Главная / Библионовости / Харчыны сөптөөхтүк туһаныы уонна уурунуу туһунан

Харчыны сөптөөхтүк туһаныы уонна уурунуу туһунан

Бэс ыйын 17 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Социальнай көмүскэл управлениетын иһинэн үлэлиир «СЭРГЭХ» аҕам саастаах дьон кэпсэтэр алтыһар кииннэригэр интэриэһинэй көрсүһүү буолла. Ол курдук, О.Д.Федорова аатынан улуустааҕы киин билблиотека специалиһа Татьяна Васильевна Иванова харчыны сөптөөхтүк туһаныы уонна уурунуу туһунан кэпсээтэ, ол эбэтэр финансовай грамотность туһунан сиһилии сырдатта. Билиҥҥи үйэҕэ төлөпүөн уонна куйаар ситимин нөҥүө түөкүттэргэ киирэн харчыларын ууран, ыытан биэрии түбэлтэтэ олус элбэх. Бу маннык хабалаҕа киирбэттэрин туһугар өйдөтүү-сырдатыы үлэтэ барар.
Санатар буоллахха бу бырайыак 2024 сыл ахсынньы ыйыгар, биһиги улууспутугар Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аан бастакы нэһилиэнньэҕэ анаммыт үбү-харчыны сөпкө туттууга үөрэтэр хабыныат Россия Национальнай баанын пилотнай бырайыагын быһыытынан биһиги ааҕар балаҕаммытыгар арыллыбыта.
Сыалынан-соругунан нэһилиэнньэҕэ финансовай культураны олохтооһун уонна сайыннарыы, дьиэ кэргэн үбүн-харчытын сөптөөхтүк туһаныы уонна уурунуу буолар.