Главная / Библионовости / Төрүккүн билиэҥ-төлкөҕүн түстүөҥ

Төрүккүн билиэҥ-төлкөҕүн түстүөҥ

Кэнники кэмҥэ дьон-сэргэ төрүччүгэ болҕомтону ууран эрэллэр. Ол курдук, өбүгэлэрин үөрэтэн төрүччүнү салҕааһын, өбүгэ үгэстэрин үйэтитэн, төрүт дьарыктары тилиннэрэн кэнчээри ыччакка хаалларыы биһиги төрөппүттэр ытык иэспит. Оҕо бэйэтин киһи быһыытынан сыана быһарыгар, чөл куттаах, тирэхтээх буоларыгар олук ууруу буолар.
Бүгүн О.Д.Федорова аатынан киин бибилэтиэкэҕэ саҥа кинигэ сүрэхтэннэ.
Кинигэбит аата «Дьоммут үрдүк ааттарыгар сүгүрүйэн» диэн аата да этэрин курдук сүрдээх киэҥ, баай ис хоһоонноох кинигэ. Элбэх ахтыылардаах түһүмэхтэртэн турар, үгүс элбэх хаартыскалардаах.
Кинигэ Дьокуускай куоракка «Дани Алмас» кинигэ издательствотыгар таҥыллан 280 сирэйдээх 50 экземплярынан бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэҕэ тыа сирин сайдыытыгар, холкуос, сопхуос үлэтигэр үгүс сыраларын биэрбит туруу үлэһиттэр, ыал буолан 14 оҕону төрөтөн, олох киэҥ аартыгар таһаарбыт кэргэннии Иванов Афанасий Васильевич – Бурҕаа Охонооһой уонна
Үлэ Кыһыл Знамятын уордьанын кавалера, Дьоруой ийэ Алексеева Мария Степановна тустарынан оҕолорун, сиэннэрин, аймах-билэ дьоннорун махталлаах истиҥ-иһирэх ахтыылара киирдилэр.
Кинигэ 7 түһүмэхтэн турар. Ол курдук, бастакы түһүмэххэ «Өбүгэлэрбит туһунан», иккискэ «Бииргэ төрөөбүттэр ахтыылара», үһүскэ «Кийииттэр ахтыылара», төрдүскэ «Сиэннэр ахтыылара», бэһискэ «Аймахтар ахтыылара», алтыска «Ийэбит күндү быраата Алексеев Матвей Степанович оҕолорун ахтыылара» уонна сэттис түһүмэххэ «Чугас дьоннорун ахтыылара» киирдилэр. Эппитим курдук түһүмэх аайы хаартыскалар киирбиттэрэ кинигэни өссө ситэрэн-хоторон биэрбит.
Бу кинигэни 5 төгүрүк сыл таҥан оҥордулар кыра уол Андрей Афанасьевич кэргэнинээн Вилена Гаврильевналыын. Аҕалара суруйан хаалларбыт Оҥойоон аҕа ууһун төрүччүтүн саҥардан, ситэрэн, саҥалыы тыыннаан бу кинигэҕэ тиһэн киллэрдилэр. Оҥойоон аҕа ууһун тоҕус көлүөнэтэ, ийэлэрин өттүнэн Сылгыһыттар аҕа уустара уон көлүөнэ уонна ийэлээх аҕаларын төрөппүттэрин киллэрэн, уон түөрт оҕо оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ киирдилэр. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.