивальга кытта барааччылар бары — Трофим Семенов, Николай Евсюгов, Роза Слепцова, Александра Александрова, Петр Николаев, Варвара Алексеева, Илья Давыдов, Василий Васильев о.д.а. оонньообуттара.
Бу үҥкүүнү бэлэмнээһиҥҥэ кыттыбыт оҕолор 2 ыйтан ордук эрчиллэн үчүгэйдик үҥкүүлүүр буолбуттара. Маҥнай кэллэхтэринэ төп-төгүрүк дьон, Якутскайдыыр саҕана ыран атын дьон курдук буолан хаалбыттара. Костюм, декорация материалларын булунууга, барыы-кэлии проеһыгар оччотооҕу колхозтар улахан көмөнү оҥорбуттара, ол барыта Николай Егорович Васильев кэпсэтиитин үтүө түмүгэ этэ.
“Күн тааһыттан” ураты олохтоох автордар, мелодистар айымньыларыттан улахан концертнай программа бэлэмнэммитэ. Якутскайдыахпыт иннинэ дойдубутугар, оройуон киинигэр Үөһээ-Бүлүүгэ бэс ыйын 14 күнүгэр иккитэ эрэ туруорбуппут. Онтон фестивальга кытта барарбытыгар республикатааҕы фестивалы тэрийэр комитет “Механик Кулибин” диэн теплоходу ыыппыта. Ол дьыл угут буолан Бүлүү өрүһэ улаханнык халааннаан, үтүөкэннээх теплоходунан айанныыр дьолломмуппут. Күнү быһа теплоходу кэтэһэ сылдьан, туох эрэ наадаҕа дьиэбэр бара сылдьан баран кэлбитим, эргэ Г. Потапов складын таһынан теплоход кэлэн тиксибитэ дэриэбинэ дьиэлэрин үрдүнэн этажтаах дьиэ курдук үрдээн көстөн турара. Барахсан дьэндэйэн үрдүгэ, ырааһа, сырдыга үтүө да борохуот этэ. Айаннаан иһэн уу таһыма үрдүк буолан, биэрэги кытта тэҥ иһэн, араас үчүгэй көстүүлээх хонуулары, алаастары, күөллэри, үрэхтэр төрдүлэрин, өрүс арыыларын көрөн айаннаабыппыт. Сорох, Лена эбэ арыыларыгар абалаах тахсан сибэккилээбит, тохтоон оһуохайдаабыт, оонньообут-көрүлээбит киһи дэсиһэрбит.
“Механик Кулибин” теплоходунан дойдубутуттан бэс ыйын 15 күнүгэр араҕан баран, бэс ыйын 17 күнүгэр сарсыарда Якутскайга икки суукка курдугунан тиийбиппит.
Тэрийэр комитет программатынан “Үлэҕэ айхал” диэн девизтаах иккис республиканскай фестиваль бэс ыйын 20 күнүгэр “Труд” стадиоҥҥа, фестиваль кыттыылаахтарын параадынан саҕаламмыта.
Биһиги коллективпыт бэс ыйын 21 күнүгэр Рабочай городок кулуубугар киэһэ 9 чаастан Бүлүүлэр кэннилэриттэн жюрига оонньообута. Бу оонньуу табыллыбатаҕа. Рабочай городок кулуубун электропроводката куһаҕан буолан, үҥкүүһүттэр сценаны хамнатар гына өрө ыстаннылар да замыкание буолан уоппут баран иһэрэ, сороҕор пробката умайан хаалара. Онон толорооччулар да, эгэ жюри чилиэттэрэ дэлби сылайаннар, кыыһыраннар үрдүк баллы биэрбэтэхтэрэ. Оонньуубут сордоон муҥнаан түүн үөһүн саҕана бүппүтэ. Хаарыаннаах икки аҥаар ыйдаах коллективнай үлэбит, биһигиттэн тутулуга суох техническай причинэннэн проваллаабыта диэххэ сөп. Бары туох да настроениета суох уку-суку сылдьыбыппыт. Бэс ыйын 23 күнүгэр Паарка зеленай театрыгар хордар конкурстарыгар хордарбытынан кыттыбыппыт.
