Миронов Алексей Афанасьевич

Аҕа дойду сэриитигэр Үөһээ Бүлүүттэн тыһыынчанан буойуннар сэриилэспиттэрэ. Олор истэриттэн Советскай Союз Геройа Алексей Афанасьевич Миронов буолбута.

Хос эһэтэ Харчаа Уйбаан, эһэтэ Сэргэй Уйбаныап Батастаахха, Кутуйах Кулуһуннааҕар олорон тимири уһаммыт уустар этилэр. Аҕата Дьагдьы Дьөгүөр аатырбыт мас ууһа, ийэтэ Аппырысыанньа туос иһити оҥоруунан, ат сөрүөтүн, кыл көнтөстөрү, ыҥыыр буутайын оҥорорунан биллэрэ. Дьөгүөр уонна Аппырысыанньа ыал буолан Өлөксөй диэн уол оҕоломмуттара.

А.А.Миронов бойобуой сырыыларын туһунан журналист В.М.Сомов элбэх матырыйааллары хомуйан “По велению сердца” /Дьокуускай.1974.41-59 стр./ диэн кинигэтигэр сиһилии сырдаппыта. А.А.Миронов 1941 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Сэриигэ барарыгар Өлөксөй 29 сааһа саҥа туолбута. Кэргэнэ Варвара 28 саастааҕа. Балта Лариса 12 саастааҕа, уола Вася 9 саастааҕа, кыыһа Луиза 4, кыра кыыһа Зина 3 саастаахтара.

Москва аттынааҕы кыырыктаах кыргыһыы бара турдаҕына Смоленскай уобалас сиригэр Рожково дэриэбинэ таһыгар 1942 сыл олунньу 1 күнүгэр тиийбиттэрэ. Онно кини Арҕааҥы фронт 33 армиятын 110-с дивизиятын 1291-с полкатын 1-гы стрелковай батальонун сатыы разведкатын взводун кыһыл армееһынан буолбута.

Наһаа тымныы кыһын буолбута. Бу бириэмэҕэ Москва аттыгар тымныы 30-35 кыраадыска тиийэрэ. Саха саллааттара, биһиги 50-60 кыраадыстаах тымныытыгар үөскээбит дьон, улахан тулуурдаахтарын көрдөрөллөрө. Полковой батарея комиссара Павел Петрович Пшеничнай саха саллааттарын истиҥник көрсүбүтэ.

Рожково дэриэбинэ таһыгар түүн саҥа кэлбит рота кыырыктаах кыргыһыыга киирэн икки дэриэбинэни босхолоон  бастакы сүрэхтэниини ааспыта. Өлөксөйдөөх взводтарыгар бэрт аҕыйах буолан хаалбыттара. Кулун тутар 14 күнүгэр дивизия чаастара Тулузово диэн нэһилиэнньэлээх пууну ылбыттара. Дивизия снайпердары бэлэмнээһиҥҥэ туруммута. Комиссар П.П.Пшеничнай снайперскай бөлөх командирыгар А.Мироновы-снайпер буолуон баҕалаах саллааты-булан биэрбитэ. 1942 сыл муус устар 26 күнүттэн ыла снайпер буолан „бултуу“ хаампытынан барбыта.

Арай биир сарсыарда эрдэ Өлөксөйү туох эрэ хонноҕор анньарын курдук буолбутугар, окуопаҕа нуктуу сытан уһуктан кэллэ. Окуопатыттан өндөйөн хонууну өр одууласта. Арай үөһэ ойуур саҕатынан хас да хара точка көһүннэ, утаакы буолбата: „Воздух!“-диэн хаһыы иһилиннэ. Өр-өтөр буолбата, өстөөх самолеттара буомба быраҕаттыы-быраҕаттыы пулеметунан ытыалаатылар. Биир самолет Өлөксөй окуопатын үрдүнэн сүүсчэкэ миэтэрэнэн умса халаахтаат өрө ханарыйан эрэригэр летчик көхсө, кэтэҕэ көстөн кэллэ, онно кыҥаат аргыый сыыйа чыыбыһын төлө тарта. Бомбардировщик умса хойуостанаат сиргэ саалынна! Табаарыстара: „Летчик табыллыбыт-табыллыбыт! Миронов самолету суулларда!“,-диэн хаһыытаһа түстүлэр. Оборонаҕа сытан наар снайпердары үксүн бултаһаллара.

