Олоҥхо — саха уус-уран айымньыта. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит.
2005 с. сэтинньи 25 к. ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. 2006 сыл сэтинньи 15 к. СӨ бэрэсидьиэнин N 3036 Ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнэ быһыытынан биллэриллибитэ.
Бүтэй Бүлүүгэ олоҥхо уутуйан сайдыбыт биир түөлбэтинэн Үөһээ Бүлүү улууһа буолар. Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах олоҥхоһуттарынан Н.С. Александров-Ынта Никиитэ, Ф.Н. Тимофеев-Биэчэрэ, А.Т. Титаров, Ф.И. Суханов, И.Г. Иванов, Д.В. Кысылбаиков о.д.а. ааттарын ааттыахха сөп.
Улууспут олоҥхоһуттарын туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим сайтыгар киирэн көрүөххүтүн сөп.