Главная / Библионовости / Арассыыйа эдэр гражданнарынан хаҥыы, сайда турдун!

Арассыыйа эдэр гражданнарынан хаҥыы, сайда турдун!

Бүгүн 14 саастарын туолбут оҕолорго РФ гражданина буолбуттарын туоһулуур олохторун сүрүн докумуонун – паспордары туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ бөһүөлэк баһылыгын солбуйааччыта Егор Владимирович Михайлов, оҕолорго, төрөппүттэргэ үтүө баҕа санаатын кытары бүгүҥҥү күн кинилэри элбэххэ эбээһинэстиирин бэлиэтээн эттэ. Маны тэҥэ улуустааҕы «Мин докуомуннарым» элбэх өҥөнү онорор киин салайааччыта Анегина Васильевна Малычехарова, Үөһээ Бүлүүтээҕи Миграционнай пуун специалиһа Туяра Вячеславовна Эппэхова бүгүҥҥү күнтэн ыла эһиги төрөөбүт дойдугутугар бэриниилээх буолар эппиэтинэһин сүктүгүт, үөрэниҥ, үлэлээҥ, үүнүҥ-сайдыҥ” диэн үтүө баҕа санааларын тиэртилэр.
Бүгүҥҥү бэлиэ тэрээһин оҕолорго умнуллубат, истиҥ өйдөбүлү хаалларан, уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ. Арассыыйа эдэр гражданнарынан хаҥыы, сайда турдун!