Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, Төрөөбүт Иҋэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, П.А.Ойуунускай аатынан бириэмийэ туһааннааҕа, биһиги биир дойдулаахпыт, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы төрөөбүт күнэ.
Бу кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, 2022 сылтан улууспутугар Дапсы дьыктаана тохтобула суох ыытыллар.
Бүгүн, дьыктаан суруйуута бары нэһилиэктэргэ ыытылынна. Бэлиэтээн эттэххэ Дапсы дьыктаанын сыл аайы 200-тэн тахса киһи суруйар.
Дьыктаан сыалынан-соругунан Мэхээлэ Бөтүрүөбүс-Дапсы үөрэҕин тарҕатыы, саха тылын билиини чиҥэтии, сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы, таба суруйар таһымы үрдэтии буолар.
Кыттааччылар туоһу уонна үчүгэй, туйгун сыанаҕа суруйбуттар добун суругунан бэлиэтэннилэр.
Төрдүс төгүлүн ыытыллар Дапсы дьыктаанын Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, «XXI үйэ учуутала», «Арассыыйа үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ», «Үөрэнээччилэр билиниилэрин ылбыт учуутал» анал бэлиэлэр хаһаайына, «Учуутал-наставник-2023» күрэх кыайыылааҕа
Альбина Макаровна Алексеева аахта.
Эһиил Дапсы 90 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллара күүтүллэр.
Маны тэҥэ кэлбит кыттааччылар X-нус төгүлүн ыытыллар үбүлүөйдээх Улахан этнографическай дьыктааҥҥа кытыннылар.
Күннээҕи олохпутугар туттуллар киирии тыллары сахатытан, кэпсэтэр тылбытын имитэн ийэ өйбүтүн уһугуннарыхха, өбүгэбит ситимин салгыахха, саха буолан сандаарыахха!