Онтон биһиги делегациябыт салайааччыларын көрдөһүүлэринэн “Күн тааһа” сюитабытын уонна концертпытын бэс ыйын 24 күнүгэр Саха музыкальнай драматическай театрыгар оонньообуппут. Бу концертпыт улахан ситиһиилээхтик барбыта. Республика салайар үлэһиттэрэ уонна искусство үлэһиттэриттэн көрөннөр улахан сыанабылы биэрбиттэрэ, ол түмүгэр Саха сирин культуратын үлэһиттэрин 1-гы съезтэригэр аналлаах улахан концерт 2-с отделениетыгар “Лауренсия” балет туруохтааҕын устан баран, биһиги сюитабытын “Күн тааһын” киллэрэр буолбуттара. Бэс ыйын 27 күнүгэр Нуучча государственнай театрыгар, Культура үлэһиттэрин 1-гы съездтэрин кыттыылаахтарыгар туруоруллубута. Сюита олус улахан ситиһиилэммитэ. Оонньуу кэнниттэн дьон быыһыгар сылдьан иһиттэххэ: “Самодеятельность итинник оонньоотоҕой, артистар оонньоотохторо” диэн кэпсэтэллэрэ. Оонньуу кэнниттэн Саха сирин культуратын үлэһиттэрин 1-кы съездтэригэр Москваттан кэлэн кыттыыны ылбыт РСФСР Министерствотын үлэһиттэрэ сцена кэтэҕэр киирэн коллективы, салайааччыларбытын улахан кыайыынан эҕэрдэлээбиттэрэ. Сюита музыкатын авторын В. П. Останины, либретто авторын С. Дадаскиновы кууһан ылаттаабыттара. Ити кэнниттэн сотору Союзка тахсар “Театр” журналга уонна “Советская культура” хаһыакка “Первый самодеятельный балет в Якутии” диэн ыстатыйалар тахсыбыттара. Ити кыайыы уонна Союзка тахсар журналга уонна хаһыакка тахсыбыт ыстатыйалар инники өттүгэр “Күн тааһа” сюитаны өссө сайыннаран туруорарга баҕа санааны үөскэппитэ. Дойдубутугар от ыйын саҥатыгар кыайыы-хотуу кынаттаах төннөн кэлбиппит.
Сюита иккис варианын саҕалааһын
“Күн тааһа” сюитаны үөһэ этэн аһарбытым курдук колхозтартан үп, дьон ылан туруорбуппут, ол инниттэн нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар көрдөрөр сорук турбута. Маҥнай сюитаны туруорууга кыттыбыт оҕолор ким үөрэххэ, ким атын сиргэ бараннар үҥкүү да, оркестр састааптарын саҥалыы сүүмэрдээн 1960 сыл тохсунньу 10 күнүттэн саҕалаан саҥа бэлэмнэммиппит. Оруоллары толорооччуларга элбэх уларыйыылар киирбиттэрэ. Симон Федотов оннугар кырдьаҕас булчуту — Петр Павлов, эмээхсини — Муза Саньяхова оннугар Люлия Оконешникова, иккис булчуту — Семен Угулятов оннугар Виктор Дадасов, бастакы кыыһы — Марина Кятиряева оннугар Роза Останина толорбуттара.
