Бүгүн киин бибилэтиэкэҕэ «Финансовая грамотность» ол эбэтэр үбү-харчыны сөптөөхтүк туһаныыга анаммыт тустаах миэстэ арылынна. Өрөгөйдөөх арыллыыга куйаар ситиминэн быһа холбонно Дойду киин баанын уһук илиннээҕи сүрүн управлениетын өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай баан управляющайын солбуйааччы Игорь Егорович Назаров, маны тэҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай оройуон баһылыга Валерий Валериевич Николаев, Үөһээ Бүлүү улууһа муниципальнай оройуон баһылыгын экэниэмикэҕэ уонна үпкэ солбуйааччыта Саргылаана Васильевна Алексеева кэлэн эҕэрдэлээтилэр.
Бу кэбиниэккэ налоговай вычет туһунан, финансовай өҥөнөн туһанааччылар бырааптарын көмүскэнэргэ, түөкүттэртэн сэрэхтээх буоларга уонна биллэн турар үбү-харчыны сөпкө туттарга анал специалистар үөрэтиэхтэрэ. Бастатан туран дьиэ кэргэн бүддьүөтүн ааҕарга-суоттуурга, былаанныырга, харчыны мунньарга, уурунарга, кирэдьиити, ипэтиэкэни түргэнник сабарга онтон да атын араас тиэмэлэри таарыйар, кэпсиир, практическай сорудахтарынан чиҥэтиллэр үөрэхтэр барыахтара.




