Главная / Библионовости / 100 лет со дня рождения заслуженного работника культуры ЯАССР, организатора Верхневилюйского музея истории и этнографии Прокопьева Анисима Григорьевича

100 лет со дня рождения заслуженного работника культуры ЯАССР, организатора Верхневилюйского музея истории и этнографии Прокопьева Анисима Григорьевича

Заслуженный работник культуры ЯАССР, отличник здравоохранения СССР. Народный мастер-косторез, ювелир.

            Родился 7 сентября 1925 г. в I Едюгейском (бывшем 1-м Кюлэтском) наслеге Верхневилюйского улуса ЯАССР. Окончил фельдшерско-акушерскую школу (1954 г.). Участник Великой Отечественной войны — командир снайперского отделения. После войны был командиром отдельной полковой школы.

            Работал в медицинских учреждениях. В 1973-1981 г. избирался заведующим отделом культуры Верхневилюйского райисполкома. В 1982 г. на общественных началах организовал в районном центре музей революционной, боевой и трудовой славы, который с 1 января 1990 г. получил статус филиала республиканского музея им. Е. Ярославского.

            Основные произведения: объемная резьба по бивню мамонта: «Разведчики», «Оленья упряжка» (1963); «Проводы невесты» (1969); «Знаменосец» (1989); «Счастливое детство» (1970); «Отряд» (1987); «Нежность» (1992); серия портретов — героев войны (рельефы): «Снайпер Гуляев», «Снайпер Герой Советского Союза Ф. Охлопков», «Снайпер Кульбертинов», «Снайпер-артиллерист, Герой СССР Г.Г. Протодьяконов» (2000); рельефы, мамонтовая кость: «Якутская башня», «Никольская церковь», «Преображенская церковь», «Памятник на площади Победы в г. Якутске», «Символ Севера — мамонт» (2002); ювелирные работы: комплекты женских украшений из серебра (1972, 1982, 1985, 1988, 1989); смешанный материал: «Табакерка», «Комаромахалка» и др.; кузнечное дело: якутские мужские седла (1990, 2000) женское седло (2002); монументальная скульптура: «Матушка-Вилюй» (железобетон, 1967, Верхневилюйск); «Солдат-победитель» (железобетон, Верхневилюйск); «Герой Советского Союза Ф. Попов» (гипс, тонировка); «Герой Советского Союза Н.Н. Чусовской» (гипс, тонировка, 2000); «Герой Советского Союза А. Миронов» (скульптура, гипс, 2000).

            Участник республиканских, зональных, всероссийских выставок народного прикладного искусства Якутии в Москве (1963, 1970, 1988, 1989, 2002), Ленинграде (1983), Хабаровске, Петропавловске-Камчатском (1963), Владивостоке (1985); Якутске (1982, 1990, 2003). Персональная выставка: Якутск (1995).

            Участвовал в международной ярмарке-выставке в Австрии (Вена, 1988). Ряд лет избирался членом райисполкома и райкома КПСС, членом районного Совета ветеранов войны и труда.

            Член Союза художников России (1991).

            Награжден орденом Отечественной войны II степени, боевыми и трудовыми медалями, Почетной грамотой Президиума Верховного Совета ЯАССР, Знаком отличия “Гражданская доблесть” (2005).

Энциклопедия культуры и искусства Якутии /М-во культуры и духов. развития Респ. Саха (Якутия); [сост.: В.А. Босиков, Р.Г. Иванова, Л.М. Корякина].— Кн.1.— Якутск: Бичик, 2011.— С. 406-407. 

