Главная / Библионовости / Ааҕар балаҕаҥҥа – Дапсы дьыктаана

Ааҕар балаҕаҥҥа – Дапсы дьыктаана

Сэтинньи 6 күнүгэр, Төрөөбүт Иҋэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, П.А.Ойуунускай аатынан бириэмийэ туһааннааҕа, биһиги биир дойдулаахпыт, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы төрөөбүт күнэ.
Бу кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, 2022 сылтан улууспутугар Дапсы дьыктаана тохтобула суох ыытыллар.
Дьыктааҥҥа 21 нэһилиэк кыттыыны ылла, уопсайа 278 киһи суруйда. Бэлиэтээн эттэххэ Дапсы дьыктаанын суруйуу сыл аайы элбээн иһэрэ кэрэхсэбиллээх.
Кыттааччылар туоһу уонна добун суругунан бэлиэтэннилэр.