
1937 сыл сэтинньи ый 13 күнүгэр Саха сирин бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев Орджоникидзе оройуонун (билигин Хаҥалас улууһа) Өктөм нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Михаил Ефимович Николаев үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрээт, 1970 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ ССКП райкомун секретарынан үлэлии кэлбитэ. Икки сыл буолан баран, райком I секретарынан анаммыта, дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар хатанан хаалар үлэни-хамнаһы тэрийбитэ.
2009 сыллаахха Саха сирин библиотекаларын үрдүнэн «М. Е. Николаев. 20 лет службы Российскому государству» республиканскай конкурс биллэриллибитэ. Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека кыраайы үөрэтэр отдела М. Е. Николаев Үөһээ Бүлүү оройуонугар үлэлээбит сылларын сырдатар сыаллаах “Өйдүүбүт, үрдүктүк сыаналыыбыт, сүгүрүйэбит» диэн үлэнэн кыттан II-с миэстэ буолбута.
2012 сылга Михаил Ефимович Николаев 75 сааһыгар анаан “Өйдүүбүт, үрдүктүк сыаналыыбыт, сүгүрүйэбит» үлэ эбии матырыйааллар хомулланнар, Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата үбүлээн кинигэ буолан “Дани Алмас” компанияҕа 100 экземплярынан тахсыбыта.