Үөлээннээҕим Анньыыһын

            Прокопьев Анисим Григорьевич 1925 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһугар, урукку 1 Күүлэт нэһилиэгэр (билиҥҥитэ Далыр нэһилиэгэ) Сылаҥ түбэтигэр төрөөбүтэ. Кини уонна мин төрөпүттэрбит 1935 с. колхозка киирбиттэрин кэннэ, бастаан, «Мөрөөйү», онтон «П. Осипенко» аатынан колхозка 8-9 сааспытыттан оҕус сиэтиитигэр, хортуоппуй үүннэриитигэр үлэлээн барбыппыт. Кини төрөппүттэрэ: аҕата Киргиэлэй, ийэтэ Аана колхоз стахановец, удаарынньык үлэһиттэр этилэр. Анисим биһикки Далыр оскуолатыгар төрдүс кылаастан бииргэ үөрэммиппит. Сэрии саҕаланар 1941 сылыгар сэттис кылааһы бүтэрбиппит, олус тапсарбыт, истиҥник доҕордоспуппут. 7-8 биэрэстэлээх сиртэн сатыы сылдьан үөрэммиппит, уруокпутун бииргэ бэлэмнэнэрбит. 1941 сыл Далыр оскуолатын бүтэрбиттэртэн түөрт буолан, ол иһигэр Анисим биһикки, күһүн Бүлүү педучилищетыгар экзамен туттарсан үөрэнэ киирбиппит. Ону баара сэрии саҕаланан Анисим, ыал соҕотох оҕото буолан, дьонун кытта бииргэ олоро түһээри, аргыс көстүбүтүгэр үөрэҕин быраҕан дойдулаан хаалбыта.

            Анисим оскуола оҕото эрдэҕиттэн күүс өттүнэн бэйэтин кыанар, атаҕынан кытыгырас, көрсүө-сэмэй оҕо этэ. Оччоттон уруһуйдьут талааннааҕа.

            Мин педучилищеҕа үөрэнэ сырыттахпына, 1943 сыл саас, Анисим армияҕа ыҥырыллан барбыта. Бүлүү биэрэгиттэн пароход палубатыгар турарын көрөн хаалбытым.

            Кини сулууспатын Тас Монголияҕа саҕалаабыта. Бастаан автоматчик этэ. Сотору командование, кини туйгуннук ытарын бэлиэтии көрөн, снайперскай сборга ыыппыт. Сбору ситиһиилээхтик бүтэрэн, снайпер диэн ааты ылан, урукку чааһыгар төннүбүтэ. Онтон сотору буолан баран, Анисимы бастайааннай үлэлиир снайперскай сборга төттөрү ыҥыран ылаллар уонна отделение командирынан, ефрейтор званиетын биэрэн туран, аныыллар. Бастакы сборга түөрт снайперы иитэн таһаарбытын кэннэ, ол саллааттары фроҥҥа атаараллар, бэйэтин младшай командиры үөрэтэн таһаарар полковой оскуолаҕа ылаллар. Ону бүтэрэн младшай сержант званиелаах эмиэ саҥа тэриллибит снайперскай сборга фашистскай Германия үлтүрүтүллүөр диэри быыстала суох үлэлээн, элбэх снайпердары үөрэтэн таһааран фроҥҥа атаарбыта. Ити уһун кэмнээх, бэриниилээх сулууспатын учуоттаан, командование аатыттан төрөппүттэригэр «Махтал сурук» ыыппыттара. Ол суруктара, оччолорго, оройуон хаһыатыгар бэчээттэнэн турар.

            Япония милитаризмын утары сэриигэ хааннаах хапсыһыыларга Прокопьев көхтөөхтүк кыттар. Хаста да харса суоҕун көрдөрбүтүн иһин «За отвагу» уонна «За боевые заслуги» мэтээллэринэн наҕараадаланар. Биирдэ бааһырар. Сэрии кэнниттэн Анисим армия кэккэтигэр өссө үс сыл сулууспалаабыта, буолаары буолан, морской пехота чаастарыгар.

            1948 сыллаахха армияттан босхолонон баран, икки сыл культура эйгэтигэр библиотека, кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, сэрии кэмигэр быста дьадайбыт льонун атахтарыгар туруорбута.

            Онтон республикаҕа киэҥник биллэр геронтолог быраас Л.А. Львов уонна биир дойдулааҕа, фронтовик, райздрав сэбиэдиссэйэ Я.Ф. Алексеев сүбэлэринэн, 1950 сылга Дьокуускайдааҕы фельдшерскай-акушерскай оскуолаҕа үөрэнэ киирэр. Кини ити үөрэнэр сылларыгар үчүгэй үөрэҕин таһынан, коммунист, активнай общественнай үлэһит быһыытынан биллибитэ. Түөрт сыл устата оскуола комсомольскай тэрилтэтин секретарынан үлэлээбитэ, оскуола педсоветын чилиэнэ этэ. Ону таһынан уопсай дьиэ старостатынан, «Медик» эркин хаһыат редакторынан быыстала суох үлэлээбитэ.

