Главная / Библионовости / Доруобуйатынан хааччахтаах дьоҥҥо тустаах эйгэ олохтонор

Доруобуйатынан хааччахтаах дьоҥҥо тустаах эйгэ олохтонор

Үөһээ Бүлүү улууһугар инбэлииттэр декадаларын чэрчитинэн араас тэрээһиннэр бара тураллар. Бүгүн киин бибилэтиэкэ көҕүлээһининэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо ураты тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, киин балыыһа профилактика кэбиниэтин сиэстирэтэ Светлана Тимофеевна Алексеева сөпкө аһааһын уонна сөпкө тыыныы киһиэхэ туһатын туһунан сиһилии кэпсээтэ. Маны тэҥэ улуустааҕы социальнай киин педагога Надежда Николаевна Салашина саҥа дьыллааҕы илиинэн оҥоһук оҥоттордо. Уонна дьон бары кэрэхсээн, сэҥээрэн оҥорор гиипсэнэн оҥоһугу үөрэ-көтө оҥорон сүргэлэрин көтөхтүлэр.
Күндү дьоммутугар баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, дууһа кырдьара диэни билбэккэ уһун, дьоллоох олоҕу олороргутугар!