1942 сыл муус устарга бастакы „бултуйуута“ буолбута. Окуопатыгар хамсаабакка сытан сарсыардааҥы туман быыһынан одуулаһа сыппыта. Үс сүүс миэтэрэ ыраах сиргэ немецтэр харабылларын окуопатын бэлиэтии көрбүттээх, ону манаһар. Сотору икки фашист сэрэнэ-сэрэнэ окуопаттан таҕыстылар да бөкчөйөн баран ойуур диэки сырыстылар. Өлөксөй саата икки төгүл ньиргийдэ да өстөөхтөр инчэҕэй буору уоба түстүлэр. Дьэ ити күнтэн саҕалаан өлөрбүт өстөөхтөрүн ахсаана эбиллэн испитэ. 1942 сыл ыам ыйын 22 күнүгэр биир дойдулааҕа Гуляевы кытары 33-с армия снайпердарын совещаниетыгар сылдьыбыта. „За боевые заслуги“ медалынан  уонна аата суруллубут чаһыынан наҕараадаламмыта, сержант званиетын ылбыта.

1942 сыл от ыйын саҥатыгар А.Миронов дьонугар командование аатыттан махтал сурук кэлбитэ. Үөрүүлээх сурук сонуна оройуонун иһигэр түргэнник тарҕаммыта. Снайпербыт өссө атын снайпердары иитэлиир инструктор буолбут.

Арай биирдэ, үөрэппит снайпердарынаан рота уҥа флангатын иннигэр киирэн окуопаҕа сыппыттара. „Биһиги дьоммут атаакаҕа киирэллэригэр фашистар уот астылар. Артиллерийскай күргүөмнээх ытыы кэнниттэн биһиэннэрэ атаакаҕа киирбиттэрэ.

— Ол бөлкөй талах уҥа өттүнээҕи фашиһы сыалгар ыл, оттон мин ол унтеры дьаһайыам,-диэн Өлөксөй табаарыһыгар хамаандалаата. Саалар иккиэн тыаһааттарын кытта пулемет уотунан саба тибиирдэ сыппыт фашистар хам барбыттара. Бу киирсиигэ А.Миронов биэс өстөөҕү өлөрбүтэ. Ол кыргыһыыга кини үөрэппит снайпердарынаан 65 немеһи суох оҥорторо. 1943 сыл тохсунньу 23 күнүгэр „Кыһыл Сулус“ орденынан наҕараадаламмыта. А.Миронов хорсун сырыыларын туһунан фроннааҕы хаһыаттарга тахсан барбыттара. Фашистар разведкалара саха снайпера ханна баарын, кини ытар буочарын билбиттэрэ, кинини бултаһыы саҕаламмыта. Арай биирдэ, немецтэр А.Мироновы утары „Ганс-гроссмейстер“ диэн, уон икки наҕараадалаах, хас да улахан титуллаах аатырбыт-суолурбут снайпердарын аҕалбыттара. Ону армия разведката билэ охсубута. Өлөксөй хайдах өстөөҕү албыннаан, угаайыга киллэриэн туһунан үс күнү мэлдьи толкуйдаабыта. Сиэркилэ тоһоҕоһун ылан, талаҕы хайытан, онно кыбытан баайбыт. Талаҕын ортотугар синньигэс быа баайан баран тэйиччи үүнэн турар бөлкөй талахха сыылан тиийэн туруору анньан иҥиннэрбит. Аргыый аҕай төттөрү кэлэн быаны тардыалаан сиэркилэтин хамсаппыт. Сиэркилэ күн уотун тэйитэн чаҕылыҥнаабыт. Сонно саа тыаһаатын кытта сиэркилэ үлтү ыстанан ыһылла түспүт. Бэлэм турбут Неуспеков телогрейканы көтөҕөн таһааран иһэн эмискэ аллара ньимис гыннарбыт.Өстөөх аатырбыт снайпера советскай снайперы өлөрбүтүн итэҕэйэн, астынан, саһа сытар амбразуратын кыратык сэгэппитэ. Сонно тута снайпер Миронов бэргэн буулдьата „Ганс-гроссмейстер“ сүүһүн тобулу үүттээбитэ.

