МКУ "ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА"

«ТОБУРУОКАП КӨМҮС КҮҺҮНЭ» хоһоон көҥүл түһүлгэтигэр ыҥырабыт

Көмүс күһүн эгэлгэ өҥүнэн киэргэнэн, айылҕабыт тула өттүттэн тупсан турар кэмигэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр балаҕан ыйын 6-7 күннэригэр, норуот бэйиэтэ П.Н. Тобуруокап түмэл уһаайбатыгар, VIIl-с өрөспүүбүлүкэтээҕи «ТОБУРУОКАП КӨМҮС КҮҺҮНЭ» хоһоон көҥүл түһүлгэтигэр ыҥырабыт.

Тобуруокап көмүс күһүнүгэр Өрөспүүбүлүкэ 14 улууһуттан айар куттаахтар ону сэргэ
саха народнай суруйааччыта, тележурналист, поэт, прозаик Наталья Михалева Сайа, “Күрүлгэн” литературнай альманах бас редактора, прозаик, литературнай критик Афанасий Гуринов-Арчылан, биллиилээх поэттар Саргылана Гольдерова – Саргы
Куо, Михаил Санников, Уххан онтон да атыттар ыалдьыттыахтара

Кэлиҥ, сэргээҥ!
Кэрэ эйгэҕэ кыттыһыҥ!