Иккис актаҕа бастакы геолог — Ахмед Варфоломеев, булчут оҕонньору — Афанасий Аммосов, Алмаас кыыһы — Люлия Оконешникова толорбуттара. Сюита иккис актатыгар кыра уларытыы киллэриллибитэ, оттон оркестр састаабыгар эмиэ саҥа толорооччулар киллэриллибиттэрэ. Бу хаттаан сюитаны туруорууга Владимир Петрович улахан сыратын биэрбитэ, оркестр саҥа састаабын саҥалыы үөрэтэн элбэхтик түбүгүрбүтэ. Оттон үҥкүүлэри хаттаан Спартак Петрович Федотов туруорбута. Дьэ, ол курдук сюитабытын 1960 сыл тохсунньу 23 күнүгэр сценаҕа таһаарбыппыт. Оройуоннааҕы культура дьиэтигэр тохсунньу 23-24 күннэригэр туруоран баран, өрүс уҥуоргу нэһилиэктэргэ 1-гы Боотулууга тохсунньу 27, Далырга тохсунньу 28, Мэйиккэ тохсунньу 29, Дүллүкүгэ тохсунньу 30-31, Хороҕо тохсунньу 31 күннэригэр оонньообуппут. Көрөөччү олус биһирээбитэ. Олунньу маҥнайгы күнүгэр сынньанан баран аны өрүс бэтэрээ эҥээригэр Ороһуга олунньу 2 күнүгэр, Харбалаахха олунньу 3, Намҥа олунньу 4, онтон Үөһээ-Бүлүүгэ олунньу 5 күнүгэр 1960 с. туруорбуппут. “Күн тааһа” сюитаны көрөн баран Нам нэһилиэгиттэн “Күн тааһа” Намҥа” диэн ыстатыйатыгар Т. Семенов: “Концерт бастакы отделениетыгар “Күн тааһа” диэн хореографическай сюита туруоруллубутун көрөөччүлэр улаханнык биһирээтилэр, бу биһиги оройуоммут уус-уран самодеятельноһа сайдан иһиитин чаҕылхай туоһута” диэн, Харбалаахтан Руслан Кривошапкин “Астына көрдүбүт” диэн ыстатыйатыгар ааспыт фестивальга Якутскай көрөөччүлэригэр киэҥ биһирэбили ылбыт бу айымньыны ханна баҕарар нэһилиэнньэ улаханнык интэриэһиргээн, астына көрөр” диэн оройуон хаһыатыгар суруйбуттара. Ити курдук “Күн тааһа” иккистээн туруутугар оройуон нэһилиэктэригэр уонна оройуон киинигэр Үөһээ-Бүлүүгэ барыта 12 төгүл туруоруллубута. Олунньу 5 күнүгэр оройуоннааҕы культура дьиэтигэр туруорарбытыгар маннык түгэн тахсыбыттаах. Сюитаны киэһэ 8 чаастан туруоруохтаахпыт. Киэһэ эрдэттэн кэлэн бэлэмнэнэбит, көрөөччүлэри саалаҕа киллэрэбит, арай хаһан да хойутаабат бэйэтэ Владимир Петровичпыт суох. Бары да ыксаан бардыбыт, бириэмэбит буоллаҕына улам чугаһаан иһэр. Оркестраннар миэстэлэригэр олорон эрдэхтэринэ Владимир Петрович: “Дьэ Илья, хайдах эмэ гынан чаас аҥаарын күүттэриҥ, субу аҕай операцияттан тахсан турабын, илиибин сууннум да тиийиэм”, — диэн телефоннуур. Дьэ “һуу” гынабыт. Сотору соҕус буолан баран илиитин суунаат дьиэтигэр таарыйбакка, аһаабакка да эрэ кулуупка быһа сүүрэн кэлэр, хойутуу да түстэрбит оонньуубутун саҕалыыбыт. Кэлин истибиппит, үлэ чааһын бүтүүтэ Владимир Петрович дьиэтигэр кэлээри сырыттаҕына, тыаттан муҥурдааҕынан улаханнык ыалдьыбыт киһи киирэн, ол киһини операциялыы турбут эбит. Көр, ол курдук бириэмэтэ суох буолара. Ону ол диэбэккэ самодеятельноһы кытта түүнүн-күнүһүн кэрэйбэккэ гастролларга сылдьыһара, Владимир Петрович барахсан. Ол туһа диэн кэлтэгэй биир хаччыны ылбат этэ, “Бэйэбэр тиийэр хамнастаах киһибин” диэн кэбиһэрэ. Хата, үгүстүк үрдүкү тэрилтэлэртэн үлэҕэр үлэлээбэккэ артистыы сылдьаҕын диэн сэмэлэнэр быһыылааҕа.
