Бүгүн улуустааҕы киин бибилэтиэкэ дьиэтигэр Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, 10 оҕо тапталлаах аҕата, элбэх сиэн, хос сиэн эһээтэ, айар куттаах Николай Яковлевич Семенов «Олох дьикти, олох уустук» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ ыытылынна. Кинигэни кыыһа СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, РФ үлэ бэтэрээнэ Галина Николаевна Семенова хомуйан оҥордо, «Дани-Алмас» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэҕэ Николай Яковлевич олоҕун, үлэтин-хамнаһын уонна дьиэ кэргэнин туһунан ахтыылар, эрдэ хаһан да киэҥ эйгэҕэ тахсыбатах ураты иһирэх тыыннаах хоһоонноро киирдилэр.
Дьоро күҥҥэ Николай Яковлевич оҕолоро, аймахтара, бииргэ үлэлээбит дьоно муһуннулар. Манна кэлбит хас биирдии киһи Николай Яковлевиһы ис сүрэхтэриттэн истиҥник, иһирэхтик, сылаас тылларынан аҕыннылар. Аҕалара суруйан хаалларбыт ахтыыларын, хоһооннорун бэчээккэ таһааран дьоһун бэлэҕи оҥордулар.




















































