Главная / Библионовости / Михаил Ефимович Николаевы киин бибилэтиэкэҕэ ахтан аастыбыт

Михаил Ефимович Николаевы киин бибилэтиэкэҕэ ахтан аастыбыт

Сэтинньи 13 күнүгэр, биһиги ытыктыыр бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнэ. Бүгүн киин бибилэтиэкэҕэ ытык киһибит туһунан үтүө тылынан ахтан-санаан аастыбыт. Ол курдук, «Тускул» оҕо киинин иһинэн үлэлиир «Тускул» оҕо прессатын уонна «Саҥа Стэп» холбоһук үөрэнээччилэрэ кэлэн Михаил Ефимовичка анаммыт быыстапканы уонна улуу киһибит өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут сайдыытыгар үлэлээн, айан-тутан ааспыт дьоһун олоҕун, саха норуотун дьылҕатын, историятын туһунан кэпсэнэр киинэ көрдүлэр. Кэнчээри ыччат маннык улуу киһи олорон, үйэлээҕи түстээн ааспытын билиэхтээх. Кини ыллыктаах этиилэрэ-ыйыылара салҕааччылардаах уонна өрүү да сыаналана туруоҕа.