
Сүүс биэс сыллааҕыта түһэриллибит биир хаартыскаттан сылтаан, М.К. Аммосов былыр, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ аҕай, Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн барбытын туһунан бэйэм бүччүм ис санаабын уонна көрүүбүн дойдум аныгы көлүөнэ дьонугар-сэргэтигэр тиэрдэргэ холоннум.
Бу хаартыска миэхэ оҕо сааһым аргыһыттан, кылааһынньыкпыттан Дьууруй Ньукулаайаптан соһуччу соҕустук тиксэн хаалбыта. Кини Үөдүгэй нэһилиэгин биир бас-көс аҕатын ууһуттан – Бытыакаптартан силистээх-мутуктаах, онон төрөппүт дьонугар (аҕата- Яков Алексеевич Николаев улууска биллэр-көстөр, убаастанар-ытыктанар учуутал этэ) араас эргэ хаартыскалар бааллара. Оттон кинилэргэ бу Максим Аммосов Куорамыкыга түспүтүн туоһулуур хаартыска чугас аймахтарыттан, сахаттан бастакы учуонай математигынан ааҕыллар, Москватааҕы Бауман аатынан техническай университет доцена Иван Николевич Григорьев аҕатыттан – Ньукууска оҕонньортон (Григорьев Николай Спиридоновичтан) тиксибит буолуон сөп.
М.К. Аммосов Үөһээ Бүлүүгэ 1917 сыллааҕы сырыытын туһунан ханна даҕаны сиһилии кэпсэммэт, сурукка-бичиккэ тиһиллибитэ даҕаны сүрдээх кэмчи. Кини олоҕун-үлэтин туһунан сырдатыыга (биографиятыгар): “1917 сыл сайыныгар Бүлүү уокуругар нэһилиэнньэҕэ аҕытаассыйалыыр үлэни ыыта бара сылдьыбыта”,- диэн биир эрэ этии сурулла сылдьар. Кини оччолорго уобаластааҕы куттал суох буолуутун Комитетын чилиэнэ, исполкомун сэкирэтээрэ этэ, онон аҕытаассыйалыыр үлэни Саха сирин хайа баҕарар муннугар ыытар бырааптааҕа. Оччолорго Үөһээ Бүлүү киинэ – Куорамыкы бөһүөлэгэ Бүлүү уокуругар (1935 сыллаахха диэри) киирэрэ, онон М.К. Аммосов Үөһээ Бүлүүгэ сырытта диэн иһитиннэрии-биллэрии ханна да суох.
Бастаан Максим Кирович Үөһээ Бүлүү буоругар ханна үктэммитин туһунан биир-икки тылы этэн аһарыым. Былыр диэххэ, ааспыт үйэ 40-с сылларын бүтүүтэ, билиҥҥи электрическэй ыстаансыйа илин өттүгэр, хоруу муостатыттан чугас, арҕаа диэки добуоччу киэҥ ыраас хонуу баар этэ, ону өйдүүр урааҥхай билигин баара саарбаҕа буолуо. Ол кэҥэччи хонуу Бүлүү Эбэ Хотун сүнньүн уларытар кэмигэр көөрөттөн бүппүтэ ыраатта. Былыр сааһыары сайын, Бүлүү уута өссө күүскэ түһэ илигинэ, бу хоруу төрдө борокуот аал бириистэнин быһыытынан туһаныллара эбитэ үһү. Бу кэпсиир хонуум арҕаа баһыгар Батаакап баай таһаҕаһын кылгас кэмҥэ харайар хаптаһын сарайа өссө да баара, ол сарай кэлин “Холбос” тэрилтэтин ыскылаата буолан, куруутун кэриэтэ ыт баһын саҕа күлүүс ыйанан турарын өйдүүбүн.