Саха сирин алмааһын булбут алмаасчыттарга аналлаах “Күн тааһа” сюитаны алмаас хостооччуларга Мирнэй куоракка илдьэн көрдөрөн сүбэ-ама ылар, айымньыны өссө сайыннарар сорук турбута. Онон аҕыйах хонукка бэлэмнэнэн баран 28 буолан Ньурба – Сунтаар – Мирнэй маршрутунан гастролга барар буолбуппут. Олунньу ый 12 күнүн түүнүгэр Ньурбаҕа барар Райпотребсоюз попутнай грузовой массыынатынан бырахтарабыт, Ньурбаны сарсыарда 6 чаас саҕана булабыт. Оройуоммут салалтата биһигини Мииринэйгэ тиэрдэр массыынаны булан биэрбэтэҕэ, киносеттар газик массыыналара эрэ бас билиилээхпит онно таһаҕаһа суох 10 кыыс эрэ олорсоро. Массыынаны Владимир Петрович бэйэтэ ыытара, аналлаах шофербыт Максимов Петр Кононович массыынатын заправкалыыр уонна гаражка туруорар эрэ үлэлээҕэ. Онон айаммыт устата массыына эттэһэн Ньурба – Сунтаар колхозтарын транспордарынан айанныыбыт. Ити Ньурбаҕа айаннаатахпыт түүнтэн ыла сатамматахпыт, Түүкээн үрэҕин таһыгар олохтоох “Тоотоолуур” диэн оҕонньордоох тастарыгар тиийэн тохтообуппутугар, дэлби тоҥон иһэр дьон ыалга киирэн иттээри ыстаҥалаһан түһэн бардылар. Арай Афанасий Аммосовпыт ыстанан түһээри, хаар анныгар олорор чөҥөчөгү көрбөккө атаҕын улаханнык өлөрөр. Онтон ыла айаммыт устата атаҕынан нэһиилэ дугунан, доҕолоҥноон эрэй бөҕөнү көрөн сылдьыбыта. Дойдутугар эргиллэн кэлэн баран рентгеҥҥэ көрдөрбүтэ бэрбээкэйин уҥуоҕа хабылы барбыт эбит этэ.Ол курдук айаннаан тиийэн Ньурбаҕа оройуоннааҕы культура дьиэтигэр олунньу 13 күнүгэр оонньообуппут. Афонябыт нэһиилэ эрэй бөҕөннөн оонньуур, нөҥүө күнүгэр өрөөн Амакинскай экспедиция кулуубугар олунньу 14 күнүгэр оонньуур буолабыт. Киэһэ Амакинскай экспедиция кулуубугар оройуоннааҕы культура дьиэтигэр түһэн сытан, оонньуу барар кэммитигэр тоҕо эрэ Афонялыын иккиэйэҕин хаалбыт этибит. Амакинка кулуубугар дылы эрэй бөҕөнү көрөн тиийдибит, саатар тоҕо массыыналамматахпыт эбитэ буолла. Афоня атаҕа отой үктэннэрбэт, миигиттэн тутуһан кылыйа сатыыр, сороҕор сүгэн көрөбүн да кыайбаппын, муҥ саатар иккиэйэхпит. Саатар РДК-тан ырааҕа да бэрт эбит, сор бөҕөннөн айаннаан тиийбиппит. Ол киэһэ сюитаҕа ойуун оруолун Гаврил Николаев толорбута, Афоня нэһиилэ сцена кытыытыгар сыҕарыҥнаан киирэн концердын эрэ биллэрбитэ. Сценаҕа күлэн-үөрэн күлүмүрдээн киирдэҕинэ били ыалдьан эрэйдэнэ сылдьара ханна да суох буолан хаалара. Оттон сцена кэннигэр таҕыстаҕына бирээмэ ытамньыйа-ытамньыйа атаҕын имэринэ сатыыра. Оттон биһиги “бу да киһи уйанын” диэх курдук саныырбыт. Салгыы айаннаан олунньу 15 күнүгэр Элгээйигэ, олунньу 16 күнүгэр Сунтаардааҕы культура дьиэтигэр, олунньу 17 күнүгэр Тойбохой кулуубугар, олунньу 18 күнүгэр Кириэстээх кулуубугар, олунньу 20-21 күннэригэр Мирнэй куорат “Алмаз” кулуубугар оонньообуппут. Онтон олунньу 22 күнүгэр