Үөһээ Бүлүү улууһугар сэтинньи 6 күнэ – “БИҺИРЭМ ТЫЛ КҮНЭ”
Төрөөбүт Иҋэ тылбыт хараанньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы төрөөбүт күнүгэр, төрдүс төгүлүн ыытыллар “Дапсы дьыктаанын» суруйууга барыгытын ыҥырабыт.
Ханнык да атын улуу төрөөбүт тылгын солбуйбат, төрөөбүт тылгыттан ордук, күндү буолбат.
Дапсы
Буолар бириэмэтэ: сэтинньи 6 күнүгэр, күнүс 3 чаастан.
Сыала соруга: Ийэ тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтии, төрөөбүт тылбытын өрө тутуу. Ыччаты төрөөбүт тылы харыстыырга угуйуу, үөрэтэргэ тардыы.
🔺 Дьыктааны суруйууга сааһынан хааччаҕа суох ким баҕалаах кэлэн кыттар.
🔺 Уруучукаҕытын илдьэ кэлэҕит 🖊️🖊️🖊️
🔺 Дьыктааны суруйуу сыаналанар, ол түмүгүнэн Добун сурук уонна Туоһу сурук туттарыллар.