Алтынньы 15 күнүгэр, О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа Саха сирин ийэлэрин күнүн көрсө
“Күн-ийэм алгыһын ыламмын” улууспут талааннаах, ситиһиилээх күн күбэй ийэлэрин кытта бырааһынньыктааҕы истиҥ-иһирэх көрсүһүү ыытылынна.
Көрсүһүүбүт дьоруойдарынан буоллулар:
Дария Кардашевская – Отончоон диэн анал ааттаах эдэр хоһоонньут, Үөһээ Бүлүү “Чэчир” литературнай түмсүү чилиэнэ, 4 оҕо тапталлаах ийэтэ.
Иккис ыалдьыппыт Оҕо искусство оскуолатын хоровой кылааһын уһуйааччыта, СӨ культуратын туйгуна, Норуот уус уран айымньытын сайыннарыыга кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына, 5 оҕо ийэтэ Ньургустана Даниловна Бугулова оҕолорунаан кэлэн ыллаан-туойан тэрээһини киэргэттилэр.
Үһүс ыалдьыппытынан буолла сүрдээх талааннаах, уруһуйдуур, хоһооҥҥо да холонор Вера Алексеевна Хобусарова – Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит бухгалтерия суот-учуот бөлөҕүн салайааччыта, улуус дьахталларын сэбиэтин президиумун чилиэнэ, 3 оҕо тапталлаах ийэтэ.
Вера Алексеевна охта отонуттан утах оҥорон аҕалан көрөөччүлэри күндүлээтэ.
Төрдүс кэрэчээн ыалдьыппыт олус талааннаах эдэр ийэ, кыыс оҕо тапталлаах ийэтэ Марина Георгиевна Петрова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Музыка үрдүкү оскуолатын выпускницата, Оҕо искууство оскуолатын фортепиано кылааһын уһуйааччыта.
Марина фортепианоҕа улуу композитордар айымньыларын оонньоон дьон биһирэбилин ылла.
Бэһис ыалдьыппыт Надежда Николаевна Прокопьева – Харыстаана, СӨ уонна РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Балаҕаннаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, нэһилиэк депутата, “Балаҕаннаах бэтиэхэлэрэ” көр-күлүү народнай мини-театрын артыыһа, Нам нэһилиэгин “Бичийэ” уонна республиканскай “Уран тыл оһуора” литературнай түмсүүлэр чилиэннэрэ, 4 оҕо тапталлаах ийэтэ.
Надежда Николаевна бу күн саҥа икки дьоһуннаах кинигэлэрин “Иэйиим алгыһа” уонна “Олоҕу таптыахха” сүрэхтээн, дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрдэ.
Алтыс ыалдьыппыт дэгиттэр талааннаах, сатаабатаҕа суох, араас оҕуруонан дьэрэкээн киэргэллэри, симэхтэри оҥорор, ыллыыр, үҥкүүлүүр, уруһуйдуур, гитараҕа оонньуур, айылҕа күндү таастарынан араас дьэрэкээн оҥоһуктары оҥорор мастерской хаһаайката, Үөһээ Бүлүүтээҕи И.С. Семёнов аатынан народнай театр артыыската, 6 оҕо тапталлаах ийэтэ Анна Олеговна Ефремова – Анна Таас ыалдьыттаата.
Сэттис ыалдьыппыт кэрэ куоластаах, бары биһириир ырыаһыппыт “Ыллыкчаан” оҕо уһуйаанын музыкаҕа уһуйааччыта, икки оҕолоох дьиэ кэргэн мааны ийэтэ Марина Иннокентьевна Борисова.
Марина Иннокентьевна бу күн ылбаҕай ырыаларынан кэлбит ыалдьыттар куттарын тутта.
Ахсыс ыалдьыппыт айар тыл маастара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Тобуруокап көмүс күһүнүн Дани Алмас күрэҕэр 2 миэстэлээх, “Чэчир”, “Үөдүгэй бөрүөтэ” литературнай түмсүү чилиэнэ, улуустааҕы “Ийэ тыл” общественнай түмсүү салайааччыта, нуучча тылын уонна литературатын учуутала, 5 оҕо тапталлаах ийэтэ Антонина Гаврильевна Хобусарова.
Талааннаах, элбэх оҕолоох, үлэни өрө туппут улуус бастыҥ ийэлэрин
Үөһээ Бүлүү улууһа муниципальнай оройуон баһылыга Николаев Валерий Валерьевич эҕэрдэ суруктарын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Михайловна Уларова истиҥ-иһирэх тылларынан эҕэрдэлээн туран туттарда, сибэкки дьөрбөтүн бэлэх уунан бу дьоро күнү өссө киэргэттэ, ийэлэри долгутта.