            Медик идэтин ылыаҕыттан, 19 сыл тухары, Анисим Григорьевич төрөөбүт оройуонугар тахсыылаахтык уонна бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Аан бастаан Мэйик нэһилиэгэр Төбүрүөҥҥэ медпуну аһан үлэлэппитэ. Оччолорго суол-иис мөлтөҕөр, транспорт суоҕар, сибээс куһаҕаныгар фермалар, учаастактар көстөөх сирдэринэн ыһыллан олорор кэмнэригэр, саҥа үлэлээн эрэр биэлсэргэ олус ыарахан этэ. Ол кэмҥэ биэлсэр «универсал» буолара, хайа баҕарар бырааһы солбуйара. Оҕо төрөтүүтүн этиллибэт даҕаны. 50-с сылларга сэллиги, трахоманы, илиистиги утары охсуһуу, кинилэри имири эһии комплекснай үлэлэргэ саамай күүстээхтик ыытыллыбыт кэмнэрэ этэ. Анисим Григорьевич бэйэтин нэһилиэгэр чахчы үчүгэй үлэни ыыппыта. Ол сылларга Мэйиккэ, сайын 3-4 биэни тутан, сэллик ыарыһахтарга, стационар ыалдьааччыларыгар кымыһы иһэрдэллэрэ. Ол биллэрдик көмөлөспүтэ. Ити сылларга бэйэтэ бырайыактаан, сүүрэн-көтөн медпуун саҥа дьиэтин туттарбыта. Сорох ийэлэр барахсаттар ыараханнык оҕолонон, бэйэлэрин уонна оҕолорун быыһаабытын иһин махтанан, эмчиттэрин чиэстээн Анисим диэн ааты оҕолоругар иҥэрэллэрэ. Ол билигин, Анисим кырдьан олорон, саныырыгар олус үчүгэй. Ол сылларга киниэхэ, эдэр медиккэ, көмө, сүбэ-ама буолбут Мэйик оччотооҕу салайааччыларыгар, сельсовет председателигэр В.П. Васильевка (Балла Баһылай), колхоз председателигэр, И.Д. Анисимовка, кини солбуйааччытыгар Н.Г. Александровка махтала улахан.

            Үс сыл буолан баран, 1957 с. Анисим Григорьевиһы Хороҕо көһөрбүттэрэ, үс куойкалаах ФАП-ка. Манна, кини опытыран уонна оройуон киинин баттаһа сытар нэһилиэккэ буолан, үлэтэ арыый чэпчээбитэ. Эмиэ бэйэтин бырайыагынан 10 куойкалаах балыыһа дьиэтин тутууну саҕалаабыта. Анисим оройуоҥҥа киирбитин кэннэ, балыыһа тутуута бүппүтэ. Ол дьиэҕэ участковай балыыһа билигин да үлэлии турар. Хороҕо үс сыл үлэлээн баран, Дьокуускайга тиис оҥорор техниктэр курстарыгар үөрэммитэ. Онтон Үөһээ Бүлүүгэ 13 сыл устата үлэлээн дьон-сэргэ махталын ылыан ылбыта. Төрүт уус дьоҕурдаах буолан, тииһи да оҥорууга улахан сатабыллааҕа, киниэхэ тэҥнээҕэ аҕыйах буолуо.

            Онон өр сыллаах эҥкилэ суох үлэтин иһин 1972 с. «ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна» бочуоттаах аакка тиксибитэ.

            Анисим Григорьевиһы 1973 с. культураҕа чугас сыһыанын уонна тус бэйэтэ уус-оҥоһуктарга талаанын учуоттаан, райисполком культураҕа отделын сэбиэдиссэйинэн өрө таһаарбыттара. Бу эппиэттээх үлэҕэ тоҕус сыл устата үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, оройуоҥҥа улахан авторитетынан туһаммыта. Кини, оройуон историятыгар культура отделыгар сэбиэдиссэйинэн уһуннук үлэлээбиттэртэн биирдэстэрэ. Ону киниэхэ «Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ» үрдүк аат иҥэриллибитэ даҕаны туоһулуур.

            1980-1990 сылларга Анисим Григорьевич, пенсияҕа тахсан баран, аны оройуон музейын тэрийбитэ, атаҕар туруорбута. Дьиэтин туттарбыт улахан өҥөлөөх. Музей общественнай бэрээдэгинэн үлэтин саҕалаан баран, билигин государственнай статустаах музей буолан үлэлии турар.