Мирнэй алмаасчыттарын кытта доҕордоһуу вечеригэр босхо оонньообуппут, икки өттүттэн оонньуулаах этибит. Биһиги “Күн тааһа” сюитабытын туруорбуппут. Мирнэйгэ да, аара оонньообут сирдэрбитигэр да көрөөччүлэр истиҥ биһирэбиллэрин ылбыппыт. Билиэт кассаҕа тахсыбакка заявканан күнүс эрдэ бүтэрэ. Мирнэй “Алмаз” кулууба 200 миэстэлээх эрэ этэ, ону өр гыныахтара дуо. Сюита концерт бастакы отделениетыгар барара, иккис отделениеҕа толорууларга хор, сольнай ырыалар, үҥкүүлэр, инструментальнай оркестр толоруутугар П. И. Чайковскай “Лебединое озеро” диэн балетыттан “Танец маленьких лебедей”, В. Калинников “Грустная песенка” диэн айымньылара толоруллаллара. Сир-сир аайы бу айымньылар толоруллууларын дохсун ытыс таһыныытынан көрсөллөрө, коллективы сиппит-хоппут профессиональнай таһымнаах дииллэрэ. Мирнэйгэ сырыттахпытына Владимир Петровиһы “кэлэ тарт” диэн телеграмма тиийбитэ. Онон олунньу 24 күнүн киэһэтиттэн төннөр айаҥҥа турбуппут. Түүннэри айаннаан 28 көһү ыалы көрбөккө айаннаабыппыт. Кириэстээх дэриэбинэтин сарсыарда, олунньу 25 күнүгэр испит эрэ ириэнэх булбуппут, тоҥон бөҕүөрэн охто сылдьар буолбут этибит. Ыалларга тарҕаһан чаайдаан баран салгыы айаннаабыппыт, аны утуктуур олус муҥнаабыта, ити күн Сунтаарга оонньообокко хонуох буолбуппут. Ону Сунтаарга оройуон дьахталларын мунньахтара буолан оонньуурга көрдөспүттэрин ылынарга тиийбиппит. Утуйбакка түүннэри-күннэри айаннаабыт буолан оҕолор нэһиилэ уйуттан үҥкүүлүүллэрэ. Оонньуу баран истэҕинэ, сымара таас кэннигэр саһан олорон тахсыахтаах кыыспыт Леля Оконешникова, бараан тулуубу тиэрэ тардан баран үрдүгэр олорбута барааҥка сылааһыгар тартаран утуйан хаалбыт. Оркестр алмаас кыыс тахсар музыкатын оонньоон бүтэрэр, арай алмааспыт биллибэт, көрбүппүт Леля утуйан олорор. Араастаан уһугуннара сатааһын буолар, сцена кэтэҕэ кыараҕас буолан баран уһугуннарар кыах суох, араастаан дабдыҥнаһыы бөҕө буолар. Онтон Леля уһуктан күллэ-күлбүтүнэн араас өҥнөөх уоттарынан күлүмүрдээн тахсан тиийэн кэлбитэ, хата ордук, өссө үчүгэйдик, буолуохтааҕын курдук тахсар. Арай музыката эрэ иккистээн оонньоммута, онно көрөөччү отой да аахайбатаҕа. Нөҥүө күнүгэр Сунтаарга “Партизан” колхоз кулуубугар оонньоон баран салгыы айанныыбыт. Аара Шеяҕа, Ньурбаҕа оонньуохтаахпытын хойутаан кэлэн оонньооботохпут, Шеяҕа 200-чэ киһи мустан ыкса түүҥҥэ дылы кэтэһэ сатаан баран тарҕаспыт этилэр. Онон ханна да оонньообокко олунньу 29 күнүгэр дойдубутугар эргэллэн кэлбиппит. Бу сырыыга 14 тыһыынча солкуобайы киллэрбиппит, билиэппит сыаната чэпчэки баҕайы этэ. Көрөөччүлэр “баччалаах дойдуга кэлэн баран билиэккит сыаната чэпчэкитэ бэрт эбит” дэһэллэрэ. Дьон олус көхтөөхтүк сылдьыбыта, бэл Кириэстээххэ оонньуурбутугар икки көстөөх сиртэн атынан кэлэн көрбүттэрэ.
