Главная / Библионовости / Биһиги – биирбит!

Биһиги – биирбит!

Сыл аайы алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 13 күнүгэр диэри Үрүҥ торуоска аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн Көрбөттөр аан дойдутааҕы федерацияларын көҕүлээһининэн 1970 сыллаахха олохсуйбута. Манна Арассыыйатааҕы уопсастыба 1987 сылтан кыттыспыта. Үрүҥ торуоска күнүн сүрүн соругунан хараҕа суохтар уонна мөлтөхтүк көрөр дьоҥҥо уопсастыба болҕомтотун тардыы уонна тулуурдаах сыһыаны олохтооһун буолар. Бу декада чэрчитинэн Үөһээ Бүлүүтээҕи киин бибилэтиэкэҕэ элбэх тэрээһин ыытыллар. Ол иһигэр бүгүн «Мир един» диэн акцияҕа кыттыһан оскуола үөрэнээччилэригэр анаан медио-уруок буолла. Оҕолор көрбөт дьон кинигэлэрин, Брайль систиэмэтинэн оҥоһуллубут буукубалары, аудио кинигэлэрин билсистилэр. Маны тэҥэ тифлокомментарийдаах «Снайпер Саха» уонна «Аанчык» уус-уран киинэлэри быһа тардан көрдүлэр.