Улууспутугар “Оптуорунньук – доруобуйа күнэ” биллэриллибитэ. Бу бырайыак чэрчитинэн киин бибилэтиэкэҕэ өйдүүн-санаалыын, дууһалыын чэпчиир сынньалаҥ хоһо үлэлиирин биллэрэбит. Манна эһигини чэй арааһа, кыыдааннаах кыһыҥҥы кэмҥэ дууһаны сылытар музыка, ис турук, уйулҕа араас дэгэтин хамсатар, долгутар кинигэ арааһа күүтэр.
Түбүктээх үлэ кэмигэр бириэмэни сөпкө аттарынан сынньанан, уоскуйан ыларга анаммыт сынньалаҥ хос эһиэхэ эрэ анаан үлэлиир.
Чэгиэн туруктаах, дьол аргыстаах сылдьыҥ!
