Сахабыт сиригэр Олоҥхо дэкээдэтэ саҕаланна. Саха тыла, саха төрүт үгэһэ, аан дойдуга сүппэт албаһа – биһиги олоҥхобут буолар.
Бу күн 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО саха эпоһын киһи-аймах материальнайа суох шедеврин быһыытынан билиммитэ. Олоҥхо — Саха норуотун былыргы эпоһын ускуустубата, саха фольклорун тиһигэр киин миэстэни ылар. Бүгүн улуустааҕы О.Д.Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэ Олоҥхо дьыктаанын ыытта, уопсайа 30 киһи кэлэн суруйда. Дьыктааны икки сааланан Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия алын сүһүөх кылааһын учуутала Альбина Макаровна Алексеева уонна И.Н.Барахов аатынан №1 орто оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала Матрена Пантелеймоновна Андреева аахтылар. Түмүк ахсынньы ый 8 күнүгэр СӨ национальнай бибилэтиэкэ сайтыгар тахсыаҕа.