Онон “Күн тааһа” сюита иккис вариана 23 төгүл туруоруллан үгүс ахсааннаах Бүлүү сүнньүн олохтоохторо көрбүттэрэ.
“Күн тааһа” сюитаҕа кыттан Мирнэйгэ тиийбит гастроль кыттылаахтарын списоктара:
- Останин Владимир Петрович — салайааччы
- Павлов Петр Иванович — салайааччыны солбуйааччы
- Давыдов Илья Евсеевич — салайааччыны солбуйааччы
- Аммосов Афанасий Дмитриевич — конферансье
- Максимов Петр Кононович — шофер
- Поскачин Михаил Филиппович — электрик
- Останина Роза Илларионовна
- Ефремова Анна Сергеевна
- Мякишева Светлана Викторовна
- 10. Накытова Дария Степановна
- 11. Мельбетов Иван Степанович
- Дадасов Виктор Васильевич
- Баскаров Фома Николаевич
- Иванов Николай Нилович
- Чарпыкова Елена Николаевна
- Егорова Федора Алексеевна
- Николаев Гаврил Михайлович
- Данилов Афанасий Иванович
- Филиппов Лазарь Степанович
- Варфоломеев Ахмед Романович
- Прокопьева Ольга Михайловна
- Оконешникова Люлия Николаевна
- Егоров Аскалон Ксенофонтович
- Торицина Ия Ивановна
- Тимофеев Владимир Алексеевич
- Кысылбаиков Гаврил Давыдович
- Яковлев Николай Пудович
- Красноштанов Илья Владимирович
“Күн тааһа” сюита туһунан ахтыы” кинигэттэн
Саҥа ситиһиилэри баҕарабын
Грант Григорян,
Саха АССР уонна РСФСР искусстволарын үтүөлээх деятелэ, композитор
Быйыл сайын буолан ааспыт Саха Сирин ыччатын республикатааҕы II фестивалыгар Үөһээ Бүлүү оройуонун уус-уран самодеятельноһын талааннаах коллектива туруорбут “Күн тааһа” диэн ааттаах хореографическай пантамимота көрөөччүлэри олус сэргэхситтэ.
Бу — биһиги тыабыт самодеятельноһа айар саҥа суоллары хорсуннук уонна дириҥник көрдүүр буолбутун чаҕылхай туоһута. Пантамимоны туруорааччылар күннээҕи олох тематыгар саҥа формалаах, элбэх киһилээх уустук айымньыга үлэлииртэн толлубатахтара ордук үчүгэй.
Пантамима уус-уран өттүнэн чочуллубатах миэстэлэрдээх да, үүнэн, сайдан иһии ханна баҕарар арахсыспат ыарыыта буолар. Ону уопсайынан пантамима үчүгэй өрүттэрэ сабаллар.
Постановка музыкальнай чааһын оҥоһуутугар талааннаах самодеятельнай композитор уонна дирижер В. П. Останин үтүөлэрин чорботон бэлиэтиир сөп. Кини пантамима музыкатын таһынан Вячеслав Рябцев тылларыгар нууччалыы “Счастье якута” (“Саха саргыта”) диэн үчүгэй образтаах, сонун уонна баай мелодиялаах бэртээхэй ырыата фестиваль конкурсугар бириэмийэлэннэ.
Музыкант уонна салайааччы быһыытынан таб. Останин чаҕылхай дьоҕура Үөһээ Бүлүү оройуонун уус-уран самодеятельноһа ыччат республикатааҕы II фестивалын кыттыылаахтарын улаханнык сэргэҕэлэппитигэр бөдөҥ үтүөлээх.