Саха ньургун уола Арҕаа фроҥҥа киэҥник биллибитэ. Дивизия „За Родину“ хаһыатыгар кини хорсун сырыылара суруллаллара. 1943 с. бэс ыйын 23 күнүгэр Советскай Союз Геройун аатын иҥэрэргэ полк командирын аатыттан докумуон түһэриллибитэ. Наҕараадалыыр лиискэ Ермолинка дэриэбинэ таһыгар ити геройдуу сэриилэһиитэ суруллубут этэ. Ол гынан баран, Өлөксөйгө Герой аатын иҥэрбэтэхтэрэ- Аҕа Дойдуну көмүскүүр сэрии 1-гы степеннээх орденынан наҕараадалаабыттара.

Элбэх бэлэмнэнии кэнниттэн кыырыктаах Орловскай-Курскай кыргыһыы саҕаламмыта. Онно атаҕар таптаран өйө суох сыттаҕына табаарыстара булан быыһаабыттара. 1945 сыл тохсунньутугар 202-с гвардейскай стрелковай полк полковнига Черников А.А.Мироновы взвод командирынан аныыр. Дивизия Венгрия сирин босхолооһуҥҥа сэриилэспитэ. Нэмэшкэрэстур дэриэбинэни босхолуур сэрии саҕаламмыта.

Ытыалаһыы тохтообутун кэннэ дэриэбинэ бааһынайдара таас дьиэттэн чугас сытар ыараханнык бааһырбыт, элбэх бойобуой наҕараадалардаах Кыһыл Армия сержанын булбуттара. Дьиэ аттыгар уонунан ааҕыллар фашистар өлөн тэлгэнэ сыталлара. Балыыһаҕа илдьэн врач эппэрээсийэлээбитин кэнниттэн биһиги албан ааттаах Уолбут Алексей Миронов сыччах балтараа чаас кэриҥэ тыыннаах сыппыта. Олохтоох мадьярдар А.А.Мироновы бэйэлэрин национальнай геройдарынан ааҕаллар. Мироновы икки советскай саллаат көмпүттэр, онно кэргэнниилэр Каламэн уонна Бачан Иштванэ көмөлөспүттэр.

Советскай Союз Геройа Алексей Афанасьевич Миронов сэрии бүтэн Улуу Кыайыы күнэ буолуо баара-суоҕа 39 хонук иннинэ геройдуу охсуһа сылдьан сырдык тыына хомолтолоохтук быстыбыта.

(„ Чап уустара“ музей матырыйаалыттан).

Саха хорсун буойунугар А. А. Мироновка 1990 с. ыам ыйын 5 к. ССРС Президенин Ыйааҕынан немецкэй-фашистскай халабырдьаттары утары 1941-1945 сс. охсуһууга геройдуу быһыытын иһин Советскай Союз Геройун үрдүк аата иҥэриллибитэ. Ленин орденын уонна герой Кыһыл Көмүс Сулуһун кыыһыгар Луиза Алексеевна Мироноваҕа туттарбыттара (“Сахаада” хаһыат, 1997 с., ыам ыйын 8 к.).