Кыайыы 80 сыллаах, улууспут 90 сыллаах Өрөгөйдөрүн иитинэн ыытыллар
О.Д.Федорова аатынан киин библиотекаҕа ыам ыйын 7 күнүгэр,
Аҕа дойду сэриитин 1941-1945 сылларын тыыннаах туоһулара, тулуур, өй-санаа кытаанах хатарыллыытын ааспыт, эстиини-быстыыны туоратыспыт, дьаныардаах үлэлэринэн биһиги дьоллоох олохпутун түстээбит сэрии сылларын оҕолорун кэпсиир «КӨМҮС КӨЛҮӨНЭ» М.Д. Михайлова кинигэтин биһирэмэ ыытылынна.
Аҕа көлүөнэ дьоммутун сылаастык ахтан, махтанан ааһар дьоро күммүтүгэр кыттыыны ыллылар Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.В. Николаев, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Н.Н. Николаев, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыга М.Ф. Силигиянов, физико- математическай билим дуоктара, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей дириэктэрэ, “Саха Кэнгириэһэ” уопсастыбаннай түмсүү бэрэссэдээтэлэ И.И. Шамаев.
Кинигэ биэс чааһа Үөһээ Бүлүү оройуонун дьаһалтатын муниципальнай архивын, история уонна этнография музейын, киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын, олохтоох “Коммунизм сардаҥата” / “Үөһээ Бүлүү”, республика хаһыаттарын, нэһилиэктэр кинигэлэрин матырыйаалларыгар, улуус аҕа саастаах дьонун – сэрии сылларын оҕолорун – үлэ, тыыл бэтэрээннэрин ахтыыларыгар уонна ааптар бэйэтэ хомуйбут сибидиэнньэлэригэр олоҕуран сэрии аччык, ыар сылларыгар улахан дьону кытта тэҥҥэ Улуу Кыайыы туһугар оҕо саастарын билбэккэ үлэнэн эрэ тыыннанан улаатан, онтон эйэлээх олоххо бэйэлэрин харыстаммакка дьүккүөрдээхтик үлэлээн дойдуларын туругурдуспут аҕа көлүөнэ олоҕо суруллубут.
Ааптар урут суруйбут, кинигэлэргэ киирбэтэх уус-уран очеркаларыгар эдэрдэргэ холобур буолар Үөһээ Бүлүү улууһун аҕа саастаах дьонун үлэлэрэ-хамнастара, сиэрдээх олохторо сырдатыллыбыт уонна саҥа санаалары саҕар, толкуйдары тобулар араас сыллардааҕы ыстатыйалара киирбиттэр.