Бу оройуон самодеятельноһын атын да салайааччылара уонна кыттыылаахтара фестивалга болҕомтолоохтук ис сүрэхтэриттэн уонна бары дьоҕурдарын ууран туран бэлэмнэммиттэрэ ордук үөрүүлээх. Кэлэр да өттүгэр кинилэргэ бу ситиһиилэринэн уоскуйбакка, саҥа кыайыыларга тиксэллэригэр истиҥник баҕарабын.
Дьокуускай куорат, 1959 сыл.
“Коммунизм суолунан” хаһыат, 1959 сыл, от ыйын 31 к., 3-с сирэй.
Библиография
«Күн тааһа» сюита
Кинигэлэр
- Давыдов, Илья Евсеевич. “Күн тааһа” сюита туһунан ахтыы / [И. Е. Давыдов ; хомуйан оҥордо О. Федорова; Үөһээ Бүлүүтээҕи киин б-ка кыраайы үөрэтэр отд.]. – Үөһээ Бүлүү : Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека кыраайы үөрэтэр отдела, 1996. – 20 с., [2] вкл.
л. : ил.
Периодическай бэчээттэн ыстатыйалар
- Мындаев, П. Бэлэмнэнии түмүктэннэ / П. Мындаев // Коммунизм суолунан. – 1959. – Ыам ыйын 22 к.
- Дадаскинов, С. Фестиваль 3-с тууругар / С. Дадаскинов // Коммунизм суолунан. – 1959. – Бэс ыйын 26 к.
- Григорян, Г. Саҥа ситиһиилэри баҕарабын : [В. П. Останин] / Г. Григорян // Коммунизм суолунан. – 1959. – От ыйын 31 к.
- Константинов, С. «Күн тааһа» – Үөһээ Бүлүү сюиталара / С. Константинов // Коммунизм суолунан. – 1959. – От ыйын 31 к.
- Сыромятников, В. Эһиги сюитаҕыт сөпкө биһирэннэ / В. Сыромятников // Коммунизм суолунан. – 1959. – От ыйын 31 к.
- Щадрин, К. Биһиги оройуоммут ыччата – фестиваль 3-с туругар : [В. Останин «Саха саргыта» ырыата, С. Дадаскинов хоһоонноро, инструментальнай оркестр, хор анал дипломнарынан наҕараадаланнылар] / К. Щадрин // Коммунизм суолунан. – 1959. – От ыйын 31 к.
- «Күн тааһа» хореографическай сюита В. Сячиков фототыгар // Коммунизм суолунан. – 1959. – Атырдьах ыйын 7 к.
- Саха сиригэр маҥнайгы любительскай балет // Коммунизм суолунан. – 1959. – Балаҕан ыйын 8 к.
- Семенов, Т. Самодеятельнай коллектив гастроллуур : «Күн тааһа» – Намҥа / Т. Семенов // Коммунизм суолунан. – 1960. – Олунньу 18 к.
- «Күн тааһа» 4 акталаах балет туһунан фоторепортаж // Коммунизм суолунан. – 1961. – Муус устар 26 к.
- 1959 сыллаахха Саха сирин ыччаттарн II фестивалларыгар Афанасий Аммосов «Күн тааһа» хореографическай сюитаҕа ойуун обраһын толорбута // Коммунизм сардаҥата. – 1972. – Олунньу 12 к.
- Давыдов, И. «Күн тааһа» / И. Давыдов // Коммунизм сардаҥата. – 1977. – Балаҕан ыйын 10 к.
- Потапова, М. Г. ”Күн тааһа” сюита үбүлүөйдээх 55 сыла : [оройуон культуратын сайдыытыттан ахтыы] / М. Г. Потапова // Үөһээ Бүлүү. – 2014. – Бэс ыйын 17 к.
***
- Васильева, Р. Солнечный камень / Р. Васильева // Молодежь Якутии. – 1962. – 26 июня.