
Дойду дьонунан сураҕырар, дьон дойдутунан аатырар. Хас биирдии киһиэхэ төрөөбүт-үөскээбит түөлбэтэ хаһан баҕарар сүрэҕэр чугас. Бүгүн олунньу 25 күнүгэр О. Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэҕэ “Олох кэрэ” бырайыак чэрчитинэн биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Домна Васильевна Уйгурованы «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа» улахан сыбаанньа иҥэриллибитинэн эҕэрдэ көрсүһүү буолла. Кэрэ киһибитин биир үөлээннээхтэрэ, саха тыйаатырын биллэр-көстөр артыыстара арыаллаан кэллилэр. Бу истиҥ көрсүһүүгэ “Үөһээ Бүлүү улууһа” муниципальнай оройуон баһылыга Валерий Валерьевич Николаев, Боотулуу нэһилиэгин баһылыга Петр Анатольевич Саввинов, Боотулуутааҕы норуодунай тыйаатыр артыыһа Василий Васильевич Лукич, Боотулуутааҕы култуура киинэ, улуустааҕы култуура уонна духуобунас департаменын салайааччыта Айталина Михайловна Мойтохонова, бииргэ төрөөбүттэрэ, оскуолаҕа үөрэммит оҕолоро, А.Д. Филиппов аатынан Хоротооҕу култуура тэрилтэтин салайааччыта Тамара Егоровна Семенова уонна уус-уран салайааччы Иван Вадимович Касьянов дьоро күҥҥэ кэлэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр, махтал тыллары эттилэр, өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар. Маны тэҥэ Домна Васильевнаҕа Боотулуу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо аат иҥэрилиннэ. Истиҥ көрсүһүүгэ Домна Васильевна оҕо сааһа ааспыт Көтөрдөөҕүн ахтан-санаан, уйадыйан ылла. Ити курдук, истиҥ көрсүһүү артыыс төрөөбүт дойдутугар бэрт сэргэхтик, истиҥник буолла.
Кэрэ киһибит көрсүһүүттэн астынан, үөрэн-көтөн, тэрийээччилэргэ махтанан, хаартыскаҕа түһэн үйэтитэн тарҕастылар.
Киэн туттар ытык дьоммут үтүө сайаҕас майгылара, киһиэхэ кэрэни эрэ түстүүр улахан дьоҕурдара үйэттэн-үйэҕэ салҕанан бара турдун!




