Главная / Библионовости / Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумов айымньытынан Ноттосов Николай Алексеевич олоҕун, бойобуой суолун сырдатар «Саллаат дьылҕата» тифлоиспэктээк премьерата буолла

Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумов айымньытынан Ноттосов Николай Алексеевич олоҕун, бойобуой суолун сырдатар «Саллаат дьылҕата» тифлоиспэктээк премьерата буолла

Бэҕэһээ О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумов айымньытынан Ноттосов Николай Алексеевич олоҕун, бойобуой суолун сырдатар «Саллаат дьылҕата» тифлоиспэктээк премьерата буолла. Бу тэрээһин маанылаах ыалдьыттарынан Ньукулай Ноттосов ииппит кыыһа Варвара Николаевна Алексеева уонна хаан аймах балта Раиса Ивановна буоллулар.
Саҥа халыыптаах испэктээк биир сүрүн уратытынан ыалдьыттар ачыкы кэтэн олорон кулгаахтарынан эрэ истэллэр. Бу кэмҥэ көстүбэт артыыстар сыты-сымары, ардаҕы, тыалы хас биирдии истээччигэ тиэрдэллэр. Онон эттэринэн-хааннарынан билэн, оччотооҕу олоххо тиийэллэр. Киһи уйулҕатын таарыйар айымньыны харах уулаах иһиттилэр. Кыттыбыт артыыстар улууспут олохтоохторо, ким даҕаны анал идэлээх артыыс буолбатах. Ол эрэн бары оруолларыгар киирэн олус үчүгэйдик оонньоотулар. Бу курдук ураты тыыннаах тифлоиспэктээҕи сэргии иһиттилэр!