Бүгүн улуустааҕы киин бибилэтиэкэ Доруобуйа күнүн чэрчитинэн олус туһалаах уонна интэриэһинэй аһаҕас кэпсэтии түһүлгэтин тэрийдэ. Манна киинэммит балыыһаттан гинеколог-быраас Долгунова Л.Т. улаатан эрэр кыыс оҕоҕо тус бэйэни көрүнүүгэ, кыыс оҕо организма уларыйыытын кэпсээтэ, онтон профилактика кабинетын сиэстирэтэ Алексеева С.Т. «Мин табаҕы, вейпы утарабын» диэн барыбытын долгутар тиэмэни арыйан сиһилии сырдатта.
Маны тэҥэ ахсынньы ый 9 күнүгэр коррупцияны утары охсуһуу күнэ буолан ааспыта. Бу күн иитинэн Аан дойдуга араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыбыттара. Онон түгэни туһанан коррупция туһунан бүгүн кэлбит оҕолорго муниципальнай сулууспа уонна коррупцияны утары үлэни ыытар управление салайааччыта Христофорова В.В. лиэксийэ аахта.
Олохпутун салҕааччы ыччат дьоммут чөл олоҕу тутуһан чэгиэн туруктаах буолалларын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммутугар махтанабыт. Туһалаах уонна кэскиллээх кэпсэтиигэ кыттыбыт дьоммутугар бары ситиһиилэри, доруобуйаны баҕарабыт!




