Главная / Библионовости / ССРС, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуннара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Тимофеева Ульяна Терентьевна 95 сааһын туолла

ССРС, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуннара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Тимофеева Ульяна Терентьевна 95 сааһын туолла

Бүгүн, балаҕан ыйын 10 күнүгэр, ССРС, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуннара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин”, “В. И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллэринэн бэлиэтэммит, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайката, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Учууталлар учууталлара, элбэх кинигэлэр, ыстатыйалар ааптардара Ульяна Терентьевна Тимофеева 95 сааһын туолла.

Ульяна Терентьевна улуустааҕы О. Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэ ыытар тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар күүтүүлээх ыалдьыппыт буолар. Кини ылыннарыылаах тыллаах үтүө сүбэһиппит, аҕа табаарыспыт, актыыбынай ааҕааччыбыт.