            А.Г. Прокопьев айылҕаттан бэриллибит талаана, оҕо эрдэҕиттэн иитиэхтээбит хос идэтэ уруһуй буолар. Кини оҕо сааһыттан биэнсийэҕэ тахсыар диэри плакаттан, лозунтан саҕалаан оскуолаларга, фермаларга, оройуон киинигэр Үөһээ Бүлүүгэ, ДьФАШ-ка төһөлөөх көрдөрүүлээх агитацияны оҥорбутун быһаарар кыах суох, арай, айбыт бэйэтэ билэн эрдэҕэ.

            Мин кини Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа 60-с сылларга монументальнай пропаганданы саҕалааччынан буолбутун туоһутабын. 1963 сылтан 1967 сыл бүтүүтүгэр диэри, биэс сыл устата, мин Үөһээ Бүлүүгэ бастаан Бүлүүтээҕи сельскэй производственнай партком (икки оройуон холбоспут кэмэ) секретарын солбуйааччынан, онтон Үөһээ Бүлүү райкомун иккис секретарынан үлэлии олорон идеология боппуруостарын салайбытым.  Ол 1965-1967 сылларга оройуоҥҥа монументальнай пропаганда көрүҥнэрэ (стелалар, статуялар) оҥоһуллан барбыттара. Олортон саамай бөдөҥнөрө, искусство айымньытыгар киирсэр ис хоһоонноохторо «Хотун Бүлүү» монумент буолар. Улуу Өктөөп революциятын 50 сыллаах үбүлүөйүн көрсө оройуон историятыгар кинигэ суруйуутугар уонна киинэ оҥоһуутугар үлэ саҕаламмыта, итиэннэ улуу үбүлүөйгэ аналлаах монументальнай пропаганда көрүҥэр конкурс биллэриллибитэ. Онуоха мин тэрийэр комитет председателэ этим. Хас да бырайыак киирбититтэн Анисим Григорьевич уонна Егор Крылатов оҥорбут эскизтэрэ талыллыбыта. Үлэ сааһы, сайыны быһа барбыта итиэннэ бырааһынньык иннигэр, алтынньы саҥатыгар, бүтэриллибитэ. Ол памятник билигин да бэркэ турар. Бүлүү өрүс, кини алмааһын символын быһыытынан Саха сирин үрдүнэн киэҥник биллэр, почтовай конверга бэчээттэнэн бүтүн Союзка тарҕаммыта. Билигин санаатахха, итэҕэспит диэн, кинини үрдүк, көстүүлээх сиргэ туруорбатахпыт эбит. Кэлин, Улуу Кыайыы 50 сылыгар анаан, улуус Аҕа дойдутун сэриитигэр охтубут буойуннарын ааттарын тааска, тимиргэ тиһэн, оҥорон таһаарбыта эмиэ кини төрөөбүт улууһугар бэлэҕэ буолар.

            1991 сыллаахха Анисим Григорьевич ССРС худуоһунньуктарын союһун чилиэнинэн ылыллыбыта.  Кини муосчут, норуот маастарын быһыытынан киэҥник биллэр, элбэх республиканскай, российскай, союзнай быыстапкалар кыттыылаахтара. Кэлиҥҥи кэмнэргэ кини үрүҥ көмүстэн үлэлэрэ, ат тэрилин курдук ханна да хатыламмат уһулуччулаах оҥоһуктара Италияҕа, Францияҕа, Австрияҕа уонна Германияҕа ситиһиилээхтик көрдөрүллүбүттэрэ.

            Анисим Григорьевич олох араас проблемаларыгар тэптэрэн бэйэтин, айылҕаттан бэриллибит худуоһунньук, уус-уран талаанын толору арыйбакка, норуотугар ситэ көрдөрбөккө эрэ, кырдьан эрэр диэн тус бэйэм улаханнык хомойобун. Бэйэтэ да оннук саныыра буолуо диэн сабаҕалыыбын. Ол эрэн, кини билигин да чэгиэн, өлүөр, сэргэх, бэйэтин талаанынан, санаатын баҕатынан элбэҕи, туһалааҕы уһанар, айар.

            Доҕорум Анисим Григорьевич, «ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна», «Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ», ССРС худуоһунньуктарын Союһун чилиэнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Аҕа дойду сэриитин II степеннаах орденын кавалера, элбэх бойуобуой мэтээллэрдээх, көмүс, мас ууһа, муосчут, скульптор, элбэх оҕо аҕата, эһэтэ, хос эһэтэ Дьокуускай куоракка чөл доруобуйалаах олорор.

