Бүгүн улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ Бүтүн Арассыыйатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы «Улахан этнографическай дьыктаан» аахсыйа тохсус төгүлүн ыытылынна. Билии таһымын тургутар дьыктааҥҥа уопсайа 50 нэһилиэк олохтоохторо уонна оскуола үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Дьыктааҥҥа 45 мүнүүтэ бэрилиннэ. Дойду устуоруйатын кытта сибээстээх ыйытыктарга холкутук эппиэттээтилэр. Кэлбит кыттааччылар туоһу сурук тутан бардылар. Онтон дьыктаан түмүгүн бибилэтиэкэҕэ кэлэн билсиэхтэрин сөп.





