Главная / Библионовости / УРУУКАП ЧАҔЫЛ СААСКЫТА – 2025 регионнааҕы «Күн көмүс көлөһөтө»

УРУУКАП ЧАҔЫЛ СААСКЫТА – 2025 регионнааҕы «Күн көмүс көлөһөтө»

Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну араҥаччылааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларынан, Үөһээ Бүлүү оройуона төрүттэммитэ 90 сыллаах үбүлүөйүнэн, бэйиэт, тылбаасчыт, саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун силиэнэ Семен Титович Руфов аатыгар IV-c төгүлүн «УРУУКАП ЧАҔЫЛ СААСКЫТА» регионнааҕы «Күн көмүс көлөһөтө» айар куттаах хоһоонньуттар көҥүл түһүлгэтэ.

Бүгүн, маннык кэрэ сааскылыы чаҕылхай күҥҥэ, аламай күммүт ордук сылааһынан, сырдыгынан сыдьаайан турар кэмигэр, муус устар 4 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну араҥаччылааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларынан, Үөһээ Бүлүү оройуона төрүттэммитэ 90 сыллаах үбүлүөйүнэн, бэйиэт, тылбаасчыт, саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун силиэнэ Семен Титович Руфов аатыгар IV-c төгүлүн «УРУУКАП ЧАҔЫЛ СААСКЫТА» регионнааҕы «Күн көмүс көлөһөтө» айар куттаах хоһоонньуттары көҥүл түһүлгэҕэ дьону түмтэ.

Өрөгөйдөөх күммүтүн Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим иһинэн тэриллибит «Санаа ситимэ» уус-уран литературнай түмсүү Т. Винокурова – Сабыйа «Уруукап чаҕыл сааскыта» буруолуу сылдьар саҥа хоһоонунан тэрээһин арыллыытын киэргэттилэр.

Тэрээһини Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай оройуон баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы А.М. Уларова, Тамалакаан нэһилиэгин баһылыга П.П. Иванов, С. Руфов уола Максим Семенович Руфов, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим директорын солбуйааччы А.Е. Иванова эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Бу күн улууспут  олохтоохторугар, айар куттаахтарыгар,  Уруукап айымньытын сүгүрүйээччилэригэр, үүнэр көлүөнэ ыччаттарыгар түмсэн, ахтан ааһар, иэйэр куттарын сайа этэр, күөн күрэстэһэр  ураты дьоһун  тэрээһин буолла.

“Күн көмүс көлөһөтө” оскуола оҕолоругар күрэс ыытылынна. «Хоһоон айааччылар күөн күрэстэрэ» диэн авторскай ааҕыыга ааптардар 4 көрүҥүнэн кытыннылар: дойдуга бэриниилээх буолуу, төрөөбүт дойдуга таптал, айылҕа, олох тематыгар аахтылар. Бу авторскай ааҕыыга барыта 7 кыттааччы кытынна. Күрэх түмүгүнэн “Кылаан чыпчаал” аатын ылла Үөһээ Бүлүүтээҕи РЛИ 11 кылааһын үөрэнээччитэ Васильева Виолетта, 1 миэстэ – Ороһу орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Васильева Ванесса, 2 миэстэ – Дүллүкү орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Петрова Айыына, 3 миэстэ – Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Лазарева Иванда, “Кэскиллээх хоһоонньут” анал ааты ылла Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Лукин Марк, “Айар куттаах хоһоонньут” анал ааты ылла Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Семенов Коля, “Иэйии куттаах хоһоонньут” анал ааты ылла Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Корякин Айаал.

“Театрализованнай дьүһүйүү” бөлөҕүнэн ааҕыыга Саха суруйааччыларын айымньыларынан уус-уран ааҕыы буолла. Барыта 8 бөлөх, ол иһигэр 6 оскуола оҕолорун бөлөхтөрө кытыннылар. Күрэх түмүгүнэн оскуола оҕолоругар “Кылаан чыпчаал” аатын ыллылар “Чаҕыл” Тамалакаан орто оскуолатын оҕолоро, 1 миэстэ – Оҥхой сүрүн оскуолатын оҕолоро, 2 миэстэ – “Дьулусхан-2” Үөһээ Бүлүүтээҕи РЛИ оҕолоро, 3 миэстэ – “Дьулусхан-1” Үөһээ Бүлүүтээҕи РЛИ оҕолоро, “Көрөөччү биһирэбилэ” анал ааты Бараахап аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын оҕолоро, “Кыайыыга дьулуур” анал ааты Кэнтик орто оскуолатын оҕолоро, “Кэскиллээх кыттааччы” анал ааты ылла Оҥхой сүрүн оскуолатын үөрэнээччитэ Максимов Айгылаан, “Бастыҥ оруолу толорооччу” анал ааты ылла Кэнтик орто оскуолатын үөрэнээччитэ Саввинов Сахаян. Улахан дьоҥҥо “Кылаан чыпчаал” аатын ыллылар “Айылгы” түмсүү. 1 миэстэ – «Санаа ситимэ» уус-уран литературнай түмсүү ыллылар.