Николай Никитич ЯКОВЛЕВ,

сэрии, үлэ, компартия ветерана,

СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,

республиканскай суолталаах пенсионер,

Абый уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын бочуоттаах олохтооҕо.

Прокопьев А.Г. Кырдьарга бокуой суох.— Дьокуускай: Сайдам, 2010.— С. 4-8.

Айбыт аҕам туһунан тэттик санаалар

            Бүлүү өрүс… Хотун Бүлүү… Бу Бүлүү өрүс символа буолбут монумены Бүлүү сүнньүн олохтоохторо эрэ буолбакка Саха дьоно үксэ билэр, ону ааһан Үөһээ Бүлүүгэ сылдьыбыт Россия, омук да сирин дьонноро бары сөҕө-махтайа көрөллөр. Дэлэ сөхпүттэригэр, казах делегацията бу сүҥкэннээх бетон оҥоһугу «величественный монумент из гранита» диэхтэрэ дуо.

            «Хотун Бүлүү» биһиги аҕабыт биир саамай биллэр-көстөр, аатырбыт үлэтэ. 2004 сыл сааһыгар Сунтаартан төрүттээх Н. Михалева-Сайа «Кэпсиэ» программатыгар: «Хайа да омук улуу пааматынньыгынааҕар «Хотун Бүлүү» монумены ордук саныыбын» диэн истиҥ, иһирэх тыллары эппитэ, аҕабытыгар эрэ буолбакка биһиэхэ, оҕолоругар, аймахтарыгар, билэр дьонугар-сэргэтигэр барыбытыгар күндүтүк иһиллибитэ.

            Саха сиригэр, мин саныахпар, Үөһээ Бүлүү курдук элбэх пааматынньыктаах бөһүөлэк аҕыйах буолуо. Олору биир-биир ааттыыр буоллахха маннык: Кыайыы 20 сылыгар, Хотун Бүлүү, Кыайыы 30 сылыгар пааматынньыктар, Кыайыы 35 сылыгар аналлаах Кыайыы болуоссатыгар стелла, оройуон биллиилээх дьонноругар аналлаах аллеяҕа бюстар, пааркаҕа Кыайыы 40 сылыгар аналлаах стелалар. Бу барыта биһиги аҕабыт үтүөтэ-өҥөтө, уһун сылларга сыралаах үлэтин түмүгэ.

            Маны таһынан аҕабыт куруук дьон бюстарын оҥорор идэлээх. Биһиги оҕолор туой эллиирбитин, киэп сыбаһарбытын, нарылыырбытын бу баардыы өйдүүбүн. Олортон биир саамай өйдөөн хаалбытым — М.М. Герасимова, ыарахан, уһун ыарыыттан эрдэ олохтон туораабыт мин бастакы тапталлаах учууталым бюһа этэ.

            Оҕо сааһым биир чаҕылхай өйдөбүлэ — Кыайыы күнэ. Оччолорго Үөһээ Бүлүүгэ Кыайыы бырааһынньыгын миитинэ «Улуу Кыайыы 20 сыла» пааматынньык аттыгар буолара. Бүлүү биэрэгэ, аҕам оҥорбут памятнигын тэллэҕэр веноктар, А. Дмитриева толоруутугар «Тыыннаахтар умнубат сыллара», «Вспомним всех поименно…» диэн Р. Рождественскай тыллара өйбөр-санаабар дириҥник иҥпиттэр, умнуллубат өйдөбүл буолбуттар. Чороччу улаатан эрэр оскуола оҕото кыайыы хайдахтаах курдук ыарахан сыананан тиксибитин онно өйдөөбүтүм, этим-сааһым аһыллыар, куйахам ытырбахтыар диэри күүскэ ылыммытым… Кэлин улаатан баран, бэл, Ленинград, Ладога курдук сэрии ыар тыына илэ биллэр сирдэригэр сылдьан оччотооҕу оҕо эрдэҕинээҕим курдук уйадыйа долгуйарбын өйдөөбөппүн, искусство күүһэ диэн ордук чаҕылхай, сүдү дьайыылаах буолар эбит.

