Алтынньы ый саҕаланыаҕыттан киин бибилэтиэкэҕэ Аҕам саастаахтар декада чэрчитинэн «Сүрэх, илии сылааһынан…» быыстапка турда. Онтон бэҕэһээ «Гиипсэттэн кэрэ оҥоһук» маастар кылаас ыытылынна. Кэлбит дьон төгүрүк остуол тула олорон оҥоһук арааһын оҥордулар, бэйэ-бэйэлэрин кытта көрсөн дуоһуйа кэпсэттилэр. Күннээҕи олохторун өссө биир умнуллубат түгэнинэн киэргэттилэр. Хас биирдии кэлбит ыалдьыт бэйэ илиитинэн оҥорбут оҥоһугун үөрэ-көтө илдьэ бардылар. Бу оҥоһуктара дьиэлэрин биир бастыҥ киэргэлэ буолара саарбахтаммат.