Аар айылҕа алдьана, Бүлүү Эбэ Гээһэ тутулла илигинэ, саас аайы Ньукуолун Таҥара саҕана (ыам ыйын 22 күнүгэр) Куорамыкы дьоно, арааһа, урукку бириистэҥҥэ киирэллэрин өйдөөн курдук, бу ырааһыйаҕа Бүлүү Эбэ мууһа устарын көрө мустарын өйдүүбүн. Мууһу үүрэр арҕааҥҥы сытыы тыалтан мустубут дьон дьагдьайан-тоҥон, ирээри буоллаҕа, оһуокай оонньууну тардан кэбиһэрэ. Ол дьон биирдэ-иккитэ эргийээт, тоҥмуттарын аһараары көтүү үҥкүүтүн саҕалыыллара, ол курдук, кырата чаас аҥаара эккирээн, тоҥмуттара ааспыт дьон сиэринэн, күө-дьаа, кэпсээн-ипсээн буола түһэллэрин өйдөөн кэлэбин. Дьэ, бу бириистэҥҥэ, ити кэпсиир хоруум төрдүнээҕи биэрэккэ Максим Аммосов, таһаҕас тиэйэн аҕалбыт Громова хотун борокуотуттан түһэн кэлэн, аан маҥнай Үөһээ Бүлүү буоругар үктэннэҕэ.
Максим Аммосов Үөһээ Бүлүүгэ сырыытын көрбүт-истибит дьон билигин суох буолбута ыраатта. Арай, олох хойукка, бу орто дойдутуттан арахсыар диэри, ол борокуот аалын көрсүбүт, Максим Кирович Бүлүү өрүс биэрэгэр мустубут дьоҥҥо тыл этиитин эт кулгааҕынан истибит Николай Спиридонович Григорьев (Ньукууска оҕонньор) кэпсээнэ Үөһээ Бүлүү саастаах дьонугар-сэргэтигэр иҥэн хаалбыта баар. Кини кэпсииринэн, Максим Кирович Куорамыкы биэрэгэр борокуоту көрсө киирбит соччо элбэҕэ суох киһиэхэ кылгастык, уон мүнүүтэ иһинэн, тыл эппитэ үһү. Онно кини нуучча норуотун сүмэтин уулуу, атаҕастыы-баттыы олорбут Ньукулай Торуой ыраахтааҕы бөрүстүөлүттэн уһуллубутун, ол эрэн, баай хара баттала өссө да салҕана турарын, арҕаа үгүс өлүүлээх-сүтүүлээх сэрии тохтооботун, саха кыра-хара, хараҥа хамначчыт дьонун хараҕа аһылла илигин, онуоха саха үөрэхтээх дьонун өттүттэн сырдатыы-көмө кыратын туһунан эппит. Ньукууска оҕонньор этэринэн, чахчыта даҕаны сытыы-хотуу, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх ыччат тахсан эрэрэ тута көстөрө-биллэрэ үһү. Максим Аммосов тыл этээт, кинини көрсө киирбит тэлиэгэлээх акка олорсон, Намныыр аартыгынан баай Батаакап сайылыгар – Өлөҥ Күөлүгэр айанныы турбут. Оччотооҕу уос кэпсэлинэн, Дьокуускай куоракка бииргэ үөрэнэр Г.Е. Батаакап кыыһын кытары билсэн-көрсөн ааһар соруктааҕа үһү.
Егор (Георгий) Ефимович Потапов (1870-1934) диэн Үөһүү Бүлүү баар-суох иккис гильдиялаах атыыһыта, биэс төгүл улуус кулубатынан талылла сылдьыбыт, дьон-сэргэ ытыктабылынан-убаастабылынан туһаммыт баай киһи этэ. Кини түөрт уол, биэс кыыс, барыта тоҕус оҕолоох эбит. Маарпа (кэлин саха норуотугар Муся Потапованан биллибит) диэн кыыһа бэһис оҕонон төрөөбүт.