            Билигин аҕабыт төһө да сааһырдар айар-тутар идэтиттэн арахпат. Бу сайын уолаттарынаан, скульптор сиэнинээн государственнай, политическай деятель Юрий Николаевич Прокопьев аатын үйэтитэргэ анаан, Саха сирин Правительствотын сакааһынан, граниттан памятник оҥорон-чочуйан бүтэрдилэр.

Кыра кыыһа Альбина Даниловна МИХАЙЛОВА,

СГУ киин библиотекатын ааҕар саалатын сэбиэдиссэйэ.

Балаҕан ыйын 12 к., Дьокуускай. 2005 с.

Прокопьев А.Г. Кырдьарга бокуой суох.— Дьокуускай: Сайдам, 2010.— С. 38-39.

Саллааттар быыстапкалара

            … Сэрии уонна үлэ ветераннарын республикатааҕы сэбиэтэ (председатель — саппаас полковнига А.Л. Дохтуров) Кыайыы 58 сылын алтыһа Бэчээт дьиэтин дьоҕус саалатыгар гвардеец саллааттар, уран тарбахтаах уустар Ф.П. Догоров, А.Г. Прокопьев айар быыстапкаларын тэрийдэ. Кырдьаҕастар остуолга эрэ туруоруллар дьоҕус үлэлэрин көрдөрдүлэр. Саха устудьуоннара, интеллигенцията барыта сылдьар А.С. Пушкин аатынан национальнай библиотекаҕа күн бүгүнүгэр диэри столярдыыр Федор Петрович оҥорбут остуолун, олоппоһун, оронун, ыскаабын барытын туруордахха, ханнык да улахан саалаҕа баппат балаһыанньа буолар. Онтон Анисим Григорьевич «Хотун Бүлүү» диэн үс киһи үрдүктээх монуменын Үөһээ Бүлүүттэн хайдах сүгэн-көтөҕөн аҕалыаҥый? Саамай үчүгэйэ — Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх автордар иккиэн чэп-чэгиэннэр, доп-доруобайдар, Кыайыы 60 сылыгар тиийэбит диэн бигэ санаалаахтар. Бастакы күн наҕараадаларын кэтэн кэлбиттэрэ — түөстэригэр күн күлүмнүү оонньуур! Иккиэннэригэр саллаат киэн туттуута «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллэр кылапаччыһаллар. Ол аата, биһиги дьоммут уот сэрии ортотугар сырыттахтара!

            … Анисим Григорьевич Прокопьев аата айар эйгэҕэ биллибитэ ыраатта. ССРС Худуоһунньуктарын союһун чилиэнэ, САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, муосчут, скульптор,  уруһуйдьут, көмүс ууһа. Сэриигэ снайпердары үөрэтэр оскуолаҕа инструктордаабыт. Барыларыттан бастыҥ буолан учууталлаатаҕа. Кини таба ытарга уһуйбут сүүһүнэн снайпердара тыһыынчанан өстөөҕү сууһардахтара. Кыраҕы харахтаах, бинтиэпкэ хас биирдии деталын тарбаҕын төбөтүнэн имэрийэн билэр худуоһунньук Анисим Прокопьев саама  й улахан үлэтэ Үөһээ Бүлүүгэ туруорбут «Хотун Бүлүү» монумент буолар. Бүлүү өрүскэ алмааһы арый   ааччыларга анаммыта. Кырдьаҕас саллаат Улуу Кыайыы 60 сылын көрсө бу сүдү үлэтин металтан хаттаан оҥорон, өрүһү көрөн турар гына туруоруоҕун баҕарар. Оччоҕо Бүлүү өрүс устун борокуотунан устан иһэр хас биирдии киһи «Хотун Бүлүүнү» көрөн, сүгүрүйэн ааһыа этэ. Эбэ хотуну тайаан сытар 4 улуус уолаттара сэриигэ баралларыгар умсаахтыы оонньообут Бүлүүлэринэн уһуннахтара, сорох-сорохторо бүтэһик айаннара буолллаҕа. Оччоҕо бу монумент кинилэри атаара хаалбыт Ийэлэрин курдук буолуо этэ…

Александр ВАСИЛЬЕВ-КӨРДҮГЭН.

«Кэскил» хаһыат, 2003 сыл, бэс ыйын 3 к., 3-2-с стр.

г. Якутск, Театр оперы и балета им. Суорун Омоллоона, 2013 г.