“Көҥүл микрофон” хас биирдии хомуһуннаах хоһоонньуттар түһүлгэлэрэ олус интэриэһинэйдик ааста. Хоһоон куттаах, хоһоону таптыыр мааны ыалдьыттарбыт бэйэлэрин санааларын этэн, хоһооннорун ааҕан дьон сэҥээриитин ыллылар.

“Түөрт көҥүл строка” хоһоон айыыга куоталаһыы буолла. Бэриллибит тиэмэҕэ хоһуйуу куонкуруһугар барыта 18 киһи кыттыыны ылла. Кыттааччылар 20 мүнүүтэ иһигэр А.Г. Гуринов – Арчылан бэйиэт, прозаик, суруналыыс “Бэргэһэ” диэн тиэмэни куйаар ситиминэн биэрдэ. Күрэх дьүүллүүр сүбэтинэн үлэлээтилэр: С. Руфов төрөппүт уола В.С. Руфов, Н.П. Кардашевская – Куттаах “Чэчир” айар түмсүү уонна “Үөдүгэй бөрүөтэ” айар түмсүү чилиэнэ, Д.И. Кононов “Чэчир” литературнай түмсүү салайааччыта. “Түөрт көҥүл строка” хоһоон айыытыгар биир бастыҥ хоһоон быһаарыллан, кыайыылаах хоһоон ааптарынан буолла хоһоонньут Николай Васильев – Харыйалаах уола.

Оҕо сааспын эргитэ

Сытар эргэ бэргэһэ,

Ити аҕам оҕонньор

Хаалан хаалбыт сорҕото.                     Николай Васильев – Харыйалаах уола.

Түмүккэ «Олох тыыннаах, уолбат уоҕа угуйа, үөрдэ туруоҕа» диэн Сэмэн Уруукап эппит тылларынан төгүрүк остуол буолла.  Төгүрүк остуолу иилээн-саҕалаан ыыттылар СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Петр Тобуруокап аатынан түмэл салайааччыта, Сэмэн Уруукап аллар атаһа, доҕоро И.Е. Чычахов уонна киин бибилэтиэкэ специалиһа Мария Адамова.

Куйаар ситиминэн биһиэхэ холбоннулар: СӨ Былатыан Ойуунускай аатынан Литэрэтиирэ түмэлин билим үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Ефросинья Семеновна Ноговицына, Саха норуодунай суруйааччыта, Ил Түмэн дьокутаата, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлин солбуйааччы, учуонай-зоотехник Дмитрий Федосеевич Наумов, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледж саха тылын уһуйааччыта Прасковья Дмитриевна Байанаева, бэйиэт, прозаик, саха тылын уонна литэрэтиирэтин идэлээҕэ, суруналыыс Афанасий Гаврильевич Гуринов – Арчылан, С. Руфов уола, аҕаларын сырдык аатын үйэтитэр пуонда салайаччыта Максим Семенович Руфов, хору төрүттээччи, салайааччы, Саха Республикатын культуратын туйгуна, үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор, дьон сыанабылын ылбыт байыаннай-патриотическай ырыалар автордара Владимир Васильевич Васильев.

Төгүрүк остуолу киэргэттилэр Наталья Ильина Сэмэн Уруукап тылларыгар, Луиза Струкина матыыбыгар «Музыка», Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Үөһээ Бүлүү күөрэгэйэ Вилена Ларионова Сэмэн Уруукап тылларыгар «Төрөөбүт кыраайым», Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Саха Сирин мелодистарын сойууһун чилиэнэ, элбэх ырыалар ааптардара Николай Чуручанов С. Руфов тылларыгар, бэйэтин матыыбыгар «Эр бэрдэ Бүлүүгэ иккистээн эргийдэ», Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын Саксафон кылааһын үөрэнээччилэрэ Арина Касьянова гитараҕа оонньоото Алик Николаев Сэмэн Уруукап хоһоонугар, оҕолор бэйэлэрин матыыптарыгар «Бегемот»

Айар куттаах хоһоонньуттар көҥүл түһүлгэлэригэр улууспут нэһилиэктэриттэн ыалдьыттар барыта 49 оҕо уонна 18 улахан дьон кытыннылар, ол иһигэр 8 түмсүү, 7 биирдиилээн айар куттаах хоһоонньуттар муһуннулар.

«УРУУКАП ЧАҔЫЛ СААСКЫТА» регионнааҕы «Күн көмүс көлөһөтө» айар куттаах хоһоонньуттар көҥүл түһүлгэлэрэ үрдүк таһымнаахтык ааһан дьон-сэргэ биһирэбилин ылла, ыраахтан-чугастан кэлбит кыттааччыларга, ыалдьыттарга махтанабыт. Аныгыс регионнааҕы айар куттаах хоһоонньуттар көҥүл түһүлгэтэ V-с төгүлүн аны икки сылынан ыытыллыаҕа. Баҕарабыт айар үлэҕитигэр ситиһиилэри, саҥа саҕахтары, иэйиилэри

Тэрээһин тухары «Киһи дьоло – кини ТЫЛА» кинигэ быыстапкатын көрүү, кинигэ атыыта буолла.