Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Норуот олорбут олоҕо, өйө-санаата, сиэрэ-туома тылыгар иҥэн сылдьар. Оҕо күн сирин көрүөҕүттэн тыл эйгэтигэр иитилиннэҕинэ эрэ төрөөбүт омугун кутун-сүрүн этигэр-хааныгар иҥэринэр, Ийэ тылын, бэйэтин омугун харыстыыр киһи буола улаатар.
Тыл – бүтүн норуот барҕа баайа, кэлэр кэскилэ. Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турарын туһугар бүгүн Ольга Дмитриевна Федорова аатынан киин бибилэтиэкэҕэ төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн иккис төгүлүн ыытыллар “Дорҕоонноохтук ааҕыы” күрэҕэр улуус оскуолалара күөн көрүстүлэр. Быйылгы күрэхпит Үөһээ Бүлүү оройуона (улууһа) төрүттэммитэ 90 сылыгар уонна Үөһээ Бүлүү бибилэтиэкэлэригэр Оҕо ааҕыытын сылыгар ананар.
Бүгүн 10 оскуолаттан 3-түү оҕолоох 11 хамаанда кэллэ, хамаандаҕа алын сүһүөх, орто сүһүөх, үрдүкү сүһүөх кылаастарыттан биирдии оҕо киирэр.










Бастакы түһүмэххэ кыайбыт хамаандалар түмүктүүр күрэххэ күөн көрүстүлэр, уһун тыҥааһыннаах киирсии кэннэ дьүүллүүр сүбэ үс бастыҥ хамаандалары биллэрдэ.
1 үрдэли ылла Мэйик орто оскуолатын хамаандата,
2 үрдэли ылла Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай оскуола,
3 үрдэли ылла Хоро орто оскуолатын иккис хамаандата.
Кыайыылаахтарга Добун суруктар уонна Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтата туруорбут харчынан бириистэрэ туттарылыннылар. Маны таһынан Балаҕаннаах сүрүн оскуолатын хамаандата улуустааҕы Ийэ тыл сүбэтин анал бирииһин ылла уонна хас биирдии хамаандаҕа киин библиотека кинигэ бэлэх уунна.
Эдэр көлүөнэни өйөөн, тэрээһин суолтатын өйдөөн күүс-көмө буолбут Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгар Максим Филиппович Силигияновка улахан махталбытын тиэрдэбит.