Раиса Ивановна Григорьева Хоро нэһилиэгин олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах учуутала, Үөһээ Бүлүүтээҕи көрбөттөр обществоларын актыыбынай кыттыылааҕа, Эйгэ эбээлэр, Хоро ВОИ общество түмсүүлэрин салайааччыта. Улуу Кыайыы 80 сылын чэрчитинэн И.Н. Егоров – Горнай аатынан республикатааҕы көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр библиотека “Подвиг героев бессмертен” литературнай күрэскэ “Мин аҕам сэриигэ барбыта” хоһоонунан кыттан үһүс степеннээх лауреат үрдүк аатын ылары ситистэ.
Раиса Ивановна аҕата Александров Иван Егорович 1911 c. Нам нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар бастакы хомуурга түбэһэн Кёнигсберг куоракка тиийэ сэриилэспитэ, бааһыран уһуннук госпитальга сытан эмтэнэн баран 1944 сыллаахха төннөн кэлэн дьоллоох олоҕу салгыы олохтоспута, үлэлээбитэ.



Мин аҕам сэриигэ барбыта…
Кыайыы иһин Кыа хаанын тохпута
Бааһырта,өлүүнү хоппута
Уот -силлиэ кутааттан орпута
Мин аҕам үөрэҕэ суох этэ
Суруйбат Да,аахпат Да этэ
Илиитин хаан аҕаан баттыыра
Биир тылы нууччалыы билбэтэ
Кэпсэтэр,суруйар кыаҕа суох
Хайдахтаах эрэйи көрбүтүн
Хаанынан ытаабыт сүрэҕин
Харааста билигин өйдүүбүн
Оҕолоор,үөрэниҥ диэхтиирэ
Үөрэх баар,үлэ баар- дьол диирэ
Бэрт эрдэ турара,бэрт хойут сытара
Үлэлээн,үлэлээн тахсара
Ол сэрии туһунан хаһан Да
Биир тылы ойуулаан эппэтэ
Дьон бэрдэ,бастыҥа өлөрө
Дьоллоохтор ортохпут диэхтиирэ
Биирдэ саа эспэккэ,буулдьанан ыппакка
Туһахтаан,тиргэлээн бултуура
Туу өрөн, илимнээн, күөгүлээн,муҥхалаан
Балыктаах дьиэтигэр кэлэрэ
Тапталбын,махталбын тылбынан
Мин сатаан тиэрдибэт буоллаҕым
Дьол диэни кэс тылгын толорон
Үөрэхтэн, үлэттэн буллаҕым
Сааһыран истэҕим аайытын
Сытыытык аҕабын ахтабын
Бэтэрээн оҕото буоларбын
Киэн тутта сиэннэрбэр кэпсиибин
2025 сыл,кулун тутар ый