Саха омуга үгүс үйэлэри уҥуордаан кэлбит, сүрэҕэр-быарыгар чугастык туппут, айылҕалыын алтыһан этэ-хаана чэпчиир, кута-сүрэ ыраастанар сүрүн бырааһынньыгынан Үрүҥ тунах ыһыах буолар.
Улууспут киинигэр, Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр сырдык күннэр муҥутаан уһаан турар күннэригэр — бэс ыйын 24-гэр уонна 25-гэр быйыл Улуу Кыайыы 80 сылыгар, Арассыыйаҕа Аҕа Дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ Дойдуну көмүскээччи уонна Үөһээ Бүлүү оройуона төрүттэммитэ 90 сылларыгар анаммыт Үрүҥ тунах ыһыах буолан ааста.
О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотека ыһыах бастакы күнүгэр «УРАН ТЫЛ КЫЛААНА – ОЛОҤХО» – Үөһээ Бүлүү олоҥхоһуттарын түһүлгэтин туостан оҥоһуллубут Моҕол ураһаҕа ыытта. Кыттыыны ыллылар Саха сиригэр прикладной искусство сайдыытыгар кылаатын иһин мэдээл хаһаайына, Боотулуу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Васильев Василий Лукич («Хапсаҕай халбас харата»), Бүлүү түбэтин оһуохай күрэхтэрин кыайыылааҕа, “Күн оһуохайа” бырайыак наставнига, А.Д.Филиппов аатынан култуура тэрилтэтин үлэһитэ, “Саһарҕа”оҕо фольклорнай бөлөҕүн салайааччыта, Саха сирин оһуохайга үтүөлээх этээччитэ Семенова Хаар Захаровна (авторскай олоҥхо “Хоро хоһуун бухатыыр”), спорт бэтэрээнэ, художественнай самодеятельность бэтэрээнэ, Саха АССР спордун маастара, Сургуулук нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Алексеев Павел Павлович, Уус-Алдан Өнтөх нэһилиэгиттэн төрүттээх эһэтэ Данилов Иван Иванович-Тойтун Уйбаан олоҥхотун Кэнтик сынньалаҥ киин специалиһа Герасимов Кондратий Федотович уонна София Сидорова аатынан государственнай бэлиэ хаһаайката, СӨ социальнай сайдыыга уонна култуураҕа туйгуннара, Республикаҕа дархан оһуохай этээччи, тойуксут Семенова Валентина Владимировна (авторскай олоҥхо «Куоппат куойбат, Куттаҕаһа суох Күн Дибилитэр бухатыыр») ааҕан көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар. Маны тэҥэ «Олоҥхо эгэлгэлээх эйгэтэ» кинигэ-быыстапка туруордулар.
Бу күн олохтоохтор, ыалдьыттар түһүлгэлээн олорон олоҥхо эгэлгэлээх эйгэтигэр ылларан олус сынньанан, сэргэхсийэн тарҕастылар.








