Главная / Библионовости / Сунтаарга Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах XII-с аһаҕас “Аман Өс” Бүлүү түбэтин куолуһуттарын күрэстэрэ

Сунтаарга Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах XII-с аһаҕас “Аман Өс” Бүлүү түбэтин куолуһуттарын күрэстэрэ

Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, Олоҥхо дойдута Сунтаарга Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах уран тыл маастара Афанасьев А.Н.- Сэһэн Өлөксөй сырдык кэриэһигэр XII-с аһаҕас «Аман Өс» Бүлүү түбэтин куолуһуттарын күрэстэрэ ыытылынна. Үөһээ Бүлүүттэн устар ууну сомоҕолуур, уу сахалыы уран тыллаах талыы хамаанда кыттан 2 миэстэни ылары ситистэ. Хамаандаҕа ирдэбил быһыытынан 1 тэрилтэ салайааччыта, 1 аҕам саастаах, 1 эдэр киһи уонна 1 оскуола оҕото киирэллэр. Ол курдук дойдубут аатыттан Николай Васильев-Харыйалаах уола, Дьулусхаан Баппаҕай, Игорь Сортолов- Муттуххай уола Сортол Боотур уонна Ю.Н. Прокопьев аатынан сургул 9 кылааһын үөрэнээччитэ Саша Васильева кытыннылар. Биирдиилээн куолуһуттарга Кыайыылаах үрдүк аатын сүгэн Игорь Сортолов Афанасьевтар дьиэ кэргэн анал бириистэрин ылла. Улууспут аатын, Ийэ тылларын истэригэр иҥэриммит сахалыы тыыннаах Үөһээ Бүлүүлэр ааттарын үрдүктүк ааттаппыт дьоммутугар махтанабыт, Уруй-Туску этэбит!