Дьөгүөр Батаакап 1876 сыллаахха, Үөһээ Бүлүүгэ оскуола аан бастаан аһыллыбытыгар,биир Ырыыһай диэн сэниэ киһи оҕотун оннугар үөрэнэн икки кылаас үөрэхтэммит. Былыр оҕону нуучча аармыйатыгар ылаары үөрэтэллэр диэн өйдөбүл баара эбитэ үһү, онон баай ыаллар бэйэлэрин оҕолорун оннугар дьадаҥы ыал оҕотун оскуолаҕа анньан биэрэр түбэлтэлэрэ, сэдэх да буоллар, баар эбит. Оннук түгэҥҥэ түбэспит Дьөгүөр Батаакап, хата, кыра үөрэхтэнэн хаалбыт. Ол оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн ылата кини үөрэх-билии туһатын үчүгэйдик өйдөөбүт,онон оҕолорун барыларын үөрэхтээх-туһалаах дьон оҥорорго туруммут. Кини, хомойуох быатыгар, баҕар, үйэтин кэмэ оннуга эбитэ дуу, үөрэттэрбит оҕолорун баһыйар өттүлэрэ дьаарай бассабыык, чуукур хомуньуус буолан тахсыбыттар.

Ол курдук, Муся Потапова Дьокуускайга кыргыттар гимназияларыгар үөрэнэ сылдьан Емельян Ярославскай тэрийбит бассабыыктар куруһуоктарыгар киирбит. Ол куруһуокка сылдьан учуутал семинариятыгар үөрэнэр Максим Кирович Аммосовы кытары билсибит. Эдэр дьонсыыйа чугасаһан, этэргэ дылы, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн таптал уотун күөдьүппүттэр. Сыыйа иэйиилэрэ күүһүрэн, алаһа уоту оттор, ыал буолар айылгылара тирээн кэлбитигэр, Муся, оччолорго 18-таах кыыс, саха былыр да, аны даҕанытутуһарсиэринэн, дьоммун кытары билсэн көҥүллэ, алгыста ыл диэбитэ саарбаҕа суох.Кинилэр иккиэн даҕаны сүрдээх сиэдэрэй, бэйэ-бэйэлэригэр наһаа барсар пааралар этилэр. Муся нарына-кэрэтэ, ис киирбэҕэ, өйө-санаата ырааһа сахаҕа дэҥҥэ көстөр кыыс этэ, оттон Махсыым, былыргылар этэллэринии, таҥара чүмэчитинии, Мусяттан итэҕэһэ суох кыраһыабай, чахчы кыыс кэрэ уолан этэ. Максим Кирович, бэрт эдэриттэн хорсун санаалаах, сорунуулаах, быһаарыныылаах ыччат буолан,тапталлааҕын аҕатын чыыныттан-хааныттан, баайыттан-дуолуттан толлубакка Үөһээ Бүлүүгэ аттаммыт.Батаакап баай кыыһын доҕорун үөрэ-көтө көрсүбүтэ саарбах.
Кини эттиин-хаанныын, өйдүүн-санаалыын олоххо-дьаһахха былыргылыы өйдөбүллээх буолан, кыыһын билсиилээҕин кыайан сыаналаабатах, ыал буолалларыгар сөбүлэҥин биэрбэтэх. Кини өйдөбүлүнэн, былааһы утары сылдьар күтүөт олоҕо түөрэккэй буолара саарбаҕа суох, аны төрүкү дьадаҥы уолчаан баай-тот олоххо иитиллибит кини кыыһыгар сэниэ-дэлэй олоҕу хааччыйбата көстөн турар. Онон, биһиги дьоммут олохторугар даҕаны эҥин бэйэлээх араас омук да, нуучча-саха даҕаны суруйааччылара, бэйиэттэрэ төрөппүттэр тапталлаах оҕолорун дьылҕаларыгар орооһоллорун туһунан хоһуйбут айымньыларыгар баар көстүү хатыламмыт диирбитигэр тиийэбит.
Максим Аммосов ити Үөһээ Бүлүүгэ кэлэ сылдьыытын туһунан аһаҕас кэпсээн суоҕун кэриэтэ. Ол үгүс биричиинэлэрдээх. Биир курдук, Максим Кирович норуот өстөөҕүнэн биллэриллибит кэмигэр, кинини кытары чугастыы сибээс биллэрэ наһаа кутталлааҕын ким даҕаны мэлдьэһиэ суоҕа. Атын өттүттэн көрөр буоллахха, 1956 сыллаахха кини үтүө аата чөлүгэр түһэриллибитин кэнниттэн, ити табыллыбатах кэргэн кэпсэтиитэ кини аптарытыатыгар күлүк түһэрии курдук көстүө этэ
Оттон биһиги, үөһээ бүлүүлэр даҕаны, өҥнөрбүт эмиэ суох курдук: ама, Максим Кирович курдук улуукан киһини сирэн ыыппыппыт диэн кэпсээн оҥосто сылдьыахпыт баара дуо. Онон, үгүс хос саҥата-иҥэтэ суох, икки өттүттэн бүтэйдии сөбүлэһэн курдук, Максим Аммосов Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн барыыта киэҥник ахтыллыбат да, кэпсэммэт даҕаны.
