Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну араҥаччылааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларынан, Үөһээ Бүлүү оройуона төрүттэммитэ 90 сыллаах үбүлүөйүнэн, бэйиэт, тылбаасчыт, саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Семен Титович Руфов аатыгар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «УРУУКАП ЧАҔЫЛ СААСКЫТА» тэрээһин чэрчитинэн регионнааҕы «Күн көмүс көлөһөтө» хоһоон айааччыларын күрэҕин балаһыанньата.
Ыытыллар болдьоҕо: Муус устар ый 4 күнэ, 2025 сыл.
Тэрийээччилэр: Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотека, «Үөһээ Бүлүү» олохтоох хаһыат редакцията, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөһээ Бүлүү улууһун “ААХ” (“читай”) библиотека уопсастыбатын автономнай кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэтэ.
Ыытыллар миэстэтэ: Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотека.
Регистрация:
Күрэх сыала-соруга:
- Сахалыы хоһоон суруйар идэлээх дьону көҕүлээн, айар эйгэҕэ саҥа ааттары арыйыы, айар дьоҕуру сайыннарыы;
- Саха омук ийэ тылынан уран суругар дьон болҕомтотун тардыы, төрөөбүт тылга умсулҕаны уһугуннарыы.
- Кэлэктиибинэн үлэни көҕүлээһин.
Күрэх ирдэбилэ:
БАСТАКЫ КҮРЭХ «Театрализованнай дьүһүйүү». (Саха поэттарын айымньыларынан уус-уран ааҕыы)
Күрэххэ кытталлар:
- Оскуола оҕолоро (6-11 кылаас үөрэнээччилэрэ).
- Улахан дьон.
Дьүһүйүү уһуна 10 мүнүүтэ, кэлэктиип састааба 5 киһиттэн аҕыйыа суохтаах, нойосуус ааҕыы ирдэнэр.
Сыаналааһын көрүҥэ:
Дьүүллүүр сүбэ сценическэй көстүүмү, дорҕоонноохтук ааҕыыны, ис
хоһоонун тиэрдиитин, айымньы туруоруутун, кыттааччы маастарыстыбатын, доҕуһуолун хаачыстыбатын сыаналыыр.
ИККИС КҮРЭХ «Хоһоон айааччылар күөн күрэстэрэ».
(Ааптар 4 көрүҥүнэн кыттар: дойдуга бэриниилээх буолуу, төрөөбүт дойдуга таптал, айылҕа, олох)
Күрэххэ кытталлар:
Оскуола оҕолоро (6-11 кылаастар)
Ыччат (18-35 саастарыгар диэри).
Ааптар айымньытын дьүүллүүр сүбэҕэ эрдэ туттарара ирдэнэр. (Аата, араспаанньата, олорор сирэ, оскуолата, кылааһа, салайааччыта, толору суруллар.)
Сыаналааһын көрүҥэ:
Айымньы ис хоһоонун тиэрдиитэ, хоһоонун тутула, тылын дьүөрэлэһиитэ, уус-уран тылын баайа сыаналанар;
Күрэххэ кыттыы иһин төлөбүр:
– Кэлэктииптэн 1000 солк,
– Биирдиилээн хоһоон айааччылартан 250 солк.
Күрэх түмүгүн таһаарыы.
Хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук бэриллэр. Түһүмэх аайы I, II, III миэстэ уонна кылаан чыпчаал туттарыллар.
Сайаапканы кулун тутар ый 31 күнүгэр диэри vvlib@mail.ru тутабыт.
Сиһилии билсэр нүөмэрдэргит 89142975593, 89142312353.