Главная / Библионовости / Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ – Биһирэм тыл күнэ бэлиэтэннэ

Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ – Биһирэм тыл күнэ бэлиэтэннэ

Төрөөбүт иҋэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ – бу күн Үөһээ Бүлүү улууһугар «БИҺИРЭМ ТЫЛ КҮНЭ» бэлиэтэннэ.
Сэтинньи 6 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар олохтоммут “Биһирэм тыл күнэ” төрдүс сылын ыытыллар. Ханыы күн дьаһалта мунньахтыыр саалатыгар улуус тэрилтэлэрин салайааччыларын нэдиэлэтээҕи үлэлэрин торумнуур сүбэ мунньахтара “Дапсы дьыктаанын” суруйууттан саҕаланна. Манна 34 араас эйгэҕэ үлэлиир тэрилтэ салайааччылара, улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ суруйдулар.
Дьыктаан тиэкиһэ Үөрэхтээһин билимин кандидата, профессор Галина Попова-Санаайа “Ис хоһоон” диэн төрүт култуураны үөрэтэр кинигэтиттэн ылылынна. Дьыктаан тиэкиһин М.А. Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала М. Н. Анисимова суруттарда.
Сэтинньи 6 күнүгэр күнүс 3 чаастан киин билиитиэкэ ааҕар саалатыгар ыытыллыбыт Дапсы дьыктаанын 32 киһи суруйда. Дьыктааҥҥа техникум курсаннара, Д.С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия үөрэнээччилэрэ, араас эйгэҕэ үлэлиир дьоннор кытыннылар. Дьыктаан тиэкиһин 1 нүөмэрдээх И.Барахов аатынан орто оскуола алын сүһүөх учуутала В.П. Николаева суруттарда. Мэхээлэ Бөтүрүөбүс киэҥ ис хоһоонноох дьиэтээҕи билиитиэкэтиттэн таҥан оҥоһуллубут “Эрэнэбин Ийэ тылым уостубат уоҕугар” сэдэх кинигэлэр быыстапкаларын кыраайы үөрэтэр отдел сэбиэдиссэйэ Г.А. Егорова билиһиннэрдэ. Дьыктаан суруйбут бастыҥ суруксукка “Добун сурук”, “Дапсы дьыктаана” бэлиэлээх уруучука, кыттыбыттарга “Туоһу сурук” туттарылынна.
Улуус үрдүнэн тыа нэһилиэктэригэр барыта 21 былаһаакканан “Дапсы дьыктаанын” суруйдулар. Дьыктаан суруйуутугар учууталлар, үөрэнээччилэр, тэрилтэ салайааччылара, араас эйгэҕэ үлэлиир үлэһиттэр, биэнсийэлээхтэр, орто саастаахтар кытыннылар. Нэһилиэктэргэ 195 киһи суруйда. Улуус үрдүнэн барыта 261 киһи бүттүүн бары биир дьыктааны суруйууга көхтөөхтүк кытыннылар. Дьыктааны “Туйгун” сыанаҕа 78, “Үчүгэй” сыанаҕа 114 киһи суруйдулар. Бу күн Үөдүгэйдээҕи модельнай библиотекаҕа улуустааҕы Ийэ тыл сүбэтин тэрээһининэн төрөөбүт ийэ тылбыт тирээн турар кыһалҕаларын тула кэпсэтии ыытылынна уонна олунньутааҕы сугулааны (2025) тэрийии боппуруостарын көрдүлэр.
Дапсы төрөөбүт күнүн көрсө биир дойдулаахтара, Сургуулуктар, кини төрөөбүт алааһыгар, Улахан Киһилээх күөлүгэр “Дапсы муҥхатын” тэрийдилэр. Дапсы төрөөбүт алааһа көмүс хатырыктааҕынан көбүччү күндүлээн үөрүүлэрин үксэттэ. Дапсы Мэхээлэҕэ төрөөбүт алааһын соботун кэһии ыыттылар. “Дапсы муҥхатын” видеоҕа устан киинэ-сюжет оҥорон үйэтитэн тарҕаттылар. Боотулуу дьоно – сэргэтэ ытыктыыр киһилэригэр Мэхээлэ Бөтүрүөбүскэ дойдутун аһын амсайарыгар мас көтөрө, сылгы этэ, үрүҥ ас күбүөр, арыы оруобуна төрөөбүт күнүгэр илдьэн туттардылар.
Ийэ тылбытын сүтэримиэҕиҥ, сахалыы ыраастык саҥарыаҕыҥ. Саха тылын кэскилин туруулаһарга бары турунуоҕуҥ! Саха буолан сандаарыаҕыҥ!