О. Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэҕэ толору астаах сандалы тула олорон олус истиҥ көрсүһүү, аһаҕас кэпсэтии буолла. Ол курдук, 60-70 сылларга Үөһээ Бүлүү улууһун уус-уран самодеятельноһын, култуура бэтэрээнэ, сахалыы көр-күлүү жанрын тарҕатааччы, артыыс, көрдөөх кэпсээнньит, биллэрээччи, тамада, спортсмен, булчут, өр кэмнэргэ култуура дьиэтин салайааччынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит Кирилл Сергеевич Петров төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтээн “Үөрүүнү тыллаан, үчүгэйи ыралаан” ахтыы күнүгэр биир дойдулаахтара, алтыһан ааспыт дьоно-сэргэтэ сэргэх сэһэргэһиигэ кыттыстылар. Кирилл Сергеевич ыллаан ааспыт ырыата иһилиннэ, олорон ааспыт олоҕуттан хаартыскалары көрдүлэр, хас биирдии кэлбит ыалдьыт алтыһан, үлэлээн ааспыт кэрэ кэмнэрин ахтан-санаан аастылар.

