Главная / Библионовости / «Дьиэ кэргэним-көмүс биһигим»

«Дьиэ кэргэним-көмүс биһигим»

Бүгүн О.Д.Федорова аатынан киин бибилэтиэкэҕэ Саха сирин Ийэлэрин күнүн көрсө «Дьиэ кэргэним-көмүс биһигим» диэн билиҥҥи кэмҥэ олус туһалаах тиэмэҕэ Үөһээ Бүлүүтээҕи И.И.Седалищев аатынан оҕо дьиэтин педагог-психолога Альбина Николаевна Тюкянованы кытта көрсүһүү буолла.
Бүгүҥҥү кэпсэтиигэ 4 сүрүн боппуруос турда: оҕо иитиитэ, ийэ уонна аҕа сыһыана, төрөппүтү холобур оҥостуу, ыал аҕатын өрө тутуу.
Маны тэҥэ бу күн психологы кытта сирэй көрсөн кэпсэтэн, сүбэ-ама ыллылар.
Тэрээһин чэрчитинэн ийэлэргэ уйулҕа трениҥэ ыытылынна.
Күн күбэй ийэлэр олус туһалаах көрсүһүүгэ кэлэн, санаалыын чэпчээн сэргэхсийэн тарҕастылар.