Главная / Библионовости / Өксөкүлээх сардаҥата

Өксөкүлээх сардаҥата

Кулун тутар 16 күнүгэр – саха омук үөрэхтэниитигэр сүдү кылааттаах, саха литэрэтиирэтин төрүттээччи, сырдатааччы, төрөөбүт тылын, норуотун устуоруйатын уонна култууратын чинчийээччи, норуот фольклорун утумнаахтык хомуйааччы, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнүн бэлиэтиибит. 

2022 сыллаахха СӨ Бэрэсидьиэнин оскуолаларын ситимэ уонна Николаев-Киин көҕүлээһиннэринэн, “тыыннаах” чүмэчини уматыы “Өксөкүлээх сардаҥата” диэн аахсыйа олохтоммута. 

Бүгүн, кулун тутар 15 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнүн көрсө куйаар ситиминэн Саха сирин араас муннуктарыттан холбоһон Өксөкүлээх сардаҥатын сыдьаайыттыбыт. 

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин оскуолаларын үөрэнээччилэрэ бу акция чэрчитинэн “Путь в вечность” тэттик киинэни сэргии көрдүлэр, киин библиотека ааҕар саалатыгар 

“Өксөкүлээх сардаҥата сандаара турдун!” диэн кинигэ быыстапката ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылла. 

Сүдү киһибитин үйэтитэр улахан акцияҕа сылын аайы кыттыһыах диэн ыҥырабыт!

#Өксөкүлээх_сардаҥата

#Свет_Кулаковского