Билигин 1917 сыллааҕы хаартыскаҕа төннүөҕүҥ.
Хааартыска хаста эмэтэ куоппуйаламмыт буолан хаачыстыбата соччото суох, ол эрэн, түспүт дьону күлүктэрин омоонуттан кимнээҕин билиэххэ сөп. Хаартыскаҕа дьон кэтэҕэр көстөр истиэнэ маһыттан сылыктаатахха, баай Батаакап ампаарын ойоҕоһугар түспүттэр. Бастакы эрээккэ хаҥастан бастакы Муся Потапова бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Ксения Георгиевна олорор, иккис – С.Н. Жирков, үһүс Муся бэйэтэ олорор. Онтон иккис эрээккэ хаҥастан бастакы Афанасий Тобоохоп диэн уруккута Үөдүгэй нэһилиэгин кинээһэ түһүспүт, киниттэн иккисМуся убайа, Үөһээ Бүлүү түөрт кылаастаах оскуолатын учуутала Капитон Георгиевич Потапов олорор, үһүс Муся үрдүнэн Максим Кирович олороро көстөр
Муся Потапова (1900-1980) бэрт эриирдээх-мускуурдаах, баай ис хоһоонноох олоҕу олорбута: саҥа сэбиэскэй былааһы саа-саадах тутан көмүскэспитэ, дойдуга саҥа социализм тутулун бөҕөргөтүүгэ кырата суох сирэй кылаатын киллэрбитэ, олохтон туоруор диэри ыччаты Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин тыыныгар иитиигэ туох баар сыратын-сылбатын ууран үлэлээбитэ. Кини Максим Кировиһы кытары Саха сириттэн арахсыар диэри (1928 с.), истиҥ, табаарыстыы сыһыанын быспатаҕа.
Муся Потапова (Габышева) лаппа сааһырыар диэри Москуба куоракка олорбута. Өйдөөх эмээхсин барахсан бэйэтин хоруобун төрөөбүт буоругар кистииргэ кэриэс тылын эппитэ туолбута. Билигин киниэхэКуорамыкы Чардаанын соҕуруу тумулугар тутуллубут өйдөбүнньүгү аныгы көлүөнэ дьон сэргии көрөн ааһар.
Түмүктээн эттэххэ, Максим Кирович сүүс биэс сыл анараа өттүгэрКуорамыкыга кэлэ сылдьыытын дьиҥнээх сыала-соруга кини санаатын хоту табыллан хаалбыта эбитэ буоллар, күн бүгүн биһиги, үөһээ бүлүүлэр, өрөспүүбүлүкэни араас сылларга салайбыт, билигин даҕаны салайа сылдьар төрүт-уус бэйэбит дьоммутун, уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэллэрбитин сэргэ, Уоһук Ыстаалын курдук Улуу Сирдьит илиититтэнтөрөөбүт Сахатын сиригэр аптаныамыйаны ыһыгыннарбыт, Дьокуускай Намыгар төрөөбүт чахчыта да чаҕылхай ыччаты күндү күтүөппүт этэ диэн дорҕоонноохтук ааттыы, сокуоннайдык киэн тутта сылдьыахпыт хааллаҕа.
Бүөтүр Одорууһап,
85 саастаах РФКП бэтэрээнэ,
Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Үөдүгэй, Кэнтик
нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо
Дьокуускай к., олунньу 15 күнэ, 2022 сыл
Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ үүнүү-сайдыы суолунан /[хомуйан оҥордо Г. А. Степанов].- Дьокуускай: Дани-Алмас, 2022